Айан (салгыыта)

Ааптар:  Егор Картузов, «Ытык иэс» кинигэтиттэн
02.04.2023
Бөлөххө киир:

(Кэпсээн салгыыта. Иннин 30.03.23 ааҕыҥ)

Дьэ манна саҕаланна аҕыс суол араллаана, тоҕус суол тоһуура. Уссурийскайы аастылар, Биробиджаны аастылар. Хабаровскайга чугаһаатылар, харчылара биллэ чарааһаата, уматыкка туттарга эрэ 18 тыһыынча хаалла. Куоракка киириигэ ГАИ пуоһун таһыгар түөрт биэрэстэ уһуннаах перегон массыыналара ороспуойдартан куттанан хоммуттар. Биһиги дьоммут толкуйга түстүлэр, ааһа барабыт дуу эбэтэр бу дьону кытта хонобут дуу? Халлаан саҥа үөл-дьүөл сырдаан эрэр, онон ороспуойдар утуйа сытыахтарын сөп этэ. Уолаттар «Соноҕос соргулаах, уол оҕо дьоллоох» диэн баран салгыы ыстаннардылар. ГАИ пуоһун ааһан баран биир Марк II нүөмэрэ суох, хара өҥнөөх массыына турар. Хантан сэрэйиэхтэрэй ол бандьыыттар кэтиир массыыналарын. Сотору буолаат, хара өҥнөөх үс массыына баар буола түстүлэр. Хараҥардыллыбыт түннүктэрин түһэрэн, тохтооҥ, кэпсэтиэххэ диэн далбаатаатылар. Болҕойон көрдөххө эдэр уолаттар, оннук бандьыыт көрүҥнэрэ суох.

Биһиги дьоммут онтон эр ылан, массыыналарын ыга үктээн биэрдилэр. Омук массыыната барахсан хаптайа-хаптайа айаннаан сирилээтэ, салгыны хайытар ытаһа силлиэ тыаһын курдук сирилээн олорор. Халбас харата айан саҕаланна. Икки массыына ойоҕосторуттан, биир кэннилэриттэн, саас быһыйа тоҥокко сур бөрөлөр буур тайаҕы күөйэллэрин курдук күөйэн кэбистилэр. Эмискэ хантан да кэлбитэ биллибэккэ биир массыына иннилэригэр киирэн хорус гынна. Дьаакып туормастаан хачыгыратта, суол таас бүрүөһүнүгэр көлүөһэ эрэһиинэтэ аалсан кыычыгыраата, күөх хойуу буруо будулуйан таҕыста. Кыл мүччү биир эрэ харыс ардайданан үлтү түспэтилэр. Кыратык да таарыйбыттара буоллар, дьонноро баайсан, массыыналарыттан матан, сатыылыахтаахтар этэ. Массыынаттан икки уол ойон түстэ.

-У нас дорого, платите, 800 долларов на машину.

-У нас деньги только на бензин, 18000 рублей.

Улахан суол ороспуойдара кыйыттан турдулар: «Ордук биир да солкуобайы булуохпут да, массыынаҕытын былдьыахпыт», — диэтилэр. Көрбөттөрүгэр онно-манна харчыны кистээһин буолла, аны сиэптэригэр төһө харчылаахтара биллибэт. Барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ буолла. Бандьыыттар ньэҥньийэ массыынаҕа киириэх курдук буолан эрдэхтэринэ, өлүү түбэлтэлээх ГАИ массыыната ыһыырдан кэллэ да, иннилэригэр турар массыынаны бүөлээн кэбистэ. Атыттар куотан субуруйдулар. ГАИ үлэһитэ ороспуойдар массыыналарын кэлин олбоҕуттан икки толору ботуруоннаах аптамааттары булан ылла. Милииссийэлэр эттилэр: «Подъем, пост ГАИ, там оформим изъятие автомата Калашникова». Ороспуойдары хандалы кэтэрдэн массыынаҕа олордон айаннаатылар, биһиги дьоммут батыһан иһэн эмиэ нүөмэрэ суох «Короллаҕа» түбэстилэр.

Улахан бандьыыт ыар-нүһэр тылыттан Дьаакыптаах эттэрэ саласта, куйахалара күүрдэ, уйаларыгар уу киирдэ. Дьэ, кырдьык, маннык сирэйдээх-харахтаах киһи биир да тымыра тардан, ымыттан көрбөккө кус оҕолорун курдук ытыалыыр кыахтаах. Айан арамаантыкатын тутуһан түбэлтэ көрдөөбүт ыччаттарга суоһар суол суодайан кэллэ. Сааны былдьааһын боротокуолугар илии баттаатахтарына, тыыннаах бу дойдуттан арахсыбаттарын көхсүлэринэн сэрэйдилэр. Дьаакыптаах Будимирга түүлээх чөмчөкөлөрүн иһигэр кэлбиттэрин кэмсинэр санаалар элэс гынан аастылар.

Пуоска тиийэн боротокуолга илии баттатаары сордорун сордоотулар, кэлии да соҕох. Төһө да тоҥ күөс быстыҥа эрийдэллэр-молуйдаллар, ГАИ-лар санааларын сиппэтилэр. Онон салгыы айаннааһын буолла.

«Хабаарабыскайы ортотунан бардахха, күрүлүүр күнүс тыытыахтара суоҕа» диэн куоратынан айаннаатылар. Муннуларыгар сыттаахтарын, эмиэ булан ыллылар. Тэҥнэһиэхтэрэ дуу, сэргэстэһиэхтэрэ дуу, тохтуулларыгар тиийдилэр. Эмискэ аҕыс массыына эргийэн кэбистэ.

-Наших парней не сдали, проезд 200 долларов.

-Ваш парень около поста ГАИ сказал, что дорога ровная будет — 100 долларов.

Куттанан мүлүк-халык буолбакка, харахтарын утары көрөн, бэйэ бодолорун тардынан туран ааҕыстылар. Эмискэ туохха да кыһаммакка ыраах турбут кэриэй уола ыһыыран чыскытта уонна сөмүйэтин төбөтүн үрдүгэр өрө тутан далбаатаата. Эмискэ дьонноро субурус гынан хааллылар, быыллара эрэ өрүкүйдэ. Бука, ГАИ пуоһун таһыгар олорор киһилэрэ: «Түүн хоммут массыыналар айаннаатылар», — диэтэҕэ буолуо. «Андылар көттүлэр» диэбиккэ дылы.

Саҥа айаннаан эрдэхтэринэ, үс манипулятор уонна сэттэ кыра массыына суолу барытын тоҕо ааҥнаан кэллилэр. Өйдөөхтүк дьаһаммыттар, ороспуойдар кыайан ситэн ааспат гына. «Кыһалҕа кыһыл кымньыылаах» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Биһиги уолаттарбыт ол дьон кутуругар олорсон айгыстар айан аартыгын тутустулар. Аара суолга хас да сиргэ нүөмэрэ суох массыыналар суол тоҕойдоругар тураллара. Кинилэр да бэйэлээхтэр буоллаллар, кыайан иннилэригэр түһэн тохтотор кыахтара суох. Солбулҕаны тоҥсуйар хара суордуу, биир эмэ быстыбыт-ойдубут массыынаны тохтотон эриэхтэрэ буоллаҕа. Эр киһи ньиэрбэтин тардыллыбыт айа кирсинии күүрдэр, хойуу хааны оргутар халбас харата айан манан түмүктэннэ. Эр бэртэрэ хаста да олохторо ыйааһын бэскитигэр ууруллубута. «Уол оҕо саадаҕын үстэ курданар» диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Будимирдаах Дьаакып араллааннаах айан аартыгын өссө тутуһуохтара дуо?

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0