Саха айанньыт омук этэ. Алааһынан тарҕанан олорор буолан, сонуну, сэһэни сэҥээрэллэрэ, ыалдьыты олус маанылыыллара. Онон айан үгэһэ күүскэ сайдыбыт.
Суолга сыппаттар — суолунан араас тыаллар (эниэргийэлэр) кэлэн ааһаллар, онон сиэри кэспит киһи ыалдьыан сөп.
Суолга ииктээбэттэр — барар суолу саптан кэбиһиэххэ сөп, иккис өттүнэн, аартыгы киртитии курдук ылыныллар.
Айан суолугар салама ыйыыллар — бу үгэһи билигин да туһаналлар. Ол эрээри, харчыны, табаҕы, о.д.а. хаалларартан туттунуҥ. Үрүҥ астан, бурдук астан бэрсиэххэ сөп. Үрэхтээх, өрүстээх сиргэ ууга сылгы сиэлэ, эбэтэр үрүҥ ас бэриллэр.
Барар сири, хас чааһынан тиийэри эппэттэр — суолга араас буолуон сөп, ону быһа этэри аньыыргыыллар.
Ким эмит айаннаатаҕына, хонон туруохха диэри дьиэни харбаабаттар — дьиэҕэ киһи сабыдыалын өссө биир күн хааллараллар, оччоҕо
киһи этэҥҥэ айанныыр, эргийэн кэлэр кыахтанар.
Ыраах аймахтаргар бараргар хайаан да кэһиилэниэхтээххин — хайаан да ылсыы-бэрсии баар буолуохтаах. Ол эбэтэр бу үгэс эниэргийэни
атастаһыы, сыһыаны бөҕөргөтүү курдук көрүллүөн сөп.
Дьиэҕэ кэллэх күн ким да этиспэт. Уопсайынан, айаҥҥа сылдьан, этиһиллиэ суохтаах.
Л.А. Афанасьев-Тэрис кинигэтиттэн.