Мэҥэ Хаҥалас улууһун Суолатыгар Федор Семенович Никитин диэн айылҕаттан айарга-тутарга анаммыт мындыр өйдөөх мэхэньисээтэр баара.
edersaas.ru.
Кини өссө 1954 с. холкуоска илии ыарахан үлэтин чэпчэтэр араас саҥа ньымалары, тэриллэри толкуйдаан, олоххо киллэрбитэ.Түөрт учаастактаах бөдөҥсүйбүт «Хомуньууһум» холкуос салалтата үлэни чэпчэтиигэ элбэх саҥаны айбыт рационализаторы мэхээнньигинэн анаабыта. Онон, сүөһү иитиитигэр мэхэньисээссийэни киллэриигэ бары талаанын-дьоҕурун ууран, айымньылаахтык үлэлээбитэ. Салгыы Суола биригээдэтин сэбиэдиссэйинэн уһун сылларга таһаарыылаахтык салайбыта. Федор Семенович оччолорго айбыт элбэх оҥоһуга билигин даҕаны тыа сиригэр көдьүүстээхтик туһаныллыахтарын сөп, биирдиилээн бытарыйбыт хаһаайыстыбаларга талбыт курдук тиэхиньикэлэрэ суох. Мин олортон бүгүн түөрт холобуру кэпсиэхпин баҕарабын.
Холкуос ууһа Максим Кириллович Ксенофонтовка тимир буочуканан чох ылар оһоҕу оҥорбута. Буочука үөһээҥҥи хаппаҕын ылан баран, түгэҕин тэһитэ охсон, сиидэ курдук оҥорбута уонна 30-40 сантиметр үрдүктээх тимир атахха туруорбута. Бу буочука иһигэр хайдыбыт маһы килиэккэлии ууран уматыллар, умайан бүттэҕинэ, тыын тахсыбат гына сабыллар. Оччоҕуна, оттуллубут мас 65-70 бырыһыана чох буолар. Маннык оһох уустарга олус наадалаах итиэннэ маска даҕаны бэрт барыстаах этэ.
Моорук алын кылаастаах оскуолатын тутуутугар бэрэбинэ маһын оҕуһунан үөһэ таттаран таһаарар лэбиэккэни оҥорон, үлэһиттэр сыраларын улаханнык чэпчэппитэ. Ону маннык оҥорбута. Икки миэтэрэ усталаах, балтараа миэтэрэ туоралаах, биэс миэтэрэ үрдүк атахтаах сыарҕаны оҥорбута. Сыарҕа атаҕын үөһээ өттүгэр баар оруолугунан синньигэс торуос сүүрэр. Ол торуос блокка холбонор, блогу лэбиэккэ эрийэр. Лэбиэккэни оҕус тардан үөһэ таһаарар. Бу сыарҕаны дьиэни тула эргитэ сылдьан, ханна наадалаах сиринэн үлэлэтиллэр. Соҕотох киһи тастан туох да көмөтө суох биир күҥҥэ 20-25 бэрэбинэни төрүт холкутук үөһэ таһаарар. Тутааччылар Никиитин лэбиэккэтин олус биһирээбиттэрэ, балачча уһун сылларга туттан абыраммыттара.
Ньирэй үүтү иһэригэр иһиттэн омурдарын оннугар, айылҕатын быһыытынан эмэрэ кини доруобуйатыгар туһалааҕа биллэр. Ити эрээри, ньирэйи суоскалыыр олус бытаан буолар, киһи поилкалаах суоскалары эр-биир тутан туран, биир кэмҥэ икки ньирэйи эмтэрэр. Ити иһин, Федор Никитин сэттэ ньирэйи эмтэрэр ыстаныагы толкуйдаан, аан бастаан холкуос пиэрмэтигэр ньирэй көрөөччү Саталина Скрябинаҕа уонна Александра Ермолаеваҕа оҥорон биэрбитэ. Ыстаныак оҥоһуута эмиэ судургу: 160 см үрдүктээх атахха (лаабыска) олордуллубут мас дьааһык үрдүкү айаҕа сэттэ сиринэн субуруччу үүттэнэр. Ол үүттэргэ ньирэй суоскалаах поилката олордуллар. Үүтү поилката кутан, суоскатын кэтэрдэн баран, ньирэй эмэригэр сөп буолар гына, таҥнары эргитэн биэрэр иэччэхтээх. Ньирэй эмэн бүттэҕинэ, суосканы өрө эргитэн кэбиһиллэр. Ньирэйи аһатар ыстаныак олус табыгастаах уонна барыстаах оҥоһугунан сыаналанан, бэйэтин кэмигэр уһуннук туһаныллыбыта.
Бытарҕан тымныылаах, уһун кыһыҥҥа сүөһүнү уулатар ойбону дөйө тоҥорбот туһугар оччолорго даҕаны элбэх киһи төбөтүн сынньара. Федор Семенович 1962 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһугар бастакынан сылаас ойбону оҥорбута. Аата-суола улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибитэ. Дойдутун, Суоланы, аатырдыбыта.
Лаврентий РОМАНОВ,
Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ,
өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх зоотехнига.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru