Бу түбэлтэ буолбута ырааттаҕа. Биир үтүө
күн соҕуруу улуустан диэххэ дуу, арҕахтаах эһэни бултаһарга ыҥырыы тигинээн кэлбитэ. Улахан сүбэлэһии кэнниттэн Босс, Капитан, Сэргэй уонна Ньукулай диэн табаарыспыт ыраах айаҥҥа туруммуттара. Сэргэй — биһиги хамаанда улахан доҕоро, Босс — биир дойдулааҕа. Күүһэ-уоҕа, кыаҕа
мээрэйдэммэтэх киһи. Булка, тиэхиньикэҕэ сыһыанын этэ да барбаккын. Оттон Ньукулай хотуттан төрүттээх, омугунан эбээн. Сүрдээх балыксыт, булчут. Айылҕа оҕото буолан, сиргэ-уокка туспа сыһыаннаах, ураты көрүүлээх киһи.
— Мантан хоҥнорбутугар халлаан
тымныыта ама этэ, — диэн курумҥа
(эһэни өлөрдөххө, тэриллэр малааһын)
мустубуппутугар, Босс хайдах
бултаабыттарын сэһэргээбитэ. — Анараа
дойдуга тиийбиппит, 45 кыраадыс
тымныы буолан соһуппута. Дойдулаах
киһини көрсөн, хас буолан тугунан
тахсарбытын торумнастыбыт. Сирдээх
киһи табаарыстара икки нуучча уола,
киинэҕэ уста тахсыахтаахтара, туохтара
эрэ сатаммакка барсыбатылар. Онон алтыа
буоллубут.
Үрэх устун массыынанан айаннаан,
онтон бураан сыарҕаларыгар олорсон,
арҕах баар сиригэр чугаһаан баран
сатыылаатыбыт. «Чугаһаатыбыт,
кэпсэтимэҥ, чуумпутук сылдьыҥ», — диэт,
киһибит бүө мастары быстарда. Кыра сис
эбит. Биһиги бэйэбит эбиппит буоллар, бу
сиргэ арҕах баар диэн билиэ суох эбиппит.
Сир курдук сир. Оннук бөлтөйө, аҥайа
сытар туох да көстүбэт. Хаар да хаар.
«Кэллибит» диэн буолла. Киһибит бүө
маһын анньа сатаата. Арай маспыт
киирбэт. Тохтуу, толкуйдуу түһэн баран,
биир өттүнэн аспыта, маспыт иһирдьэ
ньимис гынна. Олох да арҕах үрдүгэр
турар эбиппит. Киһи билбэккэ түһэн
хаалыан сөп эбит. Дьэ, миэстэбитин
булан, ытарга нымсатыйан таҥаспытын
сыбыдахтанныбыт. Маһынан анньан
көрбүппүт, сып-сымнаҕас. Бастаан биир
бүө маспытын айаҕар туора астыбыт.
Хаһаайыммыт биһигини арҕах иннигэр
ытардыы туруортаата. Бэйэтэ арҕах үрдүн
чохороонунан тэһэн, «кырдьаҕаһы»
уһугуннараары, хатырыктаах титирик
маһынан чуумпурдаан, булкуйа-булкуйа
эрийэн тардыалаата. Хатырыктаах маска
түү үчүгэйдик сыстан эриллэр буоллаҕа.
Кыылбыт иһирдьэ кулдьугуруур эрээри,
олох быгыалаабат. Ыксаан бардыбыт.
Иккис бүө маһы уган, кириэс-мараас
анньыталаан, быган турар өттүлэрин
маска баайталаан кэбистибит. Ити аата,
кыылбыт маһы ньылбырыта тыыппатын,
төттөрү аспатын диэн.
Тымныы өссө сэтэрээбит курдуга. Өр
букунастахпыт, тоҥон бардыбыт.
Үөһээҥҥи хайаҕаспытын уһун синньигэс
гына кэҥэттибит. Киһибит маһынан
анньыалаан, бигээн, ханан ытыахха сөбүн
билгэлиир. Мээнэ ыттарбат. Биир түгэҥҥэ
тохтоон, маһын хамсаппакка эрэ: «Манан
ыт», — диэтэ. Титириги батыһыннара
ытан саайдым. Иһирдьэ «һых» диир
курдук гынна, иккистээн ыттым, «һуу»
гынна, паар таҕыста. Үчүгэй диэн буолла.
Киһибит өссө чуолкайдаары маһын уган,
эмиэ анньыалаата. Арай туран, көҕүс
ньирилиирэ иһилиннэ. «О-ок, иккиэлэр
эбит», — диэн атын сиринэн эмиэ хайаҕас
тэстэрэн, бигээн-бигээн баран, биир
сиринэн ыттарда. «Сөп буолла. Чэ бэрт», —
диэн эрдэҕинэ, атын хайаҕаһынан
тыатааҕы мунна быган ылла. Соһуйуу
буолла. Киһибит эмиэ хайаҕастарынан
булкуйбахтаата. «Манан» диэтин кытта,
уолаттар ытан саайдылар. Уу чуумпу
бүрүүкээтэ. «Бултуйдубут» диирин кытта,
бары уһуутаһа түстүбүт. Олохтоммут
абыычай быһыытынан, саамай эдэр
киһибит киирэн быалыахтаах. Эдэрдэр
иккиэлэр. Сэргэй быаны туппутунан
киирэн иһэн: «Кыылбыт тыыннаах!»—
диэн саҥараат, төттөрү таҕыста. Дьэ,
булкуллуу буолла. Киһибит эмиэ маһын
ылан, онон-манан анньыалаата. Хайаҕас
эҥин кэҥэттибит. Бириэмэбит улам
ыраатан барда. Биир түгэҥҥэ бигии
сылдьан, манан диэн буолла да, саа тыаһа
өрө хабылла түстэ. Бу сырыыга бары да
саллан дуу, хайаан дуу, айаҕынан
киирбэккэ, үрдүн хайаҕаһын кэҥэттибит,
ыстыбыт. Биир бэттэх сытарын
сыҥааҕыттан быалаан, соһон
таһаардыбыт. Онтон иккиһи, үсүһү
хостоотубут. Сөҕүөхпүт иһин, өссө биир
тыатааҕы сытарын быалаан баран, соһон
таһааран истэхпитинэ, быабыт быһа
ыстанан хаалла. Бэрт нэһиилэ
хостоотубут. Дьэ, сөҕүмэр! Биир арҕахха –
түөрт тыатааҕы! Бу сэдэх көстүү
ахсааныгар киирэр буолуохтаах. Ийэлэрэ
уонна икки былырыыҥҥы оҕо, ону
таһынан биир кур оҕо эбит ди эн
хаһаайыммыт быһаарда. Кур оҕо ийэтин
ситэ сыспыт гына улахан этэ. Сорох
ааҕааччы «бу дьон биир дьиэ кэргэни
имири эһэн баран кэпсэл оҥостоллор»
диэн сөбүлээмиэҕин сөп. Омос санаатахха,
оруннаах курдук даҕаны, биир арҕахха
итиччэ кыыл баарын ким эрдэттэн билиэ
баарай. Оттон арҕахтаах кыылы
бултаспыт буоллахха, быраҕан хаалларар
хайдах даҕаны сатаммат.
…Ити икки ардыгар халлаан
хараҥарыахча буолла. Уолаттар арҕах
иһин ыраастаан, туспа чөмөхтөөн
кэбистилэр. Иһэ киэҥ баҕайы, быыс эҥин
диэн суох. Сыарҕалаах биир бурааны
сүүрдэн аҕалан, бултарбытын тиэйэн,
тохтообут сирбитигэр илтибит. Икки
бурааммытыгар үллэрэн тиэйэн,
массыынабыт хаалбыт үрэҕэр
айаннаатыбыт. Олох хабыс-хараҥаҕа
массыынабытыгар тиийдибит. «Массыына
пааратын уотугар астыыр буоллахпыт», —
дии санаабытым. «Тымныыта бэрт.
