Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ “Айан Хотун-2018” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс сэргэхтик ыытыллан, кыттааччылар сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүлүннэ. Ордук намнар эһиилги күрэхтэһиини ыытар чиэскэ-бочуокка тиксэн үөрдүлэр-көттүлэр.
Бу далааһыннаах тэрээһин түбүгэр-садьыгар куруук буһар-хатар, тэрийсэн түбүгүрэр дьонтон биирдэстэрэ, Таатта улууһунааҕы Дьахталлар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Марфа Аммосова санаатын үллэһиннэ.
—Быйыл саха сэбиэскэй литератураны төрүттээбит улуу суруйааччы, ытык киһи Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар, улууспутугар тимир көлөлөөх кэрэ аҥаардар өрөспүүбүлүкэтээҕи VII күрэхтэһиилэрэ уонна дьахталлар сэбиэттэрин актыыбын сэминээрдэрэ буолла. Онон тэрээһин, уопсайа, үс күн буолла.
Сэминээргэ дьахталлар сэбиэттэрин, дьиэ кэргэҥҥэ туһаайыллар үлэлэр уонна уопсастыбаннас хамсааһынын туһунан кэпсэтии буолла. Дьахтар оруола ханна да үрдүктүк тутулларыгар Далбар Хотуттар бэйэлэрэ оруоллаахтара ыйылынна. Ийэттэн дьиэ кэргэн олоҕун оҥкула тутулуктааҕын, ыал буолан сайдан, чэчирээн олоруу, аныгы үйэ ийэтин туһунан кэпсэтиилэр болҕомтону тартылар. Тэрээһин кыттыылаахтара “Айан Хотун”, сэминээр сыл ахсын улуустан улууска көһөрүллэн ыытыллара үчүгэйин, дьону-сэргэни сомоҕолуурун, итинтэн сылтахтанан саҥаттан-саҥа көрүүлэр киллэриллэллэрин, ол үлэни сайыннарарга, тупсарарга оруоллаахтарын бэлиэтээтилэр.
Манна даҕатан эттэхпинэ, биһиги улууспут автоледилара 2012 сылтан маннык тэрээһиннэри көтүппэттэр. Уус Алдаҥҥа, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Былырыыҥҥы күрэскэ кыайыылааҕынан тахсаннар, быйыл бу тэрээһини биһиги ыыттыбыт. Итиэннэ быйылгы да күрэскэ биһиги улууспут хамаандата бары көрүҥнэргэ ситиһиилээхтик кыттан дойдулаахтарын, дьоннорун-сэргэлэрин үөртүлэр. Түһүлгэлэрин олохтоох дьон буолалларынан, бэрт маанытык оҥордулар. Маастар-кылааска сөптөөх хамсаныыларынан бэйэ доруобуйатын чэбдигирдинэргэ, бэйэни көмүскэнэргэ үөрэппиттэрин тэрээһин кыттыылаахтара олус сэргээтилэр. Онтон да атын тургутуктары бэркэ аастылар диэн хайгыыбын. Итиннэ барытыгар биһиги тимир көлө уруулун туппут кырасаабыссаларбыт оруоллара улахан. Түгэнинэн туһанан эттэхпинэ, улууспутугар “Үрдэл” автооскуоланы Анна Ефимова сатабыллаахтык салайар. Кини маны сэргэ, “Айаана” автокулуубу муоһалыыр, солбуйааччытынан Ванда Никифорова таһаарыылаахтык үлэлиир. Ванда Владимировна 2016 с. “Саха сирэ—Монголия” массыынанан айаҥҥа кыттыбыта. Онтон быйыл улахан үөрүйэхтээх бэтэрээн суоппар Клавдия Аянитова элбэх аһымал аахсыйалаах өрөспүүбүлүкэтээҕи айаҥҥа кыттан, Булуҥ улууһугар тиийэ сылдьыбыттарынан бары киэн туттабыт. Итинник тэрээһиннэргэ аһымал аахсыйалар ыытыллалларын сэргиибит. Ол чэрчитинэн, бу күрэс кыттыылаахтара сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Хара Алдан нэһилиэгин олохтооҕор, сокуоннай сааһын ситэ илик үс оҕолоох аҕаҕа Николай Никифоровка 17 тыһ.солк. харчынан көмө оҥордулар, — диэн кэпсээтэ Марфа Матвеевна. Эһиилги күрэскэ өссө күүскэ бэлэмнэнэн көрсөргө баҕалаахтарын эттэ.
Кэпсэтиибит түмүгэр тэрээһин ситиһиилээхтик барарыгар көмөлөспүт Таатта улууһун баһылыгар М.Соровка, Таатта нэһилиэгин баһылыгар Е.Павловка, Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыгар П.Захаровка, улуус киинин үгүс тэрилтэлэригэр, урбаанньыттарга бириистэри олохтоон улахан өйөбүлү оҥорбуттарыгар, “Сарыал” сынньалаҥ киинэ болҕомтону тардыбыт бэртээхэй сүүйүүлээх оонньууну тэрийбитигэр, СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтин дьиэ кэргэн отделыгар, СӨ Дьахталларын сойууһун бэрэссэдээтэлигэр А.Андрееваҕа үрдүк таһымнаах тэрээһини тэрийсибиттэригэр барҕа махталын тиэртэ.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru