ДПС иниспиэктэрдэрэ бэйэлэрин массыыналарынан айаннаан испит саастаах дьоҥҥо көмөлөстүлэр.
Тохсунньу 2 күнүгэр Мэҥэ Хаҥаластааҕы автоиниспиэксийэ үлэһиттэрэ, ДПС отделениетын командира, полиция лейтенана Анатолий Павлов уонна полиция ыстаарсай лейтенана Айсен Пахомов үлэлэринэн сылдьан, «Мүрү» айан суолун 40 км. суолтан туораан тахсыбыт «Toyota Succeed» массыынаны көрбүттэр. Иниспиэктэрдэр көмөлөһөөрү тохтообуттара, массыынаҕа саастаах дьон олороллор эбит. Суоппар уруулун кыайан туппакка суолтан туораан тахсыбыт. Хаартан массыынаны бэйэлэрэ кыайан таһаарбакка олорбуттар.
Полиция үлэһиттэрэ айанньыттар эчэйбэтэхтэрин билэн баран, массыынаны состорон суолга таһаарбыттар. Кэргэнниилэр иниспиэктэрдэргэ көмөлөрүн иһин махтаммыттар уонна салгыы айаннаабыттар. Сотору кэминэн кинилэр Интэриниэт ситимигэр махтанан суруйбуттар. Кинилэр суруктарыгар ДПС үлэһиттэригэр уонна Бэдьимэ баһылыгар махтаммыттар. Бары үтүөнү баҕарбыттар.
Иниспикэсийэ үлэһиттэрэ суоппардарга күнү-дьылы учуоттуургутугар, айаҥҥа болҕомтолоох буоларгытыгар сүбэлииллэр. Олус түргэнник айаннаамаҥ, массыынаҕа кургутун бааныҥ диэн этэллэр. Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ диэн суруйаллар.
СӨ ИДьМ госавтоиниспиэксийэтэ