Айанньыттары Хатас — Павловскай хайысхатынан туоруурга сүбэлииллэр

Бөлөххө киир:

Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Өлүөнэ өрүһү Хатас — Павловскай хайысхатынан туоруурга  ыҥырар.

edersaas.ru

Туһааннаах министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх туһаайыытынан, халлаан туруга лаппа сылыйан, уу тахсыбыт.

Санатан эттэххэ, Бэстээҕинэн суол муус устар 15 күнүгэр сабыллыахтаах. Билигин өрүһү туорааһыҥҥа 10 туоннаттан үөһээ  ыйааһыннаах массыыналарга айан-сырыы бобуллан турар.

Онтон Хатас — Павловскай хайысхатынан балаһыанньа атын. 30 туоннаҕа диэри көҥүллэнэн турар. Муус 2 миэтэрэ халыҥнаах.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0