Ай-Ти эйгэтигэр хамнас тохтообокко үрдүүр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

SuperJob диэн үлэ көрдүүр сервис чинчийэр киинин чахчыларынан, 2023 сылга Арассыыйаҕа саамай түргэнник үүнэр хамнастаах үлэ Ай-Ти эйгэтэ буолбут. Сыыппаралар көрдөрөллөрүнэн, бу эйгэҕэ алтынньыга хамнас таһыма ортотунан 8,5% үрдээбит.

Былырыын сыл устата IT үлэһиттэрин хамнастара 19,1% үрдээбит, оттон 2021 сылга – 26,3%.

Сорох атын идэлэр хамнастара эмиэ улаатара көстөр: тутуу уонна реклама эйгэтигэр +7,1%, персоналы салайыы идэтигэр 6,7%, баан эйгэтигэр 6,5% Бырамыысыланнас уонна тутуу эйгэтигэр сорох исписэлиистэр хамнастара 15% үрдээбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0