Аиза Решетникова олоҕун муусуката

06.03.2020
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэбит норуоттарын Муусукатын уонна фольклорун мусуойун төрүттээбит Арассыыйа үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа, ССРС Композитордарын сойууһун чилиэнэ, историческай наука хандьыдаата, Ирина Архипова Фондатын бириэмийэтин лауреата, култуура, искусство кэрэ эйгэтин ытык-мааны киһитэ Аиза Решетникова  быйыл 75 сааһын туолла.

Бу күннэргэ Суорун Омоллоон  аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар “Ыра санаа туолуохтун!” диэн кини үбүлүөйдээх айар киэһэтэ муусукаҕа сүгүрүйээччилэри, муусуканы дьиҥнээх сыаналааччылары түмтэ.

Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Юрий Куприянов эҕэрдэ тылыгар бэргэнник эппитинии, Аиза Решетникова – Саха сирин мусукаалынай искусствота сайдыытын тыыннаах устуоруйатынан буолар!

Үбүлүөйдээх Аиза Петровнаны олус истиҥник-иһирэхтик Дьокуускай куорат баһылыга Сардаана Авксентьева эҕэрдэлээтэ. Мэр быһыытынан, куорат, өрөспүүбүлүкэ  олоҕун духуобунай байытарын, дьон олоҕун тупсарарын, киэркэтэрин, сайыннарарын иһин махтанан туран, бу сиргэ Улуу Кыайыыны кытта тэҥҥэ кэлбит Аиза Решетниковаҕа  Дьокуускай куорат Бочуотунай грамотатын уонна куорат үрүҥ көмүс бэлиэтин туттарда. Эдэркээн  устудьуон сылларыттан (кыыһа Алиналыын бииргэ үөрэммиттэр эбит) билэр буолан, бу киэһэ кини Аиза Петровналыын алтыспыт интэриэһинэй да, көрдөөх да  түгэннэрин ахтан, барыбытын үөртэ.  Ити курдук, Аиза Решетникованы СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев, П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын дириэктэрэ Анатолий Николаев, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бэрэстэбиитэллэрэ,  о.д.а. истиҥ эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Манна мустубут дьон Аиза Решетникова айар үлэтин, олоҕун олус дириҥ ис хоһоонноох, тыыннаах документальнай киинэ кэриэтэ, экраҥҥа да, сыанаҕа да көрө-истэ олордубут. Бу барыта – саха мусукаалынай искусствота күнтэн күн,  сылтан сыл үүнэн-чэчирээн иһиитэ.

Этэллэрин курдук, Аиза Петровна үбүлүөйүн быйыл биһиги сылы быһа бэлиэтиэхпит. Ол курдук кини айар-тутар, үлэлиир эйгэтэ олус киэҥ-куоҥ, араас көрүҥнээх уонна дьоҥҥо дьайыыта күүстээх, доҕотторо, талааныгар сүгүрүйээччилэрэ сир-сир аайы элбэхтэр. Бүгүҥҥү Дьоро киэһэтигэр биир идэлээхтэрэ, айар кэлэктииптэр салайааччылара, доҕотторо, култуура, искусство диэйэтэллэрэ, ийэтин дойдутуттан таатталар уонна, биллэн турар, көрөөччүлэр эҕэрдэлии мустубуттар — таптыыр, ытыктыыр киһилэригэр көтөх муҥунан тыыннаах,  кэрэ сибэкки дьөрбөлөрүн туттардылар.

Чурапчы – дьикти дойду

Оттон Аиза Петровна биир дойдулаахтара чурапчылар бүтүн дэлэгээссийэнэн кэлбиттэр. Чурапчы улууһун Култуураҕа, духуобунай сайдыыга управлениетын начаалынньыга Дмитрий Попов Аиза Петровнаны улуус Аҕа баһылыга Андрей Ноговицын уонна олохтоохтор ааттарыттан  итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ.

Кырдьык, Чурапчы – дьикти дойду – Тарас Местниковтан, Петр Решетниковтан саҕалаан, “Ленин” уордьаннаах Виктор Саввин, Саха бастакы балерината Аксения Посельская, талааннаах артыыс Слепцовтар, Аграфена Макарова курдук, уонна бүгүҥҥү үбүлүөйдээх Аиза Решетникова курдук, үгүс элбэх култуура, искусство диэйэтэллэрин, айылҕаттан айдарыылаах артыыстары, кэрэ куоластаах ырыаһыттары, суруйааччылары өрөспүүбүлүкэҕэ бэлэхтээбитэ, диэн бэлиэтээтэ. Уонна кылаабынайа —талааннар, силис тардан, тахса тураллар! Бэйэтин эҕэрдэ тылын Решетниковтар төрөөбүт түөлбэлэриттэн – Бахсы нэһилиэгиттэн баһылык Иннокентий Барашков тиэртэ. Оттон САССР норуодунай артыыһа Петр Решетников аатын бүтүн 50 сыл устата сүгэн кэлбит Чурапчытааҕы норуодунай тыйаатыр режиссера Надежда Заболоцкая айар кэлэктиип  Петр Михайлович аатын дьоһуннаахтык ааттатарын, холобур, быйыл кыһыл көмүс үбүлүөйдээх сылыгар тыйаатыр “Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ норуодунай тыйаатыра” үрдүк ааты иккис төгүлүн сүкпүтүн иһитиннэрдэ. Биир дойдулаахтара чурапчылар Аиза Петровнаҕа улуус үрдүк наҕараадатын уонна бэлэхтэрин туттардылар.

Аҕа Кэс тыла

Олоҕун  бүтүннүү муусукаҕа анаабыт Аиза Решетникова айар үлэтин биэчэри ыытааччы, телесуруналыыс Николь Егорова олус истиҥник, бэрт сатабыллаахтык, толорутук, дьоҥҥо тиийимтиэтик билиһиннэрдэ. Иккиэн даҕаны бэйэ-бэйэлэрин тыл аҥарыттан өйдөһөн, до-ре-ми-фа-соль-ля-си ноталарынан чопчутук, ситимнээхтик ситэрсэн биэрэллэрин дьон олус болҕойон олорон иһиттэ.

Аиза Решетникова – театральнай дьиэ кэргэн оҕото. Төрөппүттэрэ иккиэн Саха драматическай тыйаатырын номоххо киирбит артыыстара. Саха сиригэр элбэх талааннаах дьону бэлэхтээбит Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгиттэн төрүттээх  аҕата Петр Михайлович Решетников (1915-1960) – РСФСР уонна САССР норуодунай артыыһа, режиссер, тыйаатыр диэйэтэлэ. 130-тан тахса оруолу айбыта.

Саха артыыстарыттан биир бастакынан “Следы на снегу” (“Ленфильм”, 1955) уус-уран киинэҕэ уһуллубута.  Аиза ийэтэ — саха балетын биир бастакы солистката, тыйаатыр артыыската, Саха сиригэр бастакы Тааттатааҕы норуодунай тыйаатыры төрүттээбит Ирина Михайловна Максимова (1919-1991). Онон, кыысчаан оҕо сааһа эрэпэтииссийэлэр, испэктээктэр, кэнсиэрдэр быыстарыгар, Саха тыйаатырыгар кулиса кэтэҕэр ааспыта.

Тыйаатыр оҕотун, биллэн турар, муусукаҕа эрдэ биэрбиттэрэ. Оттон бу муусука кэрэ эйгэтигэр бастакы учууталынан Саха сиригэр Литваттан көһөрүллүүгэ кэлбит Г.М.Тувье буолбута. Аиