Бүгүн «Инстаграм» ситимҥэ эҥин араас дьикти дьарыктаах дьоннору булуохха сөп.
Ким эрэ хомус тардарга үөрэтэр, ким эрэ ынах тылынан хаан оборторон эмтиир, сорохтор йога ньымаларыгар үөрэтэллэр. Көрдүү сатаатахха, ханнык баҕарар бэйэҕэр ордук чугас дьарыгы булуохха сөп. Холобур, мин соторутааҕыта “Айылҕаҕа тахсан чэй иһиитин сиэрин-туомун кытайдыы ыытабыт, кыттыһыҥ!” диэн сонуну долгуйа аахпытым. Биһиги дойдубутугар чэйи элбэх киһи иһэр эрээри, үксүн хара чэйи эрэ иһэллэр. Кэнники кэмҥэ дьон үксэ олох даҕаны биирдэ туттуллар бакыаттаах чэйгэ көстүлэр, оннооҕор чэйи иһиккэ оргутар кытта өр уонна уустук курдук буолла. Онон уонча сыл устата уустук оҥоһуулаах Кытай чэйдэринэн үлүһүйэр киһи буоларым быһыытынан, бу биллэриини улаханнык долгуйа ылынным, тута суруйсан, кыттар баҕалаахпын биллэрдим. Ити курдук, “Отшельник” чэй түмсүүтүн кытта билсиспитим.
https://www.instagram.com/p/CEhWgGFo15J/?utm_source=ig_web_copy_link
ЧЭЙ ЭРЭ БУОЛБАТАХ
Өрөбүл күн уонча киһи буолан мустан, мырааны дабайбыппыт. Мустубуттар улахан аҥаарбыт саҥа дьон эбиппит. Үгүстэр кытай чэйин туһунан истэн эрэ билэр, туох эрэ саҥаҕа үөрэнээри кэлбит дьон эбит. Миэстэтигэр балай да өр хааман тиийдибит, онно тэрээһин сүрүн киһитэ — чэй өрөөччү Айаал Акимов эрдэ тахсан үлэ бөҕөнү үлэлээбит эбит. Сөптөөх ырааһыйа булан, мас мастаан, оллоон оҥорон, түптэҕэ кии хомуйан, түмсүү сирин “дьиэтитэн” тоһуйда.
Билсиһии кэнниттэн Айаал тыл ылан, кылгастык кытай чэйэ туох уратылааҕын, ханнык көрүҥнэргэ арахсарын туһунан кэпсээтэ, тоҕо бу хайысханан бэйэтэ үлүһүйбүтүн билиһиннэрдэ. Кини этэринэн, чэйи сиэри-туому тутуһан иһии – көннөрү утаҕы ханнарыы буолбатах, ис туругу сааһылыыр, өйү-санааны уһугуннарар, дириҥ ис хоһоонноох, туһалаах дьарык.
Ол кэнниттэн уот тула олорон быыкаайык чааскылартан араас амтаннаах чэйдэри амсайыы саҕаланна. Бу иннинэ “хара уонна күөх” эрэ чэйи билэр дьоҥҥо, чэй дьүһүнэ элбэҕэ дьикти сонун буолла. Үрүҥ, араҕас, күөх, улун, кыһыл, пуэр, хара чэйдэр туһунан кэпсии олорон, Айаал олортон сорохторун тута оҥорон, амтана хайдаҕын билиһиннэрдэ. Сааспыт тухары “хара чэй” диэн ааттыыр утахпыт дойдутугар “кыһыл чэй” диэн ааттанара кытта сорохторго сонун буолла.
Ити курдук оллоон тула олорон, сүр истиҥник чугасаһан, кэпсэтэн-ипсэтэн бардыбыт. Түмсүү биир урукку кыттыылааҕа Эркин Попов кылыһахха (дьон үксэ билигин кырыымпа диэн ааттыыр үнүстүрүмүөннэрин дьиҥнээх аата “кылыһах” диэн) тардан, дьикти матыыптары кыҥкынатта. Ону саҥа кэлбит кыыс уонна түмсүү биир кыттыылааҕа Айсиэн гитаранан уонна таҥсырынан иилэ хабан доҕуһуоллаатылар.
