«Айар ыллык» литературнай куонкурус түмүгэ таҕыста

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Оҕо өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар, сир түннүгүн арыйарыгар уус-уран литература сүҥкэн оруолу оонньуур. Оҕо сылдьан аахпыт айымньылара олоҕун устатын тухары арыаллыыллар. Ойор-тэбэр оҕо сааскар умсугуйан аахпыт айымньыларыҥ геройдара олоҕуҥ ханнык да түгэнигэр иитэр-такайар, үөрэтэр суолталарын сүтэрбэттэр.

edersaas.ru

Үһүс төгүлүн ыытыллыбыт «Айар ыллык» литэрэтиирэ куонкуруһа оҕоҕо төрөөбүт тылга тапталы иҥэрэр, кини истэр, саҥарар, өйдүүр дьоҕурун сайыннарарга сөптөөх айымньылар айыллан тахсыыларын, айар, суруйар талааннаах дьону көҕүлүүр, өйүүр, оҕо литэрэтиирэтигэр суруйар саҥа ааттары булар сыаллаах-соруктаах. Куонкурус тэрийээччилэрэ — СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ, Саха сирин суруйааччыларын Ассоциацията, СӨ сибээс уонна информационнай технологиялар министиэристибэтэ, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, „Чуораанчык“ уонна „Колокольчик+“ уус-уран оҕо сурунааллара. Кыттааччылар – 18-тан үөһээ саастаахтар.

“Айар ыллык-2017” саха литэрэтиирэтин төрүттээччи А.Е. Кулаковскай -Өксөкүлээх  Өлөксөй төрөөбүтэ 140, сахалартан маҥнайгы учуонай-лингвист, сырдатааччы С.А. Новгородов 125, “Сахалыы сурук-бичик” саха маҥнайгы букубаара төрүттэммитэ 100, саха народнай поэта С.П. Данилов 100, биллиилээх бэйиэт, публицист С.С. Васильев-Борогонскай 110, прозаик, драматург В.А. Протодъяконов-Кулантай 105 сылларыгар ананна.

Сахалыы уонна нууччалыы тылынан кэпсээн, остуоруйа жанрыгар 82 автортан 154 үлэ киирдэ. “Айар ыллык” автордара куонкуруска кыттыыларынан оҕо ааҕыытын көҕүлээһинигэр бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр, оҕо дьиэлэригэр, социальнай-реабилитициялыыр кииннэргэ, сэллиги эмтиир оҕо санаторийыгар, медицинэ киинин оҕо онкологиятын салаатыгар аадырыстаан анал сурутууну бэлэхтээбиттэрин бэлиэтиэххэ наада.

Киирбит айымньылары Саха сирин суруйааччыларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, ХИФУ филологическай факультетын суруналыыстыкаҕа салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ духуобунаска Академиятын академига Олег Сидоров, “Кэскил” оҕо кыһатын дириэктэрэ Анжелика Андреева салайааччылаах 12 чилиэннээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.

Киирбит үлэлэри көрүү түмүгэр дьүүллүүр сүбэ баар итэҕэстэргэ, биһирэнэр өрүттэргэ тохтоон, бэйэтин санаатын эмиэ эттэ. Холобура, сахалыы тылынан суруллубут кэпсээннэри сыаналаабыт саха народнай суруйааччыта Сэмэн Тумат автордар тылы-өһү туттууга сыыһалара, алҕастара элбэҕин, уус-уран айымньы буолбакка, өйтөн суруйууга эрэ майгынныыр олус судургу үлэлэр баалларын туһунан этэр. Норуот суруйааччыта инники өттүгэр куонкурус балаһыанньатыгар “Оҕолор публицистикалара” диэн тиэмэни чинчийиини туспа хайысха быһыытынан киллэрэргэ сүбэлиир.

“Чолбон” өрөспүүбүлүкэтээҕи литэрэтиирэ сурунаалын сүрүн редактора Данил Макеев оҕоҕо анаан буолбакка, оҕолор туһунан суруйуулар элбэхтэрин ыйар. “Ол түмүгэр оҕолор улахан киһи курдук өйдөөх-санаалаах, куттаах-сүрдээх буолан хаалаллар”, — диэн кини этэр. Ол гынан баран уутун-хаарын ыктахха, өрө-таҥнары тутан үчүгэйдик чочуйдахха, уус-уран айымньыга эппиэттэһэр кыахтаах үлэлэр баалларын этэр.

