Айар аартык ааннарын суола «Үрдэлгэ» тириэртэ

08.01.2022
Бөлөххө киир:

Бастыҥнар ааттаннылар, үтүөлэр үрдүккэ үктэннэрдилэр, чахчыта да астык киэһэ буолла. «Саха» НКИХ ааспыт сылы түмүктүүр биир үтүөкэн тэрээһинин көрдүбүт-иһиттибит.

Ырыа ылбаҕай ыллыгынан айар-тутар аартыктан тахсыбыт суолунан бар дьоҥҥо ааттара дорҕоонноохтук иһиллибит ааптардар, толорооччулар ортолоругар биһиги биир дойдулаахпыт, кимиэхэ эрэ бииргэ үлэлиир кэллиэгэтэ, кимиэхэ эрэ күтүөппүт, учууталбыт, кылааспыт салайааччыта Николай Михайлович Андросов айбыт ырыата —  «Дьол тааһа» диэн сериалга ананан суруллубут саундтрек ырыата көрөөччүлэр, истээччилэр биһирэбиллэрин,  саамай элбэх куоластарын ылан,  Кирилл Матвеев «Үрдэл» бириэмийэ биир сүрүн бирииһин ылла.

Уопсайынан,  ааспыт 2021 сыл Николай Михайловичка айар-тутар да эйгэтигэр, сүрүн үлэтин да өттүнэн таһаарыылаах, тахсыылаах, көрдөрүүлээх буолла.  Ол курдук,  бэрт соторутааҕыта  «Үөрэхтээһин бастыҥ үлэһитэ» диэн бочуоттаах ааты Хатастааҕы орто оскуола муусукаҕа  учуутала, кылаас салайааччыта Андросов Николай Михайлович ылбыта эмиэ кэрэхсэбиллээх суол. Ырыа, муусука диэн талааннаах эрэ дьоҥҥо буолбакка,  хас биирдии киһиэхэ олоҕун устатын тухары олус диэн наадалааҕын, тоҕоостооҕун, ырыа, түмэр күүһүн өйдөөһүн кэнники кэмҥэ үөрэхтээһин систиэмэтигэр күүскэ киллэрэн, анал бырагыраамалар үлэлээннэр,  бу курдук сыл бастыҥ учуутала ырыа учуутала буолбутугар биһиги эмиэ үөрүөҕүҥ.

Николай Михайлович бэйэтин хайысхатыгар үөрэтэр оҕолоро куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үрдүк, бастыҥ көрдөрүүлээхтэрэ саныырга да астык. Манна даҕатан эттэххэ,  Николай Михайлович айар-тутар эйгэҕэ эмиэ кэккэ ситиһиилэрдээх, кэлиҥҥи сылларга саҥа хит буолбут ырыалардаах, онтон «Дьол тааһа» сериал ырыата араадьыйаҕа күнүн аайы тыаһыыр. Ол аата үлэлиир эйгэтэ, туоната сайдарга-үүнэргэ төһүү күүс буоллаҕа диэн саныахха уонна астыныахха», — диэн суруйан турардаахпын. Ону баттаһыннара бу бүгүн үөрүүлээх сурах бу тигинэтэн кэллэ. Бу кыайыы-хотуу, ситиһии эмискэ, аан аһыллыбычча кэллилэр диир тутах буолар, бу Николай Михайлович өр сыллаах сыралаах үлэтинэн, дьулуурунан-тулуурунан, ырыаҕа бэриниитинэн кэллэ диэн сыаналыыбыт. Бу аата кини бэйэтин айар эйгэтин күннээҕэ олоҕун, сүрүн үлэтин, олорор олоҕун тэтимин, ис хоһоонун ис туругун кытта сөпкө дьүөрэлээн, алтыһыннаран үлэлии-хамсыы сылдьан тиийэн кэлэр иэйиигэ олус харыстабыллаахтык, истиҥник сыһыаннаһан, ыһан-тоҕон кэбиспэккэ,  төрөппүт оҕоҕо курдук истиҥник-иһирэхтик сыһыаннаһарыттан тахсар диэн саныыбын. Бу кини улуу айылҕаны кытта ыкса сибээстээҕиттэн, булка-аска сыһыаннааҕыттан, айылҕа күүһүгэр, айылҕа улуутугар сүгүрүйүүтүттэн, убаастабылыттан эмиэ тутулуктааҕа мөккүөрэ суох.

Дьэ, онон Николай Андросов хит ырыаларын кэккэтэ өссө биир кэрэ ырыа эбиллибитинэн эҕэрдэлиэҕиҥ. Эҕэрдэлиэҕиҥ «Тэтим» араадьыйаҕа сыл устата киирэр 500-кэ саҥа айыллыбыт ырыаттан талыллан-талыллан бастаан 48, онтон 24, онтон 2 бастыҥ ырыа иһигэр киирбит, кыайыылааҕынан ааттаммытынан. Махтаныаҕыҥ Николайбыт ырыатын эттээн-сииннээн, ис хоһоонноон, сытыырхатан, истиҥ тыыннаан дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэ сылдьар эдэркээн ырыаһыкка Кирилл Матвеевка. Махтаныаҕыҥ телевидение салалтатыгар быһа эпиир оҥорон, сонуну бу тутан олорон билбиппитигэр.

«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Наталья РУФОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0