Айар куттаах биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бөлөххө киир:

Кулун тутар 29 күнүгэр Чурапчы улуустааҕы бибилэтиэкэтин тэрийиитинэн уонна олохтоох литературнай түмсүү көҕүлээһининэн «Аптаах тылынан дьүһүйэн » диэн поэзия тула аһаҕас кэпсэтии буолла.

edersaas.ru

Аһаҕас кэпсэтиигэ биир дойдулаахтарбыт: үс хоһоон кинигэтин, үгүс үөрэх кинигэтин ааптара, РФ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар учууталлара, Хатылы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, хаартыскаҕа түһэрээччи, суруналыыс Матрена Попова—Мотуруона Боппуоба уонна 6 кинигэ ааптара, кэпсээн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин кыайыылааҕа, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Светлана Егорова (Габышева)—Тулуйхаана кытыннылар.
Кэрэни кэрэхсээччилэр, поэзияҕа сүгүрүйээччилэр “төгүрүк остуол” тула мустан истиҥник сэһэргэстилэр, санаа атастастылар. Элбэх хоһоон ааҕылынна, ырыа ылланна.
Тэрээһини Марфа Кузьмина иилээ-саҕалаан ыытта.

Василина НЕУСТРОЕВА,

“Саха сирэ” хаһыакка, edersaas.ru cаайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0