Онтон сахалыы остуоруйаларга сүрүн итэҕэс тыл-өс өттүгэр баарын ыйаллар. Оҕо чараас уйулҕатын кытта сытыы өйүн тэҥнии тутан суруйуу уустугун этэн туран, оҕолорго анаан суруйуон баҕалаах автор элбэҕин хайгыыллар. Салгыы манан уостан умуллан хаалбакка, куонкурустан куонкуруска эрэ кыттар туһуттан буолбакка, бэйэни-бэйэ сайыннаран, үлэлииллэригэр сүбэлииллэр.


Онон түмүк маннык буолла.

Сахалыы тылынан кэпсээн (45 автор, 70 үлэ, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ — Сэмэн Тумат, Саха сирин народнай суруйааччыта, Данил Макеев, “Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ, Аграфена Кузьмина, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик, “Саха сирэ” хаһыат ырытааччыта):

I миэстэ (15 тыһ. солк.) — «Айымньы дойдута» (Ядрихинская Ирина Романовна (Кыыдаана), Суотту, Уус Алдан);

II миэстэ (10 тыґ. солк.) — «Киһилээх хайатыгар буолбут түбэлтэ» (Петрова Наталья Николаевна, Адыаччы, Дьааҥы улууһа);

III миэстэ (5 тыһ. солк.) – “Төрөөбүт тыл” (Винокурова Мария Ивановна, Дьокуускай).

Дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин маннык автордар ыллылар: Сулгачана, Күндүүнэ, Татьяна Куличкина-Дедюкина, Сиибиктэ, Чоруун, Ньургу Куо, Лина Чичигинарова – Догдо Асатканни, Анастасия Егорова, Галина Борисова – Толбооно, Туллук Михайловна, Яна Федотова, С.А. Адамова, Аайа, Татыйаана, Анжелика Мотосова, Н.С. Олесова, Л.Н. Андросова, Силип сиэнэ.

Сахалыы тылынан остуоруйа (35 автор, 51 үлэ, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ — Надежда Васильева, СӨ национальнай оскуолаларын институтун дириэктэрин солбуйааччы, Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биллэр поэтесса, Александра Попова, “Бичик” кинигэ кыһатын оҕо литэрэтиирэтин киинин дириэктэрэ):

I миэстэ (15 тыһ. солк.) — «Ыйдар остуоруйалара» (Винокурова Розалия Петровна (Оруоһа), Сулҕаччы, Амма улууґа);

II миэстэ (10 тыґ. солк.) — «Айсаар Боотур уонна Куба кыыс» (Никанорова Саргылана  Петровна ( Сайымпа кыыһа), Маҕарас, Горнай улууһа);

III миэстэ  (5 тыһ. солк.) — «Атастыылар» (Макарова Ольга Михайловна, Дириҥ, Чурапчы улууһа).

Дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин маннык ааптардар ыллылар: Күлүм Чаҕыл, Кыыдаана, Л.Г. Олесова, Н.Я. Неустроева, О.Е. Новикова, В.Г. Павлова.

Нууччалыы тылынан кэпсээн (10 автор, 11 үлэ, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ: Виктория Габышева, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруналыыс, Ираида Попова, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик, тылбаасчыт, Матрена Аргунова, Кииннэммит библиотека ситимин 15 №-дээх филиалын оҕо бибилиотекатын сэбиэдиссэйэ):

I миэстэ (15 тыһ. солк.) – “Старый пёс Барбос и бык Огонь» — (Данилова Мария Матвеевна (Данилова), Түбэй, Сунтаар улууһа);

II миэстэ (10 тыһ. солк.) — «Однажды зимним утром…» (Софронова Елена Степановна, Дьокуускай);

III миэстэ (5 тыһ. солк.) — «Потерянный Новый год» (Данилова Сахая Дмитриевна, Марха, Дьокуускай).

Дьүүллүүр сүбэ биһирээбит ааптардара: Саар Көстөкүүн кыыһа, Дария Васильева, Леонид Сергеев, Алена Колесова, Л.Г. Олесова, А.М. Егорова.

Нууччалыы тылынан остуоруйа (14 автор, 21 үлэ, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ: Владислав Доллонов, «Полярная звезда» литературнай, общественнай-политическай сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ, Альбина Борисова-Слепцова, суруйааччы, тылбаасчыт, Александра Киселева, оҕо суруйааччыта):

I миэстэ (15 тыһ. солк.) — «Сказка о братьях», «Слезы солнца» (Винс Любовь Михайловна, Мирнэй куорат);

II миэстэ (10 тыһ. солк.) — «Кто лакомится» (Саввина Мария Петровна (Решетникова), Чурапча, Чурапчы улууһа);

III миэстэ (5 тыһ. солк.) — «Искорка и капелька» (Павлова Мария Афанасьевна (Майя Лялина), Дьокуускай куорат).

Сардаана МАТВЕЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0