Олунньу 5 күнүгэр Дьокуускайга IT-пааркаҕа “Муус устар” ыччат бэстибээлин иитинэн “Айар” медиа-оскуола аһылынна. Бу тэрээһиҥҥэ Сахабыт сирин 20-тэн тахса араас оройуонуттан 100 оҕо сүүмэрдээһини ааһан кытта кэллэ.
“Айар” медиа-оскуола бырайыагын тэрийээччи Антон Васильев хайдах былааннаах үлэ ааһарын туһунан кэпсээтэ:
— Биһиги бырайыакпыт бэйэтин көрдөрүөн, билиэн-көрүөн, элбэх доҕордоох буолуон баҕарар эдэр дьоҥҥо ананар. Олохпутугар киэҥ билиилээх, үгүһү быһаарсар киһи элбэҕи ситиһэр кыахтаах. Кыттааччылар бу 12 күн иһигэр бэйэлэрин үс араас медиа көрүҥэр холоон көрүөхтэрэ. Ол курдук, “инфлюенсер”, “корреспондент” уонна “видеограф” дьоҕурдарыгар опыттаах спикердэри көрөн-истэн үөрэниэхтэрэ. Тэрээһин түмүгэр кыттааччылар хамаанданан бииргэ үлэлээбит бырайыактарын көрдөрөн, бастакы миэстэ иһин күрэхтэһиэхтэрэ.
Кыттааччылары Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Ирина Владиславовна Ефимова эҕэрдэлээтэ. Кини: «Медиа эйгэтигэр үлэлиэн баҕарар киһи, бастатан туран, сири-дойдуну кэрэхсиир, дьону кытта сыһыаны сатаан олохтуур, бэйэтин санаатын сөпкө этэр, дьонтон толлубакка саҥарар, кэпсэтэр буолуохтаах», — диэн бэлиэтээн эттэ.
Оҕолору кытта 2022 сыллаах медиа-оскуола кыайыылаахтара уопуттарын үллэһиннилэр. Кинилэр этэллэринэн, бу тэрээһин салгыы олохторугар таптыыр дьарыктарын буларга көмөлөспүт. Ол таһынан, доҕоттору уонна умнуллубат күннэри бэлэхтээбит эбит.
Аяна Константинова.