Айаал сулустаах чааһын күүтэр

14.04.2018
Бөлөххө киир:

«Оҕо сылдьан туох идэлээх киһи буоларбын куруук таайа саныырым, ким баҕар буолуох курдук этим. Ол баҕам туолан, билигин мин тыйаатыр сыанатыгар кими баҕар, туох баҕар идэлээх киһини оонньуохпун сөп», – диэн Саха тыйаатырын артыыһынаан Айаал Аммосовтыын кэпсэтиибитин саҕалыыбыт.

Быйыл Саха тыйаатырын тутаах үлэһиттэрэ Айаал Аммосов, Сергей Потапов, Ирина Никифорова, Иннокентий Луковцев, Сергей Баланов, Петр Садовников уо.д.а. култуура колледжын бүтэрбиттэрэ хайыы-үйэ сүүрбэ сыла буолла. Кинилэри тыйаатыр эйгэтигэр ССРС судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреаттара, Саха сирин үтүөлээх артыыстара Ефим Степанов уонна Симон Федотов киллэрбиттэрэ. Колледжка үөрэммит сылларын, тыйаатырга үлэ, гоструоллар, сулустаах чаас туһунан Айаал Аммосов кэпсиир.

Устудьуон умнуллубат сыллара

  • Тыйаатыр артыыһа буоларга хайдах быһаарыммыккыный? Култуура колледжыгар үөрэммит сылларыҥ хайдах ааспыттарай?
  • Мин оруобуна 1992 сыллаахха дойдубутугар уларыйыы-тэлэрийии бөҕөтө буола турдаҕына оскуолабын бүтэрбитим. Бу диэн туох ханнык үөрэххэ туттарсыахпын, идэни баһылыахпын баҕарарбын билбэт этим. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан омук тылыгар тыыппалаах этим. Онон СГУ омук тылын салаатыгар эксээмэн туттара тиийбитим. Биэрбит сүүрбэ билиэттэриттэн уон аҕыһын аахпытым, оттон хаалбыт иккитин үөрэппэккэ хаалбытым. Өрүү түбэлтэлээх үөрэппэтэх билиэтим түбэстэ, «мерси боку, аревуар» диэт, тахсар ааны былдьастым. Бу санаатахха, баҕар, онно этэҥҥэ туттарбытым буоллар, билигин тылбаасчыт дуу, учуутал дуу буолан олорор буолуом этэ. Онтон күтүөтүм култуура колледжыгар Саха тыйаатырыгар анаан устуудьуйа арыллар диэни истибит этэ. Аны онно туттарса барар буоллум. Эксээмэҥҥэ тиийбитим, Сунтаарга биир оскуолаҕа үөрэммит уолум Сергей Потапов сылдьар этэ. Мин Айаал буоларым быһыытынан Суорун Омоллоон «Айаалыттан» монолог аахтым, гитараҕа оонньоотум. Арай саҥардаҕым ахсын тутар хамыыһыйаҕа олорор учууталларым күлэллэр, кэлин өйдөөбүтүм сунтаардыы унаарытан саҥарбыппыттан быһыылаах. Туттарсан киирдим, онтон ыла умнуллубат устудьуон бэһиэлэй сыллара саҕаламмытара. Ол кэмнэри наһаа истиҥник, сылаастык саныыбын. Оҕолор бары үөрэ-көтө, ыллыы-туойа сылдьарбыт, учууталларбыт оҕолуу истиҥник сыһыаннаһан үөрэтэллэрэ.
  • Үөрэммит сылларгыт тухары Ефим Николаевич оҕолорун тэҥэ буоллаххыт дии…
  • Оннук, Ефим Николаевич кууруспут маастара. Кини хайдах эрэ атын учууталлартан ураты үөрэтэр ньымалаах буолара. Кини мин тугу баҕарарбын, хайдах оонньуохпун баҕарарбын тута таайара, сэрэйэрэ. Үөрэнээччитэ сөп толкуйга кэлиэр диэри үөрэтэрэ, кини мээнэ ол толкуйу этэн биэрбэт этэ, бэйэбит тобулан тиийиэхтээхпит. Кини суолдьут буолан, ыйан-кэрдэн, ситэрэн-хоторон биэрбитин бэйэбит даҕаны өйдөөбөккө хаалбыппыт. Бу – дьиҥнээх учуутал хаачыстыбата дии саныыбын. Мин иккис курууска үөрэнэ сылдьан Алампа «Олох оонньуура» драматыгар Уйбааныһы толорор буоллум. Онуоха репетицияҕа джинсы ыстааннаах кэлбиппэр, Ефим Николаевич «хайа, бу Алампа Уйбааныһын джинсылаах оонньууллар үһү дуо?» диэбитин өйдөөн хаалбыппын. Онно учууталбытын, кырдьык, саха норуотугар, култууратыгар бүтүннүү бэйэтин бэриммит улуу киһи эбит диэммин өйдөөбүтүм уонна сөҕө санаабытым.
  • Бастакы оруолларыҥ, гостуруолларыҥ туһунан ахтан ааһыахха.
  • Төрдүс куурус иннинэ гостуруолга айаннаатыбыт. Онно хас биирдиибит туохха эмит эппиэтинэстээх буолар – сценограф, декоратор, костюмер, гример… Бэйэбит сыалай кыра тыйаатыр курдук буолан хаалбыппыт. Сыанаҕа оонньуу сылдьан бэйэ-бэйэбитини өйөһүү, үөйбэтэх түбэлтэттэн быыһааһын да үгүс буолара. Онтон Москваҕа «Подиум» диэн аан дойдутааҕы фестивальга кытта көппүппүт. Шекспир «Сон в летнюю ночь» кэмиэдьийэтин туруорбуппут. Ол бүтүн аан дойдуттан барытыттан мустубут тыйаатырдар быыстарыгар киирэн, биир сыанаҕа оонньоон, тыйаатыр эйгэтин кыра чааһа буоларбыттан олус үөрбүтүм.

Идэҕэ бастакы хардыылар

  • Саха тыйаатырыгар үөрэххитин бүтэрэн үлэлии кэллигит. Бастакы оруолгун өйдүүгүн дуо? Төһө долгуйбуккунуй?
  • Устудьуоннуу сылдьан, 1995 сыллаахха Саха тыйаатырыгар бастакы оруолум – «Ийэ сирэ» испиктээкилгэ Джайнак оруолун толорбутум. Оруолбун оонньуурбар олус долгуйарым. Режиссер Федот Потапов репетиция кэмигэр «Айаал, улаханнык саҥар, саҥан иһиллибэт!» диир, онуох туох баарбынан улаханнык саҥардахпына аны олус түргэнник саҥаран кэбиһэбин. Онуоха хас биирдии артыыс сүбэлиирэ, мин туспар олус кыһаллаллара. Онтон 1996 сыллаахха үөрэхпитин бүтэрэн, Саха тыйаатырыгар үлэлии киирдибит. Ол сыл «Илиир хоруол» турар буолла, мин Эдгары оонньоотум. Манна Саха сиригэр репетицияланныбыт эрэ. Испэктээкил сүрэхтэниитэ Москваҕа Маяковскай аатынан тыйаатырга буолар диэн буолла. Санааҥ көрүҥ – бэҕэһээҥҥи устудьуоннар учууталларыҥ кытта биир сыанаҕа улуу Шекспир трагедиятын Москва тыйаатырыгар оонньуу, сүрэхтии сылдьаллар. Барыта түүл-бит курдук ааста, көрөөччүлэрбит астыннылар аҕай. Аны ол кэнниттэн Киэсикпит – Иннокентий Луковцев судаарыстыбаннай премия лауерата буолла. Үөрүү үрдүгэр үөрүү! Маннык чаҕылхайдык тыйаатырга бастакы хардыыларбытын оҥорбуппут. Онтон аны «Наара суох» испиктээкили Федот Потапов урукку туруорууна саҥардан, биһиги куурус бары оонньуур буоллубут. Бу быйыл Халымаҕа гостуруолга сырыттахпытына, «Наара суохпут» сыанаҕа турбута биэс уон сылын бэлиэтээбиппит, ол күн халымаларга көрдөрбүппүт. Быйыл тыйаатырбыт 110 үбүлүөйдээх сылынан сибээчтээн күһүҥҥэттэн бырааттыы дойдуларбытыгар Киргизияҕа, Татарстаҥҥа, Башкирияҕа, Казахстаҥҥа уонна Москваҕа улахан гостуруолга айаннаары сылдьабыт.
  • Сыанаҕа испэктээкил кэмигэр үөйбэтэх өттүттэн араас буолар дииллэр. Артыыстар тылларын булкуйаллар, умналлар… Эйиэхэ маннык буолбута дуо?
  • Испэктээкил киинэ буолбатах, эриттэрэн иккистээн көрбөккүн. Биир испэктээкилгэ куруук биирдик хааман киирэбит, биири саҥарабыт, ол эрээри син биир атын буолар. Тыйаатыр билигин баар уонна хатыламмат. Артыыс сырыы аайы биири да оонньоотор саҥаны киллэриэхтээх, оонньуутун уларыта сатыахтаах. Ардыгар бэйэм соруйан, бииргэ оонньуу сылдьар артыыстарбын соһутаары даҕаны тылбын эргитэн атыннык саҥарааччыбын. Хаһан эрэ «Лоокуут уонна Ньургуһун» испиктээкилгэ Ирина Никифоровалыын оонньуу сырыттыбыт. Ирина «икки хатыҥтан элбэх үүнүөн баҕарбаппын» диэхтээҕин оннугар «хатыҥ чараҥ буолан силигилии үүнүөн баҕарабын» диэн кэбистэ. Онуоха испиктээкилбит иккис тыын ылбыт курдук буолбута, көрөөччүлэр тута уларыйа түстүлэр, оонньуубут олус сэргэхтик барда. Инник ардыгар уларытыы сэргэхситиини киллэриэн сөп, ол эрээри наһаа уларытар эмиэ соччото суох бөҕө буоллаҕа.
  • Оччоҕо хас биирдии испэктээкилгэ тылгытын барытын өйгө үөрэтэҕит дуо?
  • Барытын үөрэтиэхтээхпит. Бастаан олус ыарырҕатар этим, онно оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына эдьиийим хоһооннору үөрэттэрэр этэ, ол туһалаата быһыылаах. Билигини оннооҕор атын артыыстар тылларын туох кэнниттэн ханнык тыллара кэлэрин эндэппэккэ билэбин. Холобура, «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээкилгэ куруук бастакым курдук долгуйабын, тылбын хатылаа да хатылаа, үөрэт да үөрэт буолабын. Оттон «Наара суоҕу» түүн ортото уһугуннардахтарына даҕаны чэпчэкитик оонньуом этэ.

Сулустаах чаас эргиллиэн сөп

  • Кистэлэҥ буолбатах, артыыстарга «сулустаах чаас» баар буолар. Эн «сулустаах чааһыҥ» хаһан этэй?
  • Тоҕуһуонус сыллар бүтүүлэригэр атын үлэ буллум уонна тыйаатыртан барарга санана сылдьыбыттааҕым. Улахан оруолум да суох, хамнаһым кып-кыра… Ыллым да үлэбиттэн уурайар туһунан сайаапка суруйдум, оччотооҕу дириэктэрибитигэр Степан Емельяновка киллэрдим. Онуоха кини «тохтоо-тохтоо, Андрей Саввичка биэрээр» диэт, сайаапкабын төттөрү уунна. Ол киэһэ Андрей Саввиһы оруобуна көрсө түстүм. «Хайа, Айаал, тыйаатыртан бүтэн эрэр үһүгүн дуу? Мин эйиэхэ оруобуна саҥа оруол бэлэмнии сылдьабын, маны аах», – диэн баран хап-халыҥнык бэчээттэммит пьесаны ылан туттаран кэбистэ. Мин тута тыйаатыр фойетыгар олорон эрэ ол пьесаны ааҕан кэбистим уонна толкуйданным… Оннук хаалар буолбутум. Ол кэнниттэн буолуо, сулустаах чааһым кэлиитэ. Мин санаабар, сулустаах чааһым өссө да иннибэр быһыылаах. Сулустаах чааһым иккистээн эргиллиэ диэбэппин, ол эрээри, мин өссө тугу эрэ ситэ оҥорботох, оонньооботох, эппэтэх курдукпун…
  • Тыйаатырга туох үгэстэр баалларый? Эн тугу тутуһаҕыҥ?
  • Оруол тэтэрээтэ диэн баар, манна оонньуохтаах испэктээкилин тыллара суруллаллар. Бу тэтэрээти алҕаска сиргэ түһэрэн кэбистэххинэ, тэтэрээт үрдүгэр олорон баран ылыахтааххын диэн. Олорбокко эрэр сиртэн тута ыллаххына оруолун табыллыа суоҕа диэн өйдөбүллээхпит. Артыыстар бары бу үгэһи тутуһабыт. Бэйэм туспа эмиэ үгэстэрдээхпин. Испэктээкил иннинэ уоскуйуохха, хомуна, чуумпуран, олоро түһүөххэ наада. Утуйаары сытан тугу гынарбын, ким кэнниттэн туох диэн саҥарарабын барытын толкуйдааччыбын. Онтон сарсыарда үлэбэр эрдэ кэлэн, ким да суоҕуна эмиэ тылбын хатылааччыбын. Ыһыллан, ыксаан баран сыанаҕа таҕыстахха эмиэ оннук ыһылла, тиэтэйэ-саарайа оонньуугун.
  • Быйыл Саха сиринээҕи тыйаатыр деятеллэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ буолбутуҥ. Тыйаатыр эйгэтигэр туох уларыйыылар буолуохтарай, саҥа сүүрээннэр киириэхтэрэй?
  • Сочига «Театр перемен» диэн форум буолбута, онно сылдьан кэлбитим. Онно, дьэ, атын куорат сойуустара хайдах үлэлииллэрин көрөн-истэн кэллим. Күөстүү оргуйар үлэлээх уонна олох быстар мөлтөх үлэлээх сойуустар эмиэ бааллар эбит. Биһиги сойууспут Уһук Илиҥҥэ саамай элбэх киһини хабар сойуус буолар. Былааным олус элбэх, аныгыс сезонтан күүскэ үлэлиэм. Саамай улахан баҕа санаам – Артыыс дьиэтин арыйыы. Билигин үгүс көрөөччү даҕаны ирдиир – артыыстары кытта илэ көрсөн кэпсэтиэхтэрин, айар киэһэлэргэ сылдьыахтарын баҕараллар. Биһиги тыйаатырдарбытыгар олус элбэх талааннаах ыччат үлэлиир, кинилэр көмөлөрүнэн романс, поэзия, муусука киэһэлин оҥоруохха сөп диэн толкуйдуубун. Саха сиригэр Артыыс дьиэтин арыйыы Гаврил Колесов саҕаттан баар ыра санаа буолар.

Тус олох, дьиэ кэргэн

  • Дьокуускайга тутуу тэрилтэлээҕин туһунан истэн аһарбытым,ол кырдьык дуо?
  • Бэйэм дьыала тэринэн үлэлээбитим быданнаата, тутуу тэрилтэлээхпин. Билигин киин куораппытыгар тоҕус этээстээх түөрт подъезтаах дьиэ тута сылдьабыт.
  • Аны Дьокуускай уулуссаларыгар мотоциклынан сылдьаргын элбэхтэ көрбүтүм…
  • Кыра эрдэхпиттэн бу тимир көлөнү олус сөбүлүүбүн. Төрдүс кылааһы бүтэрбиппэр, дьонум мопед ылан биэрбиттэрэ. Онон дэриэбинэни биир гына көтүтэр этим. Онтон улахан кылаастарга үөрэнэ сылдьан, бэйэм харчы мунньунан, кыратык дьоммуттан эбинэн, минскэй ылыммтым. Кэлин аҕам «Днепрынан» «көтүтэр» буолбутум. Дьокуускайга кэлэн баран, тоҕо мотоциклынан ким да айаннаабатый дии саныырым. Биирдэ биллэрии аахпытым, мотоцикл атыылыыбын диэн. Тута толкуйдаабакка эрэ ол киэһэ баран атыыласпытым. Бу кэлин «Harley-Davidson» диэн американскай фирма мотоциклы сүүрдэ сылдьабын.
  • Тус олоххун үгүс киһи интэриэһиргиир. Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ
  • Кэргэмминээн Сардааналыын биир оскуолаҕа сэргэ кылаастарга үөрэммиппит. Оскуоланы бүтэрбиппит уон сылыгар бырааһынньыкка көрсөн, онтон сылдьан, ыал буолбуппут. Сардаана идэтинэн судьуйалыыр, икки уол оҕолоохпут.

«Сулустаах кууруһу» талбыт, үөрэппит, бииргэ үлэлээбит Андрей Саввич Борисов санаатын үллэстэр:

– 90-с сылларга соҕуруу куораттарга оҕолору үөрэттэрэ ыытар ыарахаттардаах буолбута. Оччоллорго Саха тыйаатырыгар саамай эдэр артыыстарбытынан 1985 сыллаахха Москваҕа Щепкин аатынан училищены бүтэрбит дьон үлэлии-хамсыы сылдьаллара. Онон култуура колледжыгар улахан уларыйыы таһаараммыт, өрөспүүбүлүкэбитигэр артыыс үөрэҕин арыйбыппыт. Ол түмүгэр араас улуустартан оҕолору таламмыт, үөрэтэн саҕалаабыппыт. Кууруһу Ефим Степанов уонна Симон Федотов үөрэтэллэрэ-такайаллара. Билигин санаатахха, бу саамай сөптөөх быһаарыныыны ылыммыт эбиппит. Атын артыыс үөрэхтэригэр оҕолору номнуо тыйаатыртан тэйбит дьон үөрэтэр эбит буоллахтарына, биһиги оҕолорбутун тыйаатырбыт саамай тутаах дьоно сырдыкка угуйаллара. Оҕолорбут үөрэхтэрин бүтэрэн, тыйаатырга чаҕылхай оруоллары оонньоон, Айаал Аммосов уонна Иннокентий Луковцев судаарыстыбаннай премия лауреаттара, үгүстэрэр Саха сирин үтүөлээх артыыстара буолбуттара. Саҥа үөрэхтэрин бүтэрбит дьон улахан оруоллары оонньоон, суоллара тута арыллыбыта диэххэ наада. Бу кууруһу «могучий курс» диэн ааттааччыбын. Сергей Потаповпыт аан дойду масштабтаах режисеер буолбута биһиги олус үөрдэр. Ефим Николаевич билиҥҥээҥҥэ диэри үөрэппит оҕолорун үөрэтэр-такайар, биэбэйдэһэр. Оттон Симон Петрович олус киэн туттара.

Айтана АММОСОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0