Мантыкпыт астыырга ымпыга-чымпыга
элбэх. Онон бөһүөлэккэ баран, мин
баанньыкпар астыахпыт», — диэн
хаһаайыммыт дьаһайан кэбистэ. Төттөрү
айаннаан куугунатан иһэн, массыынабыт
кардаана алдьанан, оҥостон ыллыбыт.
Инньэ гынан, киһибит дьиэтигэр түүн
икки чаас саҕана тиийдибит.
Хаһаайыммыт сорох булдун баанньыгар
астыыр быһыылаах. Тэлгэтэр таҥаһа эҥин
бэлэм эбит. Баанньык сөрүүн соҕус,
сыгынньахтанар сирэ кэҥэс. Бултарбытын
киллэрэн, сытыартаан кэбистибит.
Хаһаайын дьиэтигэр киирэ сырытта.
Сотору кэргэнэ, икки оҕото анаан таҥнан
тахсан, тыатааҕылары көрдүлэр. Бу – түүн
икки чаас ааһыыта. Айылҕа сүдү
кыылыгар сүгүрүйүү, булка туһунан
сыһыан биир көстүүтэ буоллаҕа.
Үстүү буолан сүлэр буоллубут. Дьиҥэр,
манна сиэр-туом баһаам буоллаҕа.
Холобур, сүлүөх иннинэ, быһаҕы, биилээҕи
кистээн туран, кырдьаҕастан
сыгынньахтыырга көрдөһөллөрүн бары
син билэн эрдэхпит. Онон улаханнык
саҥарбакка эрэ бары да испитигэр санаан,
көрдөһөн ыллахпыт. Онтон тас сыатын
сэрэнэн сулуйан, 6-7 сэнтимиэтир
кэтиттээх тэлийэ быһыталаатыбыт. Урут
«эһэ сыата этин саҕа буолар» диэн
истэрим. Ыйааһыннаах баҕайы эбит.
Онтон иһин хайытан, астаан-үөллээн
кэбистибит. Үөстэрин киһибит сыа-сым
курдук тутан, суулаан, туспа уурталаата.
Хайдах хатарары, туохха туттулларын
сиһилии быһааран, кэпсии сылдьар. Биир
саамай сөхпүтүм, тириитин сүлэрбитигэр
даҕаны, иһигэр даҕаны хаана-сиинэ адьас
суох. Бэрт ыраас буолар эбит. Бастакы
кырдьаҕаспыт эрэ сүнньүгэр икки буулдьа
суоллаах. Уоннааҕылар сүнньүлэригэр
биирдии буулдьа суоллаахтар. Киһибит
маһынан бигээн, ыттарар сири чуо
булаттаабытын улаханнык сөхпүппүт.
Кырдьаҕаһы арҕахтан элбэхтик
быгыалатан бултааһыны маннааҕылар
сөбүлээбэттэр үһү. Оттон бу биһиги
бултаабыппыт курдугу — «сымнаҕас
бултааһын» дииллэр эбит.
Тыатааҕы арҕаҕар ыраастанан баран
киирэрин эһиги даҕаны иһиттэххит.
Оһоҕоһугар сааҕа эҥин суох. Киһи сөҕөр
ырааһа. Эмэһэтин бүөтэ 10-ча
сэнтимиэтир уһуннаах, дьиппинийбит от-
мас булкааһа, адьас кыбыс-кытаанах.
Астаан-үөллээн, сарсыарда сэттэҕэ
бүппүппүт. Манна эмиэ биир дьикти баар.
Хаһаайыммыт үллэһиккэ кинилэргэ
тиксибит икки тыатааҕыттан биири
сүллэрэн баран, астаппакка хаалларда.
Оруобуна бу күн ийэлэрэ – эбээн эмээхсинэ
– сааһын туоларынан бэлэх оҥорор үһү.
Эмээхсин төһө да 90-гар чугаһаатар, бэйэтэ
астыырын-үөллүүрүн олус сөбүлүүр,
астынар үһү.
Куруму Тыаһыт буһарбыта. Ону таһынан
хас биирдиибит этиттэн, сыатыттан
кэһиилэнэн, үөрбүппүт-көппүппүт.
Бэртээхэй курум-малааһын буолбута.
АЙАННЬЫТ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1