Чэй уонна муусука биэрбит уоскулаҥын Леша Naoblake (түмсүү биир маҥнайгы кыттыылааҕа) медитация сеансынан өссө дириҥэтэн биэрбитэ…
Ити курдук, биир дьикти үчүгэй тэрээһиҥҥэ кыттан турардаахпын. Ол кэнниттэн өссө хаста даҕаны бу түмсүүнү кытта чэйдэһэ, муусука истэ тахса сылдьыбытым. Соторутааҕыта Айааллыын хайдах бу түмсүү үөскээбитин туһунан кэпсэттибит.
https://www.instagram.com/tv/CFZbt_fKKBS/?utm_source=ig_web_copy_link
ДЬОНУ КЫТТА ҮЛЛЭСТЭЭРИ…
— Айаал, хайдах кытай чэйинэн үлүһүйбүккүнүй?
— Икки сыл кэриэтэ үлэбинэн Кытайга олорбутум. Онно элбэҕи билбитим-көрбүтүм эрээри, сүрүн арыйыым дуу, булумньум дуу, чэй эйгэтэ буолбута. Урут Арассыыйа олохтоохторун үгүстэрин курдук, чэйи көннөрү утах курдук саныырым. Кытайга сылдьан, улахан суолталаах буоларын өйдөөбүтүм. Кыра кыралаан чэй арааһын боруобалаан, сиэрин-туомун, устуоруйатын, туттар иһитин үөрэтэн барбытым.
— Тоҕо түмсүү тэрийэргэ санаммыккыный?
— Чэйи дириҥник үөрэтэн барбытым кэннэ, өйүм-санаам тосту уларыйан, атын киһи буолбутум диэххэ сөп. Толкуйдуурум сааһыланан, айманарым, омуннурарым аччаан, кутум-сүрүм сүрдээҕин тупсубута. Кэргэним Ларисалыын киэһээ аайы чэй тэринэн иһэ олорон, ону-маны кэпсэтэр этибит, ол
быыһыгар ыра санаа курдук, “дьону мунньан, чэй кэрэтин туһунан кэпсээбит киһи!” диэн ыларбыт. Кыра-кыралаан ити мээнэ кэпсэтииттэн улаатан, омооно көстөр былаан буолан тахсыбыта.
— Түмсүү хайдах саҕаламмытай?
— Хара маҥнайгыттан түмсүүнү “Отшельник” диэн ааттыыр санаалаах этим. Бу дьонтон тэйбит киһи диэн суолтаҕа буолбакка, бэйэтин иһигэр дириҥник киирбит, олох сүрүн ыйытыыларын ис эйгэтигэр көрдүүр киһи диэн өйдөбүлгэ туттуллар. Бу өйдөбүлү уруһуйдаан, илэ оҥорор киһини көрдүү сылдьан Алесей Афанасьевы (Леша Naoblake) кытта билсибитим. Мин санаабыппын сөрү-сөпкө таайан, түмсүү логотибын айан таһаарбыта.
Ол кэнниттэн кинилиин бииргэ “Инстаграм” нөҥүө биһиги түмсүүбүтүгэр сөп түбэһэр дьону көрдөөбүппүт. Син балай да элбэх киһи сэҥээрбитэ. Ол эрэн, харантыын мэһэйдээн (ити олунньу диэки этэ), мунньустар күммүт ыраатан хаалбыта. Ыам ыйын 24 күнүгэр түөрт киһи буолан мырааҥҥа тахсыбыппыт. Ити күнү “Отшельник” түмсүү олохтоммут күнүнэн ааҕабыт. Бастакы түмсүүгэ бары айар куттаах, үтүө санаалаах дьон мустубуттара — Леша Naoblake фотограф, дизайнер, медитация ыытар, Диана Пестрякова эмчит, эти илбийэр, хаанныыр, Айтал Мырсанов аатырбыт хомусчут. Түүн үөһүгэр диэри олорон, кэпсэтэн-ипсэтэн, чэй иһэн, бэйэ-бэйэбититтэн күүс ылсан, олуһун диэн дуоһуйан кэлбиппит.
Ол кэнниттэн утуу-субуу кыттааччы эбиллэн испитэ, уурбут-туппут курдук баай ис эйгэлээх, үтүө дьон мустубута.
https://www.instagram.com/p/CFXOZlsI_al/?utm_source=ig_web_copy_link
— Тоҕо чэй иһиитин сиэрэ-туома саха дьонугар туһалаах буолуо дии саныыгын?
— Өр сыллар тухары биһиги үгэспитигэр арыгы култуурата иҥэн хаалбыт. Уруу буоллун, төрөөбүт күн буоллун, ханнык баҕар түмсүүгэ “аһыы утаҕы” остуолга ууруу суруллубатах быраабыла буолан хаалбыт. Арыгыта суох бырааһынньыкка ыҥырыы, хайдах эрэ сатаммат курдук. Аны эдэр дьон бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри үлэлээн баран, субуотаҕа арыгылаан «сынньанар», баскыһыанньаҕа «өлөттөрөр”. Буолуохтааҕын курдук.
Кытай чэйэ эмиэ дьону түмэр, биир турукка киллэрэр уратылаах. Арыгыттан атына диэн, ким даҕаны “сыыһа” иһэн кэбилэммэт, сарсыныгар “өлөттөрүү” суох. Төттөрүтүн, бэҕэһээҥҥи кэпсэтииттэн, ырытыыттан иэйии, саҥа толкуйдар киирэллэр. Баҕа санаам — кэнэҕэски саха ыччата чөл олоҕу тутуһар, сайдар толкуйдаах дьон буоларыгар. Араас дьон араас ньыманан куһаҕан дьаллыктары утары охсуһаллар, биһиги түмсүүбүт эмиэ туспа ньыманан ону ситиһэ сатыыр.
— Туох дьон эһиги түмсүүгүтүгэр кэлэрий?
— Көрбүтүҥ курдук, араас дьон кэлэр. Айар куттаах мусукааннар, ырыаһыттар, тимир, көмүс уустара, бэйиэттэр, эмчиттэр, эҥин араас чинчийээччилэр, урбаанньыттар — идэ арааһын баһылаабыт дьон. Биһиги хара маҥнайгыттан араас эйгэ дьонун түмэ сатаабыппыт. Этэрим курдук, чэй түмсүүнү биир долгуҥҥа киллэрэр, ис санааны арыйар. Ол иһин чэй иһэ олорон, дьикти бырайыактар үөскүүллэр. Дьиҥэр, көрсүө суохтаах дьон манна бииргэ алтыһан саҥа ис хоһоону, өйдөбүлү тобулаллар. Биһиги ким даҕаны холдьохпоппут, кэлэр дьону барытын ыҥырабыт. Ол эрэн, сорохторо хаалар, сорохторо биирдэ ыалдьыттаан баран ааһа бараллар. Бэйэ дьоно буолаллара эрдэттэн көстөр.
— Инники былааҥҥытыгар туох баарый?
— Бу сыл саҕаланыыта бачча элбэх дьону түмэн, маннык хамсааһыны таһаарыам диэн түүлбэр да баттаппат этим. Онон эрэл да баар, былаан да элбэх. Ол эрээри, “бу күҥҥэ манныгы ситиһиэхпит” диэн ууруллубут ыйаахпыт суох. Кэккэбитин хаҥата туруохпут, дьиэ-уот булунуохпут, чэй иһиитин сиэрин-туомун элбэх киһиэхэ тиэрдэ сатыахпыт.
https://www.instagram.com/p/CEAIgL2oI3K/?utm_source=ig_web_copy_link
ТҮМҮККЭ
“Отшельник” @otshelnik_teaclub түмсүү сахалыы тыыннаах дьон түмсүү буолара харахха быраҕыллар. Сорох киһи “Кытай чэйэ сахаҕа туох сыһыаннаах буолуой?” диэн сөп. Ол эрэн, саха омукка арҕаа омук арыгытын сыһыана өссө кыра. Оттон чэй – кирпииччэ “Дорооботтон” саҕалаан саха тапталлаах утаҕа. Бу ыстатыйаҕа кэпсэммит түмсүү кэҥээн истэҕинэ, чөл олоҕу тутуһар дьон элбээн иһиэхтэрэ диэн эрэл санаа баар.
Түмсүү кыттыылаахтарын хаартыскалара
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru