Айар аартыгым аргыстара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Эмэн сааһыгар этэҥҥэ үктэммит Николай Николаевич Ребров, бу сотору­тааҕыта айар үлэтин 20 сыллаах кэрдиис кэмин бэлиэтээн, «Айар аартыгым аргыстара» диэн суруналыыс быһыытынан сырдаппыт, айбыт, сурукка тиспит үлэлэрин тиэмэлэринэн наардаан, бэрт ылбаҕай тылынан киириилээн-тахсыылаан, быһааран, ааҕааччыларын, биир дойдулаахтарын кытта истиҥник сэһэргэһэр, санаа атастаһар бэртээхэй кинигэтин бэлэх уунна.


Кинигэ сүрэхтэниитэ На­­цио­­нальнай бибилэтиэкэ Истори­ческай саалатыгар буолла. Айар үлэтин туһунан кэпсэтии түһү­мэхтэргэ арааран ыытыллыбыта сонун буолла, ону устудьуоннуур сылларыттан истиҥ доҕоро, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ­араадьыйа суруналыыһа Василий Посельскай уонна ааптар бэйэтэ кыайа-хото тутан ыыттылар.

Николай Ребров айымньыларын дьоруойдарын, айар үлэҕэ кынаттаабыт дьону ураты тутан сырдаппыта, сыаналаабыта ылыннарыылаах уонна кэрэхсэбиллээх буолла.

– Мин идэтийбит айар үлэһит буолбатахпын. Айылҕаттан, утумнарбыттан бэриллибити сайыннаран, дууһам иэйиитин, сүрэҕим баҕатын толорон, олоххо, үлэҕэ билбиппин-көрбүппүн түмэн, олору талан, наардаан, чочуйан сурукка-бичиккэ тиһэбин. Онон, миэхэ «уопсастыбаннай төрүккэ олоҕуран суруйар суруналыыс» диэн аат сөп түбэһэр дии саныыбын, – диэн бэйэтигэр бүччүм сыана бэринэр.

— Айар үлэбин өйүүр, көҕүлүүр, көмөлөһөр элбэх доҕоттордоохпун, кинилэргэ барҕа махтал этэбин. Куоракка кэлэн олохсуйан айар үлэнэн утумнаахтык дьа­рыктанарбар бастакы көмө ­илиитин ууммут, күн бүгүҥҥэ диэри күүс-көмө буолар Будимир Слепцову, Николай Парникову, Семен Березини ураты тутабын”, – диэн махтал тылларынан саҕалаата.

Ааптар 20 сыл устата олох, үлэ араас эйгэлэрин, чулуу дьон, үлэ кэлэктииптэрин тустарынан, төрөөбүт-үөскээбит тапталлаах Абыйын, биир дойдулаахтарын тустарынан 30-тан тахса кинигэни, буклеты бэчээттэттэ. Бу – кырата суох айымньылаах үлэ түмүгэ. Хоту дойду уола Мэҥэ Хаҥалас улууһун I Тыыллыма нэһилиэгин сирин-­уотун, дьонун-сэргэтин кытта утумнаах айар үлэтэ, сибээһэ дьоһуннаахтык бэлиэтэнэн, бэйэ киһитэ дэтэн, нэһилиэк бочуоттаах гражданинынан буолбута элбэҕи этэр.

Аҕабын, ийэбин утумнааммын…

«Мин төрөппүттэрим: Николай Семенович Ребров, ийэм Мария Ниловна Дохунаева эргиччи айар-тутар дьоҕурдаах дьон этилэр. Айар эйгэҕэ сыстан, бу хайысханан киэҥ аартыкка тахсарбар, салгыы ситиһиилэнэрбэр, бүгүҥҥү үрдүк үктэлгэ турарбар оҕо сааспыттан ийэм, аҕам уһуйдахтара, бастакы хардыыларбын оҥортордохторо, ол туһугар кыаллары барытын тэрийдэхтэрэ. Этэллэринии, «ийэм эмии­йин ыанньыттаҕа, аҕам тилэҕин элэттэҕэ…» Бары үтүө хаачыстыбаларым кинилэртэн бэрилиннэҕэ, айар үлэм бары үтүөтүн-кэрэтин кинилэр түстээтэхтэрэ», — диэн Николай Николаевич кинигэтигэр бэрт иһирэхтик бэлиэтиир.

Онон да, утум салҕанар. Николай Николаевич кинигэлэригэр литературнай тылы таба туттарга, уобарастаан тэҥнэбиллэри, түмүктэри оҥорорго дьулуһара, санааны лоп-бааччы этэргэ кыһаллара ааҕааччы интэриэһин тардар.

Ааптар кинигэтин «Киһиэхэ төрөөбүт буора, дойдута, дьоно…», «Дойдум дьоно, дойдум дьоло», «Учууталларым» түһүмэхтэригэр төрөөбүт дойдутугар – Муҥурдааҕар, Сыаҥааннааҕар уостубат тапталын, арахпат ахтылҕанын үллэстэр. Оҕо эрдэҕинээҕи өйүгэр-санаатыгар умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыт Константин Чирков-Көстөкүүн Ойуун курдук «сир түннүгэ» кырдьаҕастартан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр учуонай, педагог, суру­йааччы Василий Дохунаев-Бастыҥа Баһылай, олоҕун суолугар үктэннэрбит учууталларын Иннокентий Сивцев, Михаил Слепцов, биллэр суруналыыс Михаил Слепцов, Сахабыт сирэ сайдыытыгар биллэр кылааттарын киллэрбит сала­йааччылар Будимир Слепцов, Иван Черов, Николай Соломов, о.д.а. үгүс биир дойдулаахтарын тустарынан иһирэхтик ахтар.

Атастарым-доҕотторум

Ол курдук, кинигэ сүрэхтэ­ниитигэр кыттыбыт РФ, СӨ үтүөлээх энергетигэ Николай Парников, улахан бырамыысыланнай тэрилтэ – «Сахаэнерго»  тэриллиитин, үлэһит дьонун туһунан баай ис хоһоонноох кинигэни суруйбутун махтана эттэ. Ол кинигэ энергетиктэр проблемаларын суруйууга 2005 сыллаахха Бүтүн Арассыыйатааҕы суруна­лыыстар куонкурустарын  кыайыылааҕа буолбута. Куонкуруска Тутулуга суох судаарыстыбалар сойуустарын (СНГ), Балтия суруналыыстара, дойду 64 эрэгийиэниттэн кыттыбыттара.

Аҕа табаарыһа, идэтийбит чекист, өрөспүүбүлүкэ су­­даарыстыбаҕа куттал суох буолуутун миниистиринэн үлэлээбит Афанасий Павлович Кириллин туһунан кинигэтэ —  чекист олоҕор, сулууспатыгар анаммыт бастакы кинигэ.

Өрөспүүбүлүкэ биллэр салайааччылара,  РФ хомунаалынай хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Николай Лепчиков, РФ үтүөлээх мелиоратора Игорь Гаврильев, кинилэр үлэлэрин-хамнастарын туһунан дьоһун кинигэлэри суруйбутугар Николай Ребровка истиҥник махтаналларын эттилэр.

Саха тустуутун корифейа, РСФСР, СӨ үтүөлээх тириэньэрэ Николай Волков, 60-с сыллартан билсэллэрин, төрдүн-ууһун, спорка олоҕун, үгүс докумуоннары киллэрэн туран  «эттээх» кинигэ суруйбутун, күн бүгүнүгэр диэри сибээстэһэ сылдьалларын долгу­йан туран кэпсээтэ. Кинини ситэрэн, аатырбыт тустуук, Арассыыйа чөмпүйүөнэ, СӨ но­­руотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Петр Попов, биһиги кэмнээҕи тустууну кини курдук сиһилии билэр суруналыыс суоҕа буолуо диэн Николай Ребров үлэтин сыаналаата.

Суруналыыстыка аксакала Иван Борисов ааптар элбэх өрүттээх айар үлэтин үрдүктүк сыаналаата, чопчу этиилэри оҥордо.

Үөрэппит учууталлара, ытык саастаах бэтэрээннэр, СӨ үтүөлээх учуутала Розалия Ефимова, РФ үөрэҕириитин туйгуна Римма Хабарова үөрэнээччилэрин эҕэр­дэлээһиннэрин, ааптар кинилэргэ махталын этиитин дьон дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

Биир дойдулаахтарын ааттарыттан Абый улууһун дьаһалтатын эппиэттээх үлэһитэ Светлана Шафикова, оскуоланы бииргэ бүтэрбит доҕотторун бөлөҕүн эҕэрдэлээһиннэрэ ураты истиҥ буоллулар.

Кэргэнэ, СӨ үтүөлээх бы­­рааһа Татьяна Федоровна биир дойдулаахтара, Дьааҥыттан төрүттээх СӨ үтүөлээх геолога Руслан Протопопов, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Илья Колесов, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Виктор Стручков  Николай Николаевиһы күтүөт буолуоҕуттан билэллэрин, үтүө сыһыаннаахтарын кэпсээтилэр,   айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕардылар.

Ырыанан эҕэрдэни биир дойдулааҕа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллэр ырыаһыт, мелодист Владимир Индигирскэй толорбута, ону Николай Ребров эдэр сааһыттан айар үлэҕэ алтыспыт табаарыһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Стручков ба­­йааҥҥа доҕуһуоллаабыта биһирэбили ылла.

Кинигэ сүрэхтэниитин кыттыылаахтара  35 кинигэ, 4 буклет ааптара, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар тиһигин быспакка суруйар Николай Ребров чахчы айар үлэ  аартыгар турарын уонна бу үлэтигэр элбэх эрэллээх аргыстааҕын итэҕэйдилэр.

 “Тупса кырдьар” баҕалаахпын

Айар үлэһит биир идэлээхтэриниин, суруйааччылардыын, суруналыыстардыын алтыһыыларын, араас түгэннэр, түбэлтэлэр тустарынан суруйуулара, иллээх, дьол­лоох ыал аҕа баһылыгын хараҕынан дьиэ кэргэнин, аймах-билэ дьонун тустарынан көрүүлэрэ, ахтыылара, санаалара ааҕааччы болҕомтотун тардыахтара.

Аны биири ойуччу тутан суруйдахха, бу ааспыт 20-чэ сыл Николай Ребров бары таһым­наах быыбардарга политолог, лектор, суруналыыс быһыытынан көхтөөхтүк кыттан кэллэ, бу кини — айар үлэтин биир көрүҥэ, саҥа кэмҥэ биир саҥа идэтэ.

— Быыбардарга кыттаммын, элбэх улуустарга, нэһилиэктэргэ сырыттым, элбэх саҥа дьоннуун  алтыстым, үгүһү биллим, олох, үлэ дьоһуннаах оскуолатын аастым, —диир Николай Ребров.

Хаһыатчыт, Саха Өрөспүү­бүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэчээтин туйгуна Николай Ребров 70 сааһыгар, 20 сыл­лаах айар үлэтигэр анаабыт  “Айар аартыгым аргыстара” бэртээхэй кинигэтин: “Мин эмиэ, биир та­­баарыһым этэн кэбиспитин курдук, “тупса кырдьар” баҕалаахпын, ыра санаалаахпын…” диэн  сарсыҥҥыга ­эрэллээх сырдык санаанан түмүктүүр. Оннук эрэ буоллун.

Иван КСЕНОФОНТОВ-СИЛИГИ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0