Устата-туората көстүбэт киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирэ барахсан кэрэ айылҕатынан, уустук усулуобуйатынан үгүс киһини угуйар. Мин бүгүн сырдатар, билиһиннэрэр киһим норуокка Айанньыт диэн аатынан биллэр, ыты иитиинэн утумнаахтык дьарыктанар, бу айанныырын тухары маанылаах айылҕабытын, дьону-сэргэни хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр Таатта улууһун Туора Күөлүттэн төрүттээх Клавдия Николаевна Аянитова буолар.
БЫЛЫРЫЫҤҤЫТТАН БЫҺА ТАРДАН…
Мин массыынанан сири-дойдуну көрө-билэ айаннаабытым балачча буолла. Былырыын сэттэ хотугу улуустарынан айаннаан кэлбитим. Томпонон, Дьааҥынан, Өймөкөөнүнэн, Усуйаананан, Абыйынан, Аллайыаханан, Муоманан эргийбитим. Аргыс быһыытынан биир дойдулааҕым, оҕо сааһым доҕоро Нина Николаевна Васильева барсыбыта. Ол иннинэ бу хайысханан улахан бырайыакка кыттан Лена Матвеевна Баишеваны кытта бэһиэ буолан икки массыынанан айаннаабыппыт. Лена Баишева РФ бэрэсидьиэнин Владимир Путин гранын сүүйбүтэ. Булуҥҥа, Таймылыырга биир сыллаах көмө оҥоһуллар диэн соруктаах бырайыак. Айаммыт ыраах этэ. Горнайынан, Бүлүү суолунан, Ньурбанан, Сунтаарынан, Удачнайынан, Өлөөнүнэн, Анаабырынан Таймылыырга тиийбиппит. Биһигини кытта юрист, социальнай үлэһит, икки быраас баара. Быраастар сөмөлүөтүнэн көтөн тиийбиттэрэ. Нэһилиэнньэҕэ улахан көмө оҥоһуллубута. Ити бырайыагынан биир сылы быһа үлэ барбыта. Кыаммат, элбэх оҕолоох 15 ыал дьиэтэ өрөмүөннэммитэ. Чөл олоҕу өрө тутар буоламмыт, кыһалҕалаахтар аһыы утахтан эмтэнэллэригэр, ыалдьар оҕолор куоракка босхо доруобуйаларын көрдөрөллөрүгэр көмө оҥоһуллубута.
УГУЙАР ААРТЫГЫМ
Бу Айаным сүрүн соругунан – киэҥ нэлэмэн Сахам сирин устун сиринэн сылдьан барытын илэ көрөөһүн буолар. Саха сирэ наһаа киэҥ, киһи биир сырыынан барытын эргийэн бүтэрбэт. Айылҕабыт, олохпут-дьаһахпыт уустугунан адьас бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат уратылаах. Ханна да тиий, үчүгэйэ диэн, бары төрөөбүт тылбытынан кэпсэтэбит. Төрөөбүт дойдубут уһук муннугар бэйэ дьоно бааллара, онно кинилэр сирбитин-уоппутун баһылаан олороллоро саныырга да үчүгэй. Мин дойдум ис дьиҥин, туругун барытын биллим дии саныыбын. Сорохтор наар соҕуруу, омук сиригэр бара сатыыллар. Дьиҥэр, Сахабыт сирин үгүспүт үчүгэйдик билбэт. Кэпсээн, сурах хоту истэллэр. Илэ көрүү, айаннаан тиийэн эт хараҕынан көрөр наада дии саныыбын. Мин ыллым да айаннаабаппын. Онуоха эрдэттэн тиэхиньикэҕэ сыһыаннааҕым көмөлөһөр. Айылҕаҕа сылдьан оттоон-мастаан, сир астаан, тимир көлөнү кытта алтыспытым барыта уопут буолан, бу айаным аартыгар өрүү көмөлөһөр. Бэйэбэр эрэл, кыах бэринэн, туруоруммут сыалбын ситиһэр туһуттан айаннаатым.
Сахам сирин барытын кэриэтэ кэрийдим. Кэбээйи уонна Өлүөхүмэ улуустара хааллылар. Онно да тиийиэм дии саныыбын. Биир сырыыга биэстии-алталыы тыһыынча килэмиэтири баран кэлэбин. Айанныыр маршруту үөрэтии, бэлэмнэнии үлэтэ сыл устата буолар. Холобур, мин бараары гыннахпына, эрдэттэн тиийиэхтээх сирбин үөрэтэбин, бу дойду олоҕун-дьаһаҕын, айылҕатын туругун. Саамай сүрүнэ, тиэхиньикэ буолар. Ол иһин айанныах иннинэ массыынабын көрүнэбин, оҥостобун. Маны оҥосторго элбэх үп барар. Тэрээһин үлэтэ сүрүн миэстэни ылар. Уматык сыаната хоту дойдуга наһаа ыарахан. Биир лиитирэ 70 солкуобайга тэҥнээх. Төһө сири барарбын суоттанан барабын. Тэринэн, оҥостон баран, быйыл биир да аргыһым суох буолан, соҕотох айаннаабытым. Хоту улуустартан сылдьыбатах сирдэрбинэн Халымалар хаалбыттара. Онон хайдах да бардахпына табыллар диэн эрдэттэн былааннаан айанныырга быһаарыммытым. Киһи айанныы сылдьан кафеларга, хонор сирдэргэ сылдьар буоллаҕына, улаханнык ороскуотурар. Анараа сыана биһигиннээҕэр үс бүк үрдүк. Ол иһин айанныах иннинэ өйүөбүн астаан, эрдэттэн тоҥорон, хаһаанабын. Ол курдук бу айаммар астанан бэлэмнээн баран тымныыга тутан илдьибитим. Айанныырым устатын тухары сиирбин эрэ киллэрээччибин. Бу айаным уустук соҕус буолла. Биир да билэр ыала суох барбытым. Айан барытын бэйэтэ көрдөрөр. Дьиэм айаҕыттан тахсыахпыттан тибии этэ. Тибиигэ хаайтарыы, хаар кытаанаҕыттан, суол куһаҕаныттан алдьаныы-кээһэнии да баара. Ону туората-туората, санаабын түһэрбэккэ айаннаабытым. Тиийбит сирбэр бэлиэ хаалларан, былаахпын аспытым.
ҮТҮӨ ДЬОННООХ ХОТУ СИРЭ
Үс Халыманан айаннаан Саха сирин уһугар – Черскэйгэ тиийэн бараммын, бачча кэлэн баран Чукотканы өҥөйөн көрөргө быһаарыммытым. Массыына кыайан үктээбэт кытаанах хаарынан, буурҕа быыһынан айаннаан Чукоткаҕа тиийбитим. «Арктика суоллара” тэрилтэ суолу үчүгэйдик оҥорботох этэ. Сүүстүү килэмиэтири биирдии суукка айаннаабытым. Массыынам хвостовигын подшипнига тохтон, Орто Халымаҕа үс хоммутум. Онно Вадим Третьяков диэн Росгвардия үлэһитин көрсөммүн, кини абыраабыта. Массыынабын да оҥоруста, Арҕахтаахха Алаһыайга тиийэммин массыынам рессората тостубутугар, Орто Халыматтан саппаас чаас ыытан абыраабыта. Ити моһуогурбут, массыынабын оҥостор кэммэр Дмитрий Михайлович Третьяков диэн ыалга түспүтүм. Бу олох билбэт ыалым наһаа үчүгэйдик көрсөн, гарааска массыынабын туруоран абыраабыттара. Ыал аҕа баһылыга Дмитрий Михайлович наһаа талааннаах ырыа айааччы эбит, сүүрбэттэн тахса ырыалаах. Диискэтин бэлэхтээбитэ. Бу ыалга хонон-өрөөн баран салгыы айаннаабытым. Андрюшкиноҕа үс күн буурҕаҕа хаайтаран, суолу ыраастыылларын кэтээбитим. Эмиэ бэрт ыалдьытымсах ыалга түбэһэн, Арктика күнүн бырааһынньыгар ыалдьыттаабытым. Онно, Андрюшкиноҕа элбэх доҕоттордоннум. Хоту дойду дьоно барахсаттар истиҥник, иһирэхтик көрсүбүттэригэр барыларыгар хаһыат нөҥүө махталбын тиэрдэбин. Онтон Черскэйгэ аара эдэр ыалы илдьибитим уонна кинилэргэ хоммутум. Айаным былаһын тухары ыраах айан суоппара Николай Николаевич Мочкин көмөтө наһаа улахан. Биир хайысханан бииргэ кэриэтэ айаннаатыбыт. Ардыгар кини инникилээбит буолар, ардыгар мин куота барабын. Чукоткаҕа бииргэ тиийбиппит. Тиийбитим, номнуо кэлэн миигин үөрэ көрсүбүтэ. «Айаҥҥа моһуогурдаххына, бу киһиэхэ эрийээр, ити киһиэхэ сибээскэ тахсаар” диэн аадырыс биэрбитэ. Ыраах айан суоппардара бэйэ-бэйэлэригэр наһаа көмөлөсүһэллэр. Нуучча буоллун, саха буоллун, омук буоллун, бары биир өлүүгэ сылдьар буоланнар, өйөһөллөрө сүрдээх. Айанныы сылдьан тохтоон турдахпына, биир да массыына быһа ааспат. Хайаан да тохтоон сураһаллар, кыахтара баарынан көмөлөһө сатыыллар. Онон кинилэргэ эмиэ махтанабын. Төһө да массыынам иһигэр соҕотоҕум иһин, айаммар, суолга доҕорум элбээн, уһун-киэҥ айаны сырыттаҕым. Массыынаҕа хоно сылдьан иккилии-үстүү хонук айанныыбын. 24 хонук айаннаан эргиллэн кэлбитим. Мин курдук айанныан баҕалаах дьоҥҥо этиэм этэ, бастаан барар сиргит суолун-ииһин үөрэтиҥ, саамай сүрүнэ, уматык уонна эрэллээх тиэхиньикэ. Мин баахпар толору куттан баран түөрт канистр уматыгы илдьэ сырыттым. Уматык оройуон кииннэригэр эрэ баар. Ол иһин барытын ааҕына-суоттана сылдьыахха наада. Киһи бу айанныы сылдьан араас быһылааннарга түбэһиэн сөп. Онуоха барытыгар бэлэмнээх буолуохтааххын. Туттар сэп-сэбиргэл, массыына саппаас чааһа о.д.а. кыһыҥҥы суол хаһан баҕарар уустук. Тибии, араас үрэхтэр тарыҥнара, күүппэтэх өттүгүттэн араас буолар. Аны аһы-таҥаһы антах ханна эрэ тиийэн булунуом диэн эрэниэ суохтааххын. Барытын эрдэттэн тэринэн барыахха наада. Саамай сүрүнэ, киһи санаатын түһэрбэккэ, үчүгэйи эрэ санаан айанныахтаах.
МИН МАХТАЛЫМ
Бастаан Ытык Күөлтэн Хаандыгаҕа, онтон Уус Ньараҕа айаннаабытым, Саһыырга бэйэ дьоно Александра, Пантелеймон Слепцовтар бааллар. Бу дьоҥҥо кэлэ-бара хонон ааспытым. Налимскайга, Орто Халыманы аастахха, Роман Дмитрьевич Слепцов уонна Елена Николаевна Винокурова диэн сүрдээх аламаҕай, үтүө дьон баалларын хайаан да ахтан ааһыахтаахпын. Ыраах айан суоппардарын итии чэйинэн, минньигэс миининэн көрсөр ыал. Кинилэргэ суоппардар массыыналарын оҥостон, баанньыктанан, хонон-өрөөн ааһаллар. Мин эмиэ бу дьоҥҥо хонон ааспытым. Махталым кинилэргэ улахан. Кинилэр тустарынан туспа суруйуохха наада. Олох суол кытыытыгар олороллор. Ыраах айаҥҥа син биир алдьаныы-кээһэнии баар буолар. Оннооҕор былырыын алдьаммыт сорох массыыналар таһаҕастара кытта турар.
Биһиги, киин улуус дьоно-сэргэтэ, арыый тоҥкуруун соҕуспут быһыылаах. Дьон туһа диэн баран туохтарын барытын туран биэриэх айылаах аһыныгас дьон баарыттан киһи санаата үөрэр. Түмүкпэр Андрюшкино нэһилиэк баһылыгар Римма Гаврильевна, Варвара Егоровна Ашикритоваҕа, Любовь Владимировна Нестероваҕа, Налимскай олохтоохторугар Роман Дмитрьевич Слепцовка, Елена Николаевна Винокуроваҕа, Арҕахтаах олохтоохторугар Дмитрий Михайлович уонна Надежда Михайловна Третьяковтарга, Орто Халыма олохтооҕор Вадим Третьяковка уонна биир дойдулаахпар Николай Мочкиҥҥа барҕа махталбын тиэрдэбин. Айан аргыстаах, суол доҕордоох дииллэр, ол тэҥэ, айанныырым тухары үтүө санаалаах дьону кытта алтыһан кэллим, кинилэргэ иһирэх махталбын ыытабын.
Ульяна Захарова, edersaas.ru