Айанньыт Настя: “Киһи баҕалаах буолуохтаах”

11.09.2019
Бөлөххө киир:

Бары да сири-дойдуну көрүөхпүтүн, араас дьоннуун алтыһыахпытын, сынньаныахпытын баҕарабыт. Онуоха ким эрэ үлэтиттэн, ким эрэ дьиэ кэргэниттэн, ким эрэ күннээҕи түбүктэн ордубат, кимҥэ үп-харчы тиийбэт… Аахтахха атахтыыр элбэх курдук.

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт Настя Алексеева айанын, сырыытын туһунан кэпсиир. Кини үбү-харчыны сөпкө аттаран, эрдэттэн былааннаан, хас даҕаны дойдуну көрөн-истээн, баҕа санаатын толоро, сыалын ситиһэ сылдьар.

Настя Бүлүүттэн төрүттээх. Кини социальнай ситимнэргэ тэрилтэни, хампаанньаны сырдатыынан, тарҕатыынан дьарыктанар, ол эбэтэр аныгы үйэ SMM идэтин баһылаан үлэлиир-хамныыр. Маны таһынан, дьоруойбут “Инстаграмҥа” @anastasolonkho диэн страницалаах, онно айанын, сырыытын, уопутун туһунан суруйар.

— Киһи тоҕо сири-дойдуну кэрийиэхтээҕий?

– Бу боппуруоска эппиэттиир ыарахан буолуо дии саныыбын. Хас биирдии киһи тус-туспа сыаллаах айаҥҥа турунар. Миэхэ төрүөхпүттэн көс буолар хааммар баар диибин, куруук айанныахпын баҕарабын, биир сиргэ олорорбун сөбүлээбэппин. Хас биирдии уһун да, кылгас да айан киһиэхэ син биир сайдыыны, уопуту биэрэр. Мантан киһи олоҕу сыаналыырга, элбэҕи билэргэ-көрөргө дьулуһар.

Киһи олоҕо түгэннэртэн турар. Мин толкуйбар хас биирдии киһиэхэ “өй-санаа каартата” диэн баар, ону дөрүн-дөрүн толоро сылдьыахтаахпыт.
Бастакыбын оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаммын, Кытайга айаннаабытым. Онно оҕо хараҕынан улуу Кытай норуотун култууратын, олоҕун-дьаһаҕын туһунан тэттик биэриилэри оҥорбуппут. Устудьуоннуур кэммэр Норвегияҕа сахам тылын уонна култууратын үөрэтэ диэн сыаллаах олоро сылдьбытым. Онно биһиги, сахалар, тылбыт-өспүт наһаа баайын, фольклорбут уратытын өйдөөбүтүм уонна атын омукка кэпсиэхпин, иһитиннэриэхпин баҕарар санаам күүһүрбүтэ. Мин омук олоҕун, култууратын, тылын-өһүн, аһын-үөлүн, атын омукка сыһыанын билэ, үөрэтэ айанныыбын. Бу мин киһи быһыытынан сайдарбар көмөлөһөр.

Олохпор Петр Тобуруокап “Уонна хаһан олороору, уонна хаһан оҥороору” диэн хоһоонун тутуһабын. Бу олоххо букатынныы кэлбит диэн суох, онон төһө кыалларынан түгэни мүччү туппаппын, хас биирдии күммүн умнуллубаттык атаарарга кыһаллабын. Киһи баҕалаах буолуон наада, оччоҕуна барытын ситиһэр эбит.

https://www.instagram.com/p/BigvvnfHvd2/

— “Инстаграмҥа” страницаҕар Грузияҕа соҕотоҕун сылдьыбытын туһунан суруйбуккун аахпытым. Куттаммаккын дуо?

– Соҕотоҕун сылдьар наһаа үчүгэй. Дьон: “Куттаммаккын дуо? Сэрэхтээх буол”, – эҥин диэччи. Кырдьык, кистээбэккэ эттэххэ, айаҥҥа сырыттахпына, араас түбэлэтэлэр буолбуттара. Ол түбэлтэлэр миигин күүстээх эрэ оҥороллор. Киһи соҕотох айаннаатаҕына, эппиэтинэһи барытын бэйэтигэр ылынар. Буолбут түбэлтэттэн тахсарга бэйэҥ-бэйэҕин эрэ кытта хаалаҕын. Өй тобулан, онтон тахсарга үөрэнэр эбиккин.

Аны аан дойду ханнык да муннугар тиийдэрбин, үтүө, амарах санаалаах дьон баарыгар итэҕэйэбин. Холобура, ааспыт кыһын Саҥа дьылга Парижка сылдьыбыппыт. Онно норуот былааһы утара сылдьар кэмэ этэ. Икки омук дьахтара харчы көрдөөн, батыһа сылдьан сордообуттара. Туристарбытын билэн, харчылаах сылдьаллар диэтэхтэрэ буолуо, хаһыа да буолан төгүрүйэн кэбиспиттэрэ. Ону олохтоох дьахтар бэлиэтии көрөн, түөкүннэри үүртэлээн өрүһүйбүтэ. Ханна да сырыттахха, син биир сэрэхтээх буолуохха наада. Хас биирдии уопут олоххо үөрэтэр.

https://www.instagram.com/p/BtoAf70B3yX/

— Ханнык омук тылларын билэҕин? Омук табаарыстардааххын дуо?

— Саамныы, хакастыы уонна ангылычаан тылын билэбин. Үөрэхпинэн научнай үлэбэр туһаммытым. Куруук кэпсэппэт буоламмын, умна быһыытыйан эрэбин. Онон бу тыллары билэр дьоннуун кэпсэттэхпинэ, мин да, кинилэр да үөрэбит. Ангылычаан тылын өссө дириҥэтэн үөрэтиэхпин баҕарабын.

Хас биирдии сылдьыбыт сирбэр үтүөтүк санаһар доҕоттордоохпун. Хакасияҕа, Норвегияҕа, Финляндияҕа, Варшаваҕа бааллар. Норвегияҕа үөрэнэ сырыттахпына, араас дойдуттан кэлбит оҕолору кытта алтыспытым. Олорбун кытта сибээһи быспакка билсэбин.

https://www.instagram.com/p/B1pLbZbH7qw/

— Бүтэһик сырыыҥ туһунан сиһилии кэпсээ.

– Ааспыт ыйга дьүөгэбин кытта Исландияҕа сырыттым. Эд Ширан диэн сөбүлээн истэр ырыаһытым кэнсиэригэр сылдьа диэн сыаллаах айаннаабыппыт. Дьиҥэ, ырыаһыппыт Москваҕа эмиэ кэнсиэрдээбитэ. Ол эрээри, гостуруолун кыраапыгар Исландияны киллэрбитин көрөн, онно барыахха диэн быһаарыммыппыт. Муус устартан харчы мунньунан, эбии үлэлээн, билиэттэрбитин ылбыппыт, интэриниэтинэн олорор дьиэбитин-уоппутун төлөөбүппүт.

Исландия – Атлантическай акыйаан хоту өттүгэр баар дойду. Уопсайа аҕыс күн сырыттыбыт. Онно сыана олус ыарахан. Холобура, 1 лиитэрэ бэнсиин 126 солкуобайга тэҥнэһэр. Ас сыаната эмиэ биир оннук. Онон бастакы кэмҥэ аһыырбытыгар диэн, Арассыыйаттан ас атыылаһан илдьэ барбыппыт. Массыына уларсан, Исландия куораттарынан, бэлиэ сирдэринэн күүлэйдээбиппит. Тас дойдуга массыына ыытарга бастакы уопутум буолла. Көлүөһэбит тэстэн, мүччүргэннээх сырыыга түбэһэ сырыттыбыт. Хата, олохтоох дьон көмөлөһөн, этэҥҥэ барыта быһаарыллыбыта. Сылдьыахпын баҕарар дойдуларым испииһэгэр баар Исландияны көрбүппүттэн олус астынным.

— Өссө ханна барыаххын баҕараҕын?

– Элбэх дойдуну көрүөхпүн баҕарабын. Анаан каарталаахпын, онно сылдьыбыт сирбин бэлиэтээн иһэбин. Хайаан да сылдьыахпын баҕарар сирдэрбинэн Канада, Аляска, Турция Каппадокията, Эльбрус хайата, Европа дойдулара буолаллар. Арассыыйаттан Камчаткаҕа сылдьыахпын баҕарабын.

– Айаҥҥа сүрүнэ тугу билиэххэ наада дии саныыгын?

– Билигин интэриниэккэ араас интэриэһинэй матырыйаалы булан ааҕыахха сөп. Дьон айан туһунан ордук “Инстаграмҥа” блогердар суруйууларын ааҕан үгүһү билэр-көрөр. Бу наһаа туһалаах, көмөлөһөр. Ол эрээри, онтон чопчу айан бэйэтин туһунан сиһилии билбэккин дии саныыбын. Блогердар рекламанан дьарыктанар буоланнар, ымпыгар-чымпыгар диэри ырыппаттар, куһаҕан өттүн суруйа барбаттар, бэйэлэрэ күүлэйдээн, дуоһуйа сынньанан кэлбиттэрин, астыммыттарын кэпсииллэр. Билбэт дьон ону ааҕан, “кырдьык, наһаа астык эбит, онно барабын” диэн быһаарыныан сөп. Онон, кэнники кэмҥэ аҕыйах сурутааччылаах да буоллар, баары-баарынан суруйар айанньыттар страницаларыгар болҕомтобун уурар буоллум. Исландияҕа барарбар украинка кыыстыын кэпсэппитим. Кини сүбэлээн-амалаан, сэрэтэн, элбэҕи туһанным. Онтон айантан кэлэн, блогпар санаабын суруйбутум кэнниттэн, миэхэ Минскэйтэн уонна Москваттан билбэт дьонум суруйан ыйыталаспыттара. Бэйэм уопуппуттан үллэстибитим. Дьоҥҥо туһалаах буоллун диэн, “Инстаграммар” хайдах чэпчэки билиэти, хонор сири булуохха сөбүн, тас дойдуларга биһиги бырааппытын ким көмүскүүрүн, о.д.а. туһунан тиһигин быспакка суруйабын.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0