Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕыттан төрүттээх айар куттаах үс бииргэ төрөөбүт бырааттыы Жирковтар тустарынан билиһиннэриэхпин баҕарабын. Бүгүн Андриан Андреевич диэн Жирковтар дьиэ кэргэн иккис уолларын кытта кэпсэттим.
УМНУЛЛУБАТ ОҔО СААС
Бииргэ төрөөбүттэр биһиги түөрпүт — Арсен, мин, онтон быраатым Володя уонна Айза диэн балтылаахпыт. Төрөппүттэрим Александра Николаевна, аҕабыт Андрей Степанович Жирковтар. Аҕам Горнай улууһуттан төрүттээх. Ийэбиниин холбоһон баран Тойон Арыы диэн сиргэ олорбуттар. Биһиги Булгунньахтаах оскуолатыгар үөрэммиппит. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар сүрдээх көхтөөх, барыга-бары кыттар этибит. Аҕабыт Булгунньахтаах кулуубугар үлэлиир этэ, куруук байаанныыр идэлээҕэ. Биһигини үлэтигэр куруук батыһыннара сылдьар буолара. Ол батыһа сылдьан ырыа эйгэтигэр киирэн хаалбыт эбиппит. Аан бастакыбын сыанаҕа түөрт саастаахпар тахсан ыллаабытым. Аҕам синтезаторынан фонограмма оҥорон биэрбитэ, онон биэс сааспар куонкурустарга эҥин кыттар буолбутум. Улахан Аан нэһилиэгэр Александр Самсонов-Айыы Уола кэриэһигэр ырыа куонкурсугар кыттыбытым.
Убайдаах бырааппын кэпсиир буоллахпына, убайым Арсен муусука истэрин сөбүлүүр этэ. Ону таһынан, туох эмит оонньууру дуу, тиэхиньикэни дуу хасыһан, туохтан хайдах оҥоһуллубутун чинчийэр буолара. Микрочиптэрин эҥин көрө сатыыра. Оскуоланы бүтэрэн баран ЯГИТИ-га электрик үөрэҕэр киирэн кыһыл дьупулуомунан бүтэрбитэ. Олоххо наадалаах идэ диэн үөрэммитэ. Муусуканы эмиэ истэр, сэҥээрэр этэ. Көмпүүтэргэ LF диэн фонограмма оҥорор бырагыраама кэлбитигэр, ону хасыһан, үөрэтэн фонограмма оҥоруутунан дьарыктанар буолбута. Аранжировщик буолан салгыы үлэлиир былааннаах. Фонограмма оҥоруутунан дьарыктаммыта уонча сыл буолла. Антон Ивановтааҕы кытта ыкса үлэлэһэ сылдьар. Ырыалары уларытан, саҥа тыыны киллэрэр. Дискотекаҕа аналлаах транс муусуканы оҥорбута европейскай араадьыйаҕа тыаһыы сылдьыбыта.
Бырааппыт Володя биир сыл ХИФУ физкултуурунай институтугар үөрэнэ сылдьыбыта. Ол үөрэнэ сылдьан Екатерина, Алексей Егоровтар «Сэргэлээх» устуудьуйаларыгар дьарыктанар этэ. Аармыйаҕа сулууспалаабыта. Ол кэннэ Намнааҕы тиэхиньикумҥа үөрэххэ киирбитэ. Мэхээньик идэтин ылан баран, баҕа санаатын толорон, эмиэ култуура кэллиэһигэр үөрэнэ киирбитэ. Онно кини маассабай тэрээһиннэр уонна тыйаатыр режиссерун идэтин баһылаабыта. Ырыа тылын, матыыбын айар дьоҕурдаах. «Тыгын Дархан” киинэҕэ уһуллубута. Ордук артыыстыыр, киинэҕэ, тыйаатырга оонньуур баҕалаах даҕаны, талааннаах даҕаны.
Мин оскуоланы бүтэрэн баран ытык иэспин төлөөн, аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим. Аармыйа кэнниттэн Бэстээххэ ИК-3 үлэлии киирбитим. Онно үлэлии сылдьан тоҕо эрэ сүрэҕим сыппакка, уурайан, култуура кэллиэһигэр үөрэххэ киирбитим. Идэм ырыаны, муусуканы кытта ыкса сибээстээх буолан, эрдэ сөпкө быһаарыммыппыттан кэмсиммэппин. Бүтэрэн баран Булгунньахтаахха ыччат лидеринэн үлэлээбитим. Араас куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кыттан, тэрээһин бөҕөтүн тэрийэр этибит. Ол оннук сылдьан култуура эйгэтигэр үлэ көрдөммүтүм. Онтон Тиит Арыы нэһилиэгэр миэстэ тахсыбытын истэн, 2018 сыллаахха кулууп дириэктэринэн үлэлии кэлбитим. Кэлэктииппит үксэ эдэрдэр. Үлэбит күөстүү оргуйар. Инникитин былааммыт киэҥ. Мин ыллыырым таһынан тамадалыыбын.
Онон үһүөн бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн, өйөһөн айа-тута сылдьабыт. Бары ыал дьоммут, онон саха сиэринэн этэҥҥэ олорор ол дьол дии саныыбын.
МУУСУКА АБЫЛЫЫР ЭЙГЭТЭ
Муусука абылыыр эйгэтэ оҕо сааспытыттан сүрэхпитигэр иҥмит буолан, ырыа олохпут арахсыспат аргыһа буолбут эбит. Аҕабыт ырыа айар этэ. Биир киэҥник биллибит ырыата 2005-2006 сылларга ыллана сылдьыбыта. Ол ырыаны Эргис Давыдов билигин ыллыыр. Тэтимин түргэтэппит этэ. Быйыл улахан үөрүүлээх түгэнинэн бырааппыт Володя “Туой Хайа” ырыа куонкуруһугар бастакы истиэпэннээх лауреат буолан кэллэ. Ити ыллыыр киһиэхэ улахан ситиһии.
Олохпутугар улахан баҕа санаабыт диэн, инникитин өссө киэҥ эйгэҕэ тахсан айа-тута үлэлээһин.
Ульяна Захарова.