«…Син биир дьон ортотугар cылдьыам этэ».

Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү «Итии чэй» рубрикабытыгар эдэркээн сааһыгар СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата буолбут, СӨ үтүөлээх артыыһа, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа Айаал Аммосовы кытары сэһэргэстибит. Айаал Аммосов билигин Даана Сард «Ааспыт ааспат амтана» сериалга уһулла сылдьар.

edersaas.ru

— Тыйаатыр артыыһын идэтигэр үөрэнии эн ыра санааҥ ымыыта этэ дуу, туох эрэ түгэнтэн сиэттэрэн дуу?

Аан бастаан омук тылыгар туттарсыбытым. Ол гынан баран, «тыастаах бырабаал» кэнниттэн артыыс идэтигэр үөрэнэ киирбитим.

— Эһиги устуудьуйа САССР үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа, РФ уонна СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Ефим Степанов «оҕолоро» буолаҕыт. Онон, билигин биир сыанаҕа үлэлии, айа-тута сылдьар артыыстаргытыгар үөрэммит, уһуйуллубут уратылааххыт.

— Оннук. Биһиги Сахабыт сиригэр култуура араас үлэһиттэрин бэлэмниир кэллиэскэ үөрэммиппит. СӨ уонна РФ үтүөлээх артыыһа Михаил Гоголев сценаҕа тахсыах иннинэ гириимнэнэргэ, САССР үтүөлээх артыыската Мария Канаева сыанаҕа саҥарарга­, РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа Анатолий Николаев, СӨ норуодунай артыыһа Иннокентий Дакаяров сыанаҕа хамсанарга, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыската Елена Сергеева-Румянцева үҥкүүгэ уо.д.а. үөрэппиттэрэ. Артыыс маастарыстыбатыгар ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреаттарыгар Симон Федотовка, Ефим Степановка уһуйуллубут дьоллоохпут. Онон «тыйаатыр оҕолоробут» диэтэххэ, сыыһа буолбата буолуо.

—  Омук сиригэр тиийэ сураҕырар, киэн туттар Сахабыт тыйаатырын үгэстэриттэн ханныгы ордук сыаналыыгын?

— Ааспыт сезоҥҥа тыйаатырга элбэх саҥа, олус интэриэһинэй испэктээктэр туруоруллан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. Тыйаатырбытыгар талааннаах, элбэҕи эрэннэрэр ыччаттардаахпыт. Биһиги кэлэктииппит биир уратытынан, тыйаатыр хара тэриллиэҕиттэн илдьэ кэлбит үгэстэрин харыстыыра уонна тэтимнээх олохпутугар сөп түбэһэрэ, инникини өтө көрөр саҥа көстүүлэри киллэрэ турара, сонунтан сонун идиэйэлэрдээҕэ буолар.

— А.Пушкин аатынан Нуучча тыйаатырыгар турбут «Одиссея инока Якутского» испэктээккэ ситиһиилээхтик оонньоон, эдэркээн сааскар П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата буолбутуҥ. Ол дьоллоох түгэҥҥэ туох санаалар, иэйиилэр киирбиттэрэй?

— Судаарыстыбаннай бириэмийэни «абаансанан» ылбыппын уонна миэхэ улахан эрэл, үрдүк эппиэтинэс сүктэриллибитин өйдөөбүтүм. Өссө күүстээх уобарастары айыахпын, көрөөччүлэрим эрэллэрин түһэн биэрбэт курдук үлэлиэхпин, тапталлаах тыйаатырым аар­саарга аатырарын туһугар бэйэм кылааппын киллэриэхпин өссө күүскэ баҕарбытым.

— Тыйаатыр кэлэр сезонуттан тугу күүтэҕин?

— Хас биирдии артыыс интэриэһинэй оруоллары, сонун үлэлэри, туох эрэ дьиктини күүтэр, арылла илик аартыктары арыйыан баҕарар. Артыыс уопсайынан оруолларынан олорор. Уу сүүрүгүнүү уста турар, түргэн тэтимнээх олохпутугар тыйаатыр дьон­өйүн санаатын сааһылыыр, орто дойду олоҕор сөптөөх суолу тутуһарга көмөлөһөр. Уопсайынан, олох тэтимэ олус түргэтээтэ. Хас күн аайы биһигини наһаа элбэх иһитиннэрии иилии эргийэр, онтон киһи сүүмэрдээн, үтүөтүн талан олох олорор. Дойду баһылыга В.Путин Ыйааҕынан 2019 сыл Арассыыйаҕа Тыйаатыр сыла биллэриллээри турар. Итиннэ тирэнэн, саха театральнай искусствота өссө сайдарыгар үлэлиэхтээхпит, саҥа сонун хайысхалары көрдөөн, олоххо киллэриэхтээхпит. Театральнай искусство аныгы мусуойа наада. Сахабыт сирин бастыҥ уолаттара төрүттээбит тыйаатырдарын историятын кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыахтаахпыт.

— Хаһыаттарга, социальнай ситимнэргэ да көрдөххө артыыстар сайын улаханнык сынньаммат эбиттэр.

— Былырыын тэлэбиисэргэ көстүбүт, дьон биһирэбилин ылбыт Даана Сард «Ааспыт ааспат амтана» сериалын салгыыта уһулла сылдьар. Онон кылгас кэмҥэ тыа сиригэр эмиэ дьоруойум олоҕунан олордум.  Манна даҕатан эттэххэ, биһиги тыйаатырбыт артыыстара сайын быар куустан олорботох буолуохтаахтар. Бары талааннаах дьон. Уолаттар, эр дьон урут дьиэ, даача тутууларыгар биригээдэ тэринэн үлэлииллэрэ. Биир идэлээхтэрим хоһоон суруйар, тимиргэ, маска уһанар ураты дьоҕурдаахтар. Кэрэ аҥаардарбыт ыраас суоллаах иистэринэн, үөрэхтээх худуоһунньуктартан итэҕэһэ суох уруһуйдарынан үөрдэллэр. Уопсайынан, бары өттүнэн дэгиттэр дьон. Дьоҕурдаах, талааннаах дьону кытары үлэлиир, биир салгынынан тыынар, эбиитин биир испэктээккэ оонньуур – дьол.

— Артыыс киһи куруук харах далыгар сылдьар. Ол эн олоххор хайдах дьайарый?

— Икки өрүттээх. Дьоҥҥо­сэргэҕэ биллэр киһи, биллэн турар, бэйэ бодотун тардына, үлэлиир тэрилтэтин аатын-суолун өрө тута сылдьыахтаах.

— Быйыл сайын эйигин Саха сирин култууратын миниистиринэн анаммытыҥ курдук сурах социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта. Тута итэҕэйбит да, саарбахтаабыт да дьон бааллара.

— Олус соһуйбутум. Төрөөбүт Сунтаарым дьонуттан саҕалаан эҕэрдэлээбиттэрэ. Маннык «куһу» ким көтүппүтүн билбэппин. Арай, биири билэбин – мин бэйэм миэстэбэр баарбын, таптыыр идэбинэн үлэлии сылдьабын.

— Билигин биирдэ эмэ санаан көрдөххүнэ, артыыс буолбатаҕыҥ эбитэ буоллар, туох идэлээх буолуоҥ этэй?

— Син биир дьон­сэргэ ортотугар сылдьар үлэҕэ сылдьыам эбитэ буолуо. Дьылҕам миигин тыйаатырга аҕалбытыгар олус махтанабын.

Сэмсэ тыл:

Матрена Сивцева, тыйаатыр көрөөччүтэ:

— Мин Айаал Аммосов талааныгар олус сүгүрүйэбин. Кинини гитараҕа ыллыыр, хоһооннору ис-иһиттэн иэйиилээхтик ааҕар романтик артыыс быһыытынан ылынабын. Киһи хайдах майгылааҕа син биир сирэйиттэн-хараҕыттан биллэр дии саныыбын. Айаал Аммосов олус күүстээх уобарастары арыйар, элбэҕи эрэннэрэр артыыс. Ону кинини «Сир ийэ», «Одиссея инока Якутского», «Дыгын Дархан», «Хайаан да эргиллиэм», «Учуутал» уо.д.а. улахан испэктээктэргэ көрбүт буолан этэбин. Тыйаатыр кэлэктиибэ сүрүн оруолга кини оонньуур испэктээгин туруоруоҕар олус эрэнэбин.

ЫСПЫРААПКА:

Айаал Александрович АММОСОВ:

1975 с. бэс ыйын 18 күнүгэр Сунтаар улууһун Сунтаар с. төрөөбүтэ;

1996 с. култуура уонна искусство өрөспүүбүлүкэтээҕи кэллиэһин театральнай устуудьуйатын бүтэрбитэ;

1996 сылтан П.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар артыыһынан үлэлиир;

2000 с. литература уонна искусство салаатыгар П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатынан буолбута.

2006 с. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа» үрдүк ааты ылбыта.

2007 с. култуура уонна искусство Илин-Сибиирдээҕи академиятын бүтэрбитэ.

2016 сылтан СӨ Тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ.

Кэргэннээх. Икки оҕолоох.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0