Саас ыраатан истэҕин аайы, мөлтөөн-ахсаан, доруобуйа туруга алларыйан, үөйбэтэх-ахтыбатах ыарыыҥ арааһа, били, Гиитилэр дьиккэр сэриитэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр — Москуба анныгар тиийэ кимэн киирбитин курдук, атаакалаан сүрэхтэри-быардары хам ылан иһэр буоллаҕа. Хайдах гыныаҥ баарай, күн сырдыга күндүтүйэн, бу Орто дойдуга өссө да олоро түһэр баҕаттан балыыһалары кэрийэн, быраастары манаһан муҥнанабын.
Бытааннык сыҕарыйар уочараты кээрэтэ таарыйа бэйэм курдуктары кытта ону-маны ыаһахтаһабын, батсаап, ыйыстагыраам, пиэйисбук, тибииттэр сонуннарын ырытыһабыт.
Төһө да тыын быһаҕаһынан тыынан аҕылаатар-мэҥилээтэр, мыччыста сатаан баран, түүрэ тардыллан эрэр уостарын уон аҕыстаах кыыс курдук кытарчы кырааскаламмыт, ылҕанан бүппүт хаастарын хара харандааһынан ойуулаабыт мин барааскам нуучча эмээхсинэ: “Батсаапка Арассыыйа кылаабынай сүрэх бырааһа ким эрэ хаппыт Токарева диэн хотун 70 тыһыынча солкуобайы уйунан тымырдарын ыраастатар кыаҕа суох үлэлээбэт, судаарыстыбаҕа туһалаабат биэнсийэлээх, кыаммат араҥаны, дойдуга наадата суох айах адаҕаларын тоҕо эмтиэхтээхпитий. Арассыыйаҕа эми босхо биэрэри, босхо эмтиири, саҥаттан-саҥа араас чэпчэтиилэри олохтууру, урукку олохтоммуттары да тохтотуохха. Ханнык эрэ боростуой оробуочайы хайдах баҕарар уларытыахха, атынынан солбуйуохха сөп. Босхо үлэһит илиини хантан баҕарар, омук сирдэриттэн аҕалыахха. Ыарыйдахтарына дойдуларыгар утаартаан, саҥалары, доруобайдары аҕалтыы олоруохха. Үптээх-харчылаах чунуобунньуктары, тойоттору – дойдуга туһаны киллэрэр дьону эрэ эмтиир бэрээдэги олохтууру туруорсар үһү», — диэн ыҥырыа уйатын тоҕо тардан кэбистэ.
Ол хотун этэринии, биэнсийэлээх айах адаҕалара муҥнаахтар кыйаханан, кус-хаас аймалҕанын тардан кэбистибит: «Суоластар, тотон өлбүттэр, дойдубут баһыттан сытыйан бүтэн эрэрэ итинтэн көстөр! Арассыыйа нэһилиэнньэтин 60 бырыһыана кыаммат, кумалаан балаһыанньалаах. Барыбытын эмтээбэккэ өлөртөөрү тииһэн эрдэхтэрэ. Дойду кылаабынай сүрэх бырааһа итинник туойа олорор буолан, ыраата барбакка, өрөспүүбүлүкэбит доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр, эминэн эргинии салаатыгар ыарыһахтар астарын харчытын мөлүйүөнүнэн уоран сии олороллоро, Мэдиссиинэ киинигэр, 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа үлэлиир сүрүн эмчиттэрбит кыттыгастаах улахан саайка эмп сыанатын икки-үс бүк үрдэтэн атыылаан, биһигинньиктэри ыан, миллиардынан үбү сии олороро сонун буолбатах. Хоруупсуйаһыттар, ыттар! Эмтээн абыраабатыннар, итинник буоллаҕына, мантан инньэ өссө соруйан атарабыы гыналлара буолуо…»
– Тохтооҥ, бу туох алдьархай ньамалаһыытай! – кытара кыыһырбыт үрүҥ халааттаах аанньал часкыырыттан соһуйан ньим баран хааллыбыт. Эмтэнээри кэлэн олорорбутун умнан кэбиһээхтээбиппит, айах адаҕалара сордоохтор…