Айаал Лазарев сарсын киирсэр кыахтанна!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Гейбл Стивесон Монголия бөҕөһүн Лхагвагерел Мунхтуру 5:0 ахсаанынан хотон, финалга таҕыста.

Онон, Айаал Лазарев сарсын «уоскутар» бөлөх тустуутугар, Таха Акгюлу кытары киирсэр кыахтанна! Уолбут туһугар Үрдүкү Айыылартан көрдөһүөҕүҥ.

Бүгүн батсаабынан араас тыл-өс иһилиннэ, ол быыһыгар «Лазарев хотторор эрээри, тоҕо киирсибитэй?» диэччилэр эмиэ бааллар. Итинник тутах өйдөөхтөргө туһаайан мин тус бэйэм маннык этиэхпин баҕарабын: Бу эһиги халлаантан түспүт дьоҥҥут дуо? 300 мөлүйүөн киһи нэһилиэнньэлээх улуу дойдулартан сүүмэрдэнэн, талыллан ахан кэлбит, сири сиҥнэрэр бухатыырдары кытары саха уола биир түһүлгэҕэ тахсара да дьоһун дьыала буолбаат?! Олимпиада курдук улуу түһүлгэҕэ киирсэр оҕобутугар ыалдьар, алгыһынан кини санаатын бөҕөргөтөр оннугар тоҕо үөхсэҕитий? Итинэн эһиги бэйэҕитин үөхсэҕит эбээт!

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0