Саха сирин бүттүүнүгэр биллэр «Сэргэлээх уоттара» литературнай түмсүү баай устуоруйалаах. Ол курдук, устуоруйа кэрэһиттэрэ буолбут урукку альбомнартан бэйиэт Моисей Ефимов маннык суруйбутун булан аахтыбыт: «1948 сыллаахха күһүн Якутскайдааҕы пединститут иһинэн институт преподавателэ, поэт Семен Данилов салайааччылаах литературнай куруһуок тэриллибитэ». Араас көлүөнэҕэ биллэр-көстөр суруйааччылар, бэйиэттэр үөрэммиттэрэ, сылдьыбыттара.
Бу сыл олунньу ыйыттан саҥа састаап үлэбитин саҕалаан, билиҥҥи туругунан, уонтан тахсабыт. Салайааччыбыт – М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТуоКИ саха литературатын кафедратын дассыана, филология билимин хандьыдаата Матрена Петровна Попова.
Самаан сайыҥҥа үктэммиччэ, айымньыларбытын киэҥ эйгэҕэ таһаарабыт.
МИХАИЛ ЛУКАЧЕВСКАЙ
Уус Алдан улууһуттан төрүттээх. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт 10 гуманитарнай кылааһын ситиһиилээхтик бүтэрдэ. Быйыл Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр экологияҕа олимпиадаларын, «Будущий дипломат» куонкурус, «Шаг в будущее» научнай-практическай кэмпириэнсийэ призерунан буолар. Инникитин устуорук уонна режиссер буолуон баҕарар. Тыйаатырга сылдьарын сөбүлүүр.
ХОҺООНУ ТУОХ ХОҺООН ОҤОРОР?
Арай хоһоону оҥорор
дьыбарга тыкпыт сырдык
санаам,
Арай хоһуйар кинини
сүүрүгүнэн сүүрэ турар
ырыам,
Арай буолар кини кэрэттэн арахсыбат тыл дэгэтэ,
Арай суруллар бүппэт
ыраастаах күөх халлаанынан.
Арай таммах,
арай өй-санаа,
арай бүппэт көнө суол,
айар кут буолан
айыылартан,
хоһоон хоһуйарга диэн
биһиэхэ бэриллибитэ.
* * *
Кофе мин доҕорум —
чаҕаан күүс биэрэр!
Биир түүн – биир үлэ,
бу атаһым бэлэҕэ…
Утуйуох санаа кэлэр?
биир чааскы!
Түүлүҥ үөрэххэр бэрдэрэр?
тиийиэ икки лиитирэ!
Ол да буоллар, утуктуугун?
үс остолобуой ньуоска!
Хас иһэриҥ ахсын –
кыах санааны киллэрэргэ!
Сүрэҕиҥ ыалдьар?
Билбэппин.
Илииҥ салыбырыыр?
Чэ, бу мин сыыһам…
Хайдах гынабыный?
Толкуйга түс
Уонна үтүөкэн да чэйгэ
эн бараҥҥын үтүс!
КАМИЛА МИХАЙЛОВА
Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. 2021 сыллаахха М.А.Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт физико-математическай кылааһын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит.
Хоһооҥҥо кыра сааһыттан холонор. 2020 сыллаахха “Айар аартыкпыт аргыстара” диэн эдэр суруйааччылар түмсүүлэрин кэккэтигэр киирбит. “Быйыл «Сэргэлээх уоттара» түмсүү оҕолорун кытта билистим. Сөбүлүүр үөрэхпэр киирэр түгэммэр өссө да алтыһа, кыттыһа туруом диэн эрэнэбин. Мин санаабар, хоһоону суруйуу сүрэх уонна дууһа тугу сипсийэрин таба таайан илиискэ түһэрии. Ис уйулҕаҥ туругун сатаан истэр буоллаххына, хоһоон даҕаны табыллан ис сүрэхтэн кутуллан тахсар”, – диэн санаатын үллэстэр.
* * *
Мин иннибэр тэпсиллибэтэх суол-
Бу мин олоҕум айанын аартыга,
Бу дьылҕам тэлгээбит ыллыга.
Кэрэни эрэ түстээбит буол.
Арай мин суолбар хара былыт,
Алааһы бүтүннүү ибиирдэн,
Арҕааҥҥы тыаллары иһиирдэн,
Аҕалыа аймалҕан ардаҕын.
Оччоҕо мин чиргэл тиит буоламмын,
Хаххалыам олоҕум ыллыгын.
Хараҥа былыты тумнаммын,
Күөдьүтүөм олохпор күн уотун!
* * *
Маска ыттыбыт балыкчаан
Син биир үөһээ аччыктаан,
Көҥүл көччүйэр уутугар
Төннө сатыыр иккистээн.
Тугу гына таҕыстыҥ?
Киэҥ тумулу батыстыҥ?
Кураанахха талаһан,
Көтөр буолан кубулуннуҥ?
Ууттан тахсыбыт балыкчаан
Тииҥи сырсан ситээри
Тыыҥҥын быһа сыһаҕын,
Онтон умсар өттүгэр
Бастыҥ буоларгын умнаҕын.
КОНСТАНЦИЯ ЯКОВЛЕВА
Кини ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Амма улууһуттан төрүттээх, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТуоКИ саха салаатын 2 кууруһун устудьуона. Иллэҥ кэмигэр ас астыырын, кинигэ ааҕарын, үҥкүүлүүрүн, сүүрүүнэн дьарыктанарын уонна хоһоон айарын туохтааҕар да ордорор. Констанция – институт “Ясно” научнай түмсүүтүн уонна медиа – устуудьуйатын чилиэнэ, Арассыыйатааҕы «Ломоносов – 2023” кэмпириэнсийэ кыайыылааҕа.
УСТУДЬУОН БУОЛЛУМ
Хайдах эрэ итэҕэйбэппин,
Алаһа дьиэбиттэн тэйбиппин,
Бэйэбин устудьуон диирбин
Олуһун долгуйар эбиппин.
Билэбин, сотору саҕаланыахтара:
Эдэр сааhым дьоллоох сыллара,
Олохпор умнуллубат күннэрим,
Хаһан да хатыламмат түгэннэрим
Сыралаах үөрэҕим дьылыгар
Күүстээх санаам уостубатын,
Устудьуоннуур кэрэ кэмнэрбэр
Эрчимнээх баҕам барамматын.
КҮҮСТЭЭХ САНАА
Ханна эмэ ыраах саһаммын,
Көҥүл дайыахпын баҕарабын,
Харахпын быһа симэммин,
Үгүһү умнан, өрө көтүөхпүн…
Сортон-муҥтан хаххаланан,
Кутталы киэр илгэ сатыыбын,
Олох харгыһыттан толлубакка,
Күүстээх санааҕа талаһабын…
Ыарахантан чаҕыйбат буоларбар
Таҥара, күүстэ биэриий дуу,
Сыалбын-сорукпун толорорбор,
Айыыларым, сэниэтэ эбиҥ дуу…
Ол эрээри, барыта бэйэм илиибэр,
Мин буолбатаҕына, оччоҕо ким?
Эрэйи тумнан ааһыам иннибэр,
Итэҕэйиэм соҕотох эрэлбэр.