Билигин “Чистая вода”— “Ыраас уу”, “Элит-Аква” диэн суруктаах улахан, бытыылкаламмыт уу хас офис, хас үөрэх кыһатын, хас дьиэ аайы кэриэтэ баар. Туруктаах брендэҕэ кубулуйда. Хаһаайын, генеральнай дириэктэр, бизнесмен Егор Макаров – маны таһынан, аны талааннаах продюсер, сылайары билбэт айанньыт, фото-худуоһунньук, Саха сирин Ытык сирдэринэн үгүс экспедициялары тэрийээччи.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Макаров үбүлээн таһаартарбыт “24 хаар” диэн сылгыһыт дьылҕатын туһунан киинэтэ ааспыт сайын Дьокуускайга ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалыгар кыайыылааҕынан тахсан, бу нэдиэлэҕэ Москваҕа “Золотой орел” куонкуруска кытынна. Ону таһынан уонча аан дойдутааҕы киинэ фестивалларыгар үрдүк наҕараадалары ылла. Оттон олунньуга бу саха киинэтэ Германияҕа аатырбыт Берлиннээҕи фестивальга (Берлинале) көрдөрүллүөҕэ. Бу – улахан ситиһии! Манна сахаттан биир даҕаны киһи атаҕа үктэнэ илигэ. Эбиитин кини тэрийбит, салайбыт, көмөлөспүт, Америка OUTWILD хампаанньата сакаастаан онорторбут «FROZEN FRONTIER” киинэтэ, -60 С тымныыга Өймөкөөнтөн-Охотскайга табанан айанын туhунан аан дойду көрүүтүгэр тахсаары турар.
Егор Макаров Европа (Эльбрус, Кавказ, Россия), Хотугу Америка (Денали, Аляска), Соҕуруу Америка (Аконкагуа, Аргентина) саамай чыпчаал хайаларыгар тахсыталаабыта. Саха сирин үрдүк чыпчаалларын барытын кэрийдэ. Бу сахаттан ким да дабайа илик үрдүктэрэ. Кини Саха сирин туһунан хаартысканан быыстапкаларын Швеция, Норвегия, Канада, Япония курдук дойдуларга сөҕө-махтайа көрбүттэрэ. Бүгүн Егор Петрович – биһиги ыалдьыппыт.
— Егор Петрович, биһиги билигин, баҕар-баҕарыма — уопсастыбабыт дьадаҥы уонна баай араҥаларга арахсан эрэр судургута суох кэмҥэ олоробут. Үлэтэ суох киһи элбиир… Киһи бэйэтин дьыалатын хаһан саҕалыыра ордугуй? Ыйытыы итинник туруон сөп дуу, сыыһа дуу? Эн бэйэҥ хас сааскыттан саҕалаабыккыный уонна, уопуттаах киһи быһыытынан, маннык түгэҥҥэ дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Ыйытыы туохха барытыгар туруон сөп буоллаҕа… Бастатан туран, ыһыктынан кэбиһимиэххэ. Үүт-хайаҕас көрдүөххэ. Төбөнү үлэлэтиэххэ. Таах олорумуохха, сирэ-тала барбакка, аҥар кырыытыттан үлэлээн иһиэххэ. Төбөлөөхтүк, оттомноохтук. Холобур буолар, аан дойду таһымыгар үлэлии сылдьар уолаттар биһиэхэ бааллар. Мин бэйэм туох даҕаны улахан үөрэх суох киһитэбин. Ол эрээри, көхтөөх этим, ордук спортка. Хайыһар буоллун, сүүрүү буоллун, саахымат буоллун… Чурапчыга саахымакка 6-с кылаастан оройуоҥҥа мэлдьи бастыырым. Дьиҥэр, куһаҕана суохтук үөрэммитим эрээри, оскуоланы бүтэрээт, наар үлэҕэ миккиллибит киһибин. Тоҕо диэтэххэ, ийэбит алта оҕотун соҕотоҕун иитээхтээбитэ. Миэбэлинэйтэн туох эмэ ыскаапка, дьыбааҥҥа тиксээри, түүҥҥү симиэнэҕэ диэн, олбуор харбааччынан диэн, муоста сууйааччынан диэн… Туох даҕаны үлэттэн кыбыстыбат этим. Сууккаҕа 20-чэ чаас кэриэтэ үлэлиирим. Дьоммун аһатаары, Поярков маҕаһыыныгар былакаат уруһуйдуурум… Онтон, оччолорго, сэбиэскэй кэмҥэ, былакаат суруйан син харчыланыахха сөп эбит диэн, 1985 сыллаахха Художественнай училищеҕа үөрэнэ киирбитим, 1989 сылга бүтэрбитим.
— Оччолортон, харчыны хайдах өлөрүөххэ сөбүн толкуйдуур уонна уруһуйга дьоҕурдаах эбиккин дии…
— Саха киһитэ барыта дьоҕурдаах. Саха уола аармыйаҕа тиийдэ да – суруксут, уруһуйдьут бэрдэ буолар.
Киһини үлэ эрэ киһи оҥорор. Атын туох даҕаны барыйаан суох! Кыра оҕону үлэҕэ үөрэтиэххэ наада. Үлэттэн кыбыстымыахха наада. Мин аҕам остуорас, мин ийэм ыанньыксыт, дииртэн төрүт толлуо суохтааххын. Ханнык баҕарар үлэ – чиэс-бочуот! Киһини көннөрбүт атын туох даҕаны суох – үлэ эрэ!
— Онтон сыыйа бизнескэ сыһынныҥ?
— Мин, эдэр сылдьан толкуйдуур этим: биһиги олохпут тоҕо манныгый? Тоҕо маҕаһыыҥҥа туох даҕаны суоҕуй? Тоҕо, киһи кэппэт мөлтөх хаачыстыбалаах таҥастара ыйанан туралларый? Тоҕо бачча үлүгэр элбэх фабрикалаах, собуоттаах дойдуга киһилии үчүгэй, муодунай таҥаһы тикпэппитий? Эдэр киһи үчүгэйдик таҥныан баҕарар буоллаҕа! Тоҕо баай сиргэ олорон, маҕаһыыҥҥа туох эмэ табаар киирдэҕинэ ойоҕос тостор уочарата буоларый?.. Онуоха эппиэт суоҕа…
Дьиҥэр, сыыһа салалта содула буоллаҕа.
Итинник сылдьан, биирдэ Ленинградка тиийдим. Олбуор харбаан, муоста сууйан, былакаат суруйан муспут харчыбынан икки джинсы атыылаһан кэллим. Биирин бэйэм кэтэбин, биирин ырыынакка атыылаан кэбиһэбин. Кыратык кэппит джинсыбын сотору эмиэ атыылыыбын, онтон соҕуруу хаттаан барабын, туох эрэ аҕалан эмиэ атыылыыбын. Итиннэ хорсун буолуохтааххын, элбэхтик айанныахтааххын, атын сирдэргэ хайдаҕын, туох ордук атыыга барарын үөрэтиэхтээххин уонна, түбэспэтэх киһи, диэн, төбөҕүн күүскэ үлэлэтиэхтээххин. Оччолорго, ити 1985-с игин сылларга, оннук, 2-3 ыстааны аҕалан атыылыыр киһини, үспүкүлээн диэн, хаайаары эккирэтэ сылдьаллара. Оттон билигин джинсыны вагонунан, хараабылынан таһыахха сөп. Бизнес диэн буолар…
Мин итинник саҕалаабытым, кыраттан. Үлэлээн-хамсаан, аан дойду малын барытын аҕалар этим. Араас баара. Саастыылаахтарым, оччолорго, малиновай бинсээктээхтэр, хаалтыстаахтар саҕана, олохпутугар арааһы көрсүбүппүт… Атахпытыгар турбут олох аҕыйахпыт ээ.
Оччолорго, бытархайынан эргинии миэхэ хайыы үйэҕэ интэриэһинэйэ суох буолбута. Производствонан дьарыктанар баҕа үөскээбитэ.
Ити сылдьаммын, сири-дойдуну көрөбүн. Муспут харчыбын барытын омук сирдэрин көрүүгэ, айаҥҥа барыыр буолбутум. Онно харчыны харыстаабаппын. Олорор дьиэтэ суох да сылдьан, айанныырбын сөбүлүүрүм. Кэлин биир хостох дьиэ, массыына ылбытым.
— Ким оннук сүбэлиир этэй?
— Ким да сүбэлээбэт, бэйэм оннук этим. Көҥүл худуоһунньук буоллаҕым. Ордук Европаҕа, Америкаҕа дьаныһан туран тиийтэлиир этим. Онно сылдьан аан бастаан уу кутар производствоны интэриэһиргээбитим. Чурапчы буоллаҕым – уу проблематын оҕо эрдэхпиттэн билэбин. Сут-кураан дьылларга эбэбинээн сиэрпэнэн оттоон тэмийэхтэрбитин аһатар этибит… хантан от үүнүөй? Иһэр уу да суох, этэргэ дыла, тиис да суох, үөс да мөлтөх, быраас да суох…
Кыһалҕалаах киһи тугу эрэ толкуйдуу, тобула сатыыр. Барыта баар, бэлэм буоллаҕына, киһи тугу да гыммат… Мин, кыһалҕалаах киһи, уу боппуруоһун үөрэтээри Канадаҕа, Германияҕа сылдьыталаабытым, ол эрээри, саамай сайдыылаах диэн, үксүн Американы хаспытым. 90-с сыллартан, виза көһүннэр эрэ, бара турар этим. Онно көрөҕүн – кыахтаах дьон кыраантан ууну олох испэттэр, ыраастаммыт ууну бытыылкаттан иһэллэр. Ону үөрэтэн, хайдах тэрийэллэрин билэн, Дьокуускайбар, аан бастакынан өрөспүүбүлүкэҕэ саҕалаабытым. Маҥнайгы офиһым массыынабар этэ — барытын бэйэм соҕотоҕун оҥорорум – ыраастааһына, сакаас ылыыта, этээстэринэн тиэйиитэ-таһыыта. Күҥҥэ биир-биэс даҕаны устуука бытыылка ууну сакаастаатахтарына үөрэрим. Маҥнай үксүн омук туристара кэллэхтэринэ сакаастыыллара. Бэйэбит дьоммут ыраас ууга сыыйа наадыйар буолбуттара. Бастаан Канадскай дэриэбинэҕэ, Музыка оскуолатыгар тиийэн, ааҕаан-суоттаан биэрэн (капиталистар барытын ааҕа-суоттуу сылдьалларын көрөн үөрэнэр буоллаҕым), водовоһунан кирдээх ууну күн аайы бастарардааҕар бары өттүнэн барыстаах диэн дакаастаан, сакаас ылбытым. Араас буолара – ууну сымыйанан ыраастыыгын, харчыга атыылыыгын диэн кырбаары да гынааччылар бааллара… Ону барытын тулуйан, аһаран, дьыалам кэлин көнөн истэҕэ, атаҕар турдаҕа. Ааҕан суоттаан баран, баантан сүүсчэкэ мөлүйүөн харчыны, бырыһыаҥҥа иэс киирэн, төлөспүтүм. Ол харчыга Саха сиригэр бастакы уу кутар собуоту, “Муус Хайа” эрэстэрээммин туппутум.
— Мин уубун нэһилиэнньэ ылыа суоҕа диэн куттаммат этиҥ дуо?
— Суох. Саха сиригэр үлэлии кэлэр омуктар, бастаан бэйэлэрин ууларын тутан кэлэллэрэ, бытыылкалаах уу куппуппар олус үөрбүттэрэ. Олохтоох да дьон, бытыылкалаах ыраас уу үчүгэйин өйдөөбүтэ. Ордук саас биһиги уубут хайдаҕын бэйэҕит билэҕит…
— Эн бизнеһиҥ сайдыытыгар биһиги коммунальнай сулууспаларбыт мөлтөх үлэлэрэ, кирдээх турбаларбат, емкостарбыт “көмөлөспүт” эбит буоллахтара?
— Оттон, Россияҕа барытыгар оннук этэ. 70 сыллааҕы эргэ турбаны барытын уларытарга төһөлөөх миллиард солкуобай наадатын ким даҕаны суоттаан да көрө илик буоллаҕа. Аны ууҥ – былыр-былыргаттан, информацияны барытын – куһаҕаны да, үчүгэйи да иҥэрэ сытар диэн буолар, ол иһин “өлбөт уу”, “мэҥэ уу” диэннэр бааллар. Эбэбит барытын көрөр-истэр… Былыргы саха иһэр уутугар, күөлүгэр тугу да чугаһаппат этэ. Оттон билигин дьоммут бөһүөлэккэ хаайтаран олорон, биир күөлтэн бэйэтэ аһыыр, сүөһүтүн уулатар, биир күөлгэ сөтүөлүүр, таҥас суунар, тугун барытын кутар… Оттон кирдээх ууну истэххинэ организмыҥ энергиятын барыыр. Ыраас уулаах буоллаххына, үчүгэй. Наука итини дакаастаабыта ыраатта.
— Иһэр уу сотору олох бүтүө дииллэр, бу проблеманы эн хайдах көрөҕүн?
— Аан дойдуга ыраас уу боппуруоһа сытыырхайбыта ыраатта. Холобур, араб дойдуларыгар ууну былдьаһан, сэрии бөҕөтө буола турар. Кытайыҥ экологиятын алдьатта, уу проблемата кинилэргэ олус улахан. Арабскай эмираттарга, баайдара бэрт буолан, олус ыарахан сыаналаах американскай технологиянан муора уутун ыраастыы олороллор. Оттон биһиги Саха сиригэр ыраас уу үрдүгэр олоробут диибит да, туруга, дьиҥэр, олох мөлтөөтө. Саха сиригэр уу саппааhа олус элбэх, ол эрэн – тиис-уос суох, онтон онкология саҕаланар… Көрдөххө дьэҥкир курдук – оттон састааба араас буолар. Технологическай киртийии, куоракка ыраастыыр станция суоҕа, олус элбэх фактор баар. Уу –тыын боппуруос. Киһи 70 бырыһыана ууттан турар.
— Уубутун харыстыыр туһугар тугу гынабыт?
— Айылҕа – экология буоллаҕа. Иитэр-үөрэтэр үлэ барыахтаах. Харчы сөпкө, толкуйдаахтык тыырыллыахтаах. Анал бырагыраамалар үлэлиэхтээхтэр. Дьиҥнээхтик. Сымыйанан кумааҕыга эрэ буолбатах. Мин уунан дьарыктана кэлбиппэр ыраас уу диэн туох даҕаны бырагыраама суох этэ. Онтон дьэ, ОДьКХ, туһааннаах министиэристибэлэрбит… дьэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи диэн, федеральнай диэн, сэттэ сиринэн бырагыраама бөҕөтө. Оттон түмүк — суох. Тоҕо диэтэххэ, ис дууһаттан кыһаллан үлэ суох – “ради галочки”, кэлбит харчыны отчуоттааһын эрэ, хомойуох иһин. Судаарыстыбаны көдьүүһэ суох хаһаайын диибин. Көрөҕүн дии – судаарыстыба гиэнэ барыта алдьана-кээһэнэ, умайа турар. Оттон чааһынай киһи, бу мин олоробун дии, Россияттан 300 предпринимателтэн, производствоҕа, биир Кыһыл көмүс мэтээл миэхэ сытар. Уу хаачыстыбатынан диэн.
Мин үлэм – уу кэнниттэн, саха аһын пропагандалааһын буолар. Төрүкү, сахалар сөбүлээн сылдьар уруккута “Сайсары” диэн эрэстэрээн оннугар бэйэм эрэстэрээммин туттум. Сахабыт сирин биир кэрэ сирин, таптыыр хайам аатынан ”Муус-Хайа” диэн сахалыы ааттаатым. Эрэстэрээммэр аан дойду киһитэ барыта сылдьар. Сылгы, убаһа этин, бастыҥ балыгы хотуттан бэйэм баран, талан ылан аҕалабын. Тоҕо диэтэххэ, ас култуурата диэн — аан дойдуга биир саамай улахан политика. Французскай, японскай куукуна диэни бары билэбит. Мин, саха куукуната диэн аан дойдуга билиэхтэрин баҕарабын.
Ити сылгыга, табаҕа уурар үлэм, харчым – тыа дьонугар ананар, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар, үбү сөптөөхтүк туһаныыга, ыччаты тыа сиригэр тардыыга кылаатым буолар. Итини барытын сөптөөх үлэ барбата атахтыыр.
— Эн быйыл “Опора России” Саха сиринээҕи салаатыгар бэрэссэдээтэл буоллуҥ. Педпринимателлэргэ бүгүҥҥү күҥҥэ туох харгыстар баалларый диэн ыйыппаппын даҕаны… Оттон, “Опора России” дойдуга тугунан, хайдах тирэх буолар?
— “Опора России” уопсастыбаннай тэрилтэҕэ 700 тыһыынча предприниматель киирэр. Саха сиринээҕи отделениетын ыллахха, холобур, мин 100 үлэһиттээхпин, “ЭПЛ Даймонд” 400 үлэһиттээх, “Майтона”-ҕа 200-чэ ыччат үлэлиир, “Японец” 80, “Розтор” 100-тэн тахса үлэһиттээх… Ол аата хас киһиэхэ үлэ миэстэтин таһаардыбыт?! Элбэх нолуогу төлүүбүт. Итиннэ барытыгар дьиэ кэргэттэрин, оҕолорун-урууларын эбэн кэбис…
— Эн санааҕар, олох сайдыыта туохтан тутулуктааҕый?
— Производство сайдыахтаах. Үлэлиир усулуобуйа баар буолуохтаах. Биһиэхэ буоллаҕына, аҕыс ыйы быһа дьиэбитин-уоппутун ититинэн олорор хотугу дойдуга, уоппут-гааспыт сыаната олус ыарахан! Аны араас докумуон эргийиитэ диэн – бюрократия бөҕөтө. Аны, “мин киһим, эн киһиҥ” диэнинэн салайтарыы биһиэхэ олус “сайдыбыт”. Үлэлиир киһини өйүүр наада, муҥ сатаатар, мэһэйдэспэттэрэ буоллар, диибин.
Былаас сүрүн кыһалҕата, үлэлиир дьону өйөөһүн буолуохтаах. Үлэһит киһи кинилэри буолбакка, былаас үлэлиир киһини эккирэтэн, көмөлөһөн биэрэр сыал туруоруохтаах. Хомойуох иһин, биһиэнэ барыта төттөрү…
Мин, биллэн турар, саҥата суох сылдьыахпын эмиэ сөп. Ол гынан баран, киһи олоҕо диэн отой кылгас. Оттон мин дьоммор-сэргэбэр тугу эрэ оҥоруохпун баҕарабын. Онон, бириэмэни харыстыахха. Таһаарыылаахтык, дьоҥҥо-норуокка туһаны аҕалар гына үлэлиэххэ!
Олоҕун олуктара
1979 с. Чурапчы оройуонун Сылаҥ орто оскуолатын бүтэрбитэ
1985 с. Дьокуускайдааҕы Художественнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ
1997 с. аан бастакы бытыылкаламмыт ыраас уутун куппута
2006 с. “Муус Хайа” эрэстэрээнин аспыта
2017 с. “Опора России” уопсастыбаннай федеральнай тэрилтэ Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлинэн быыбарданна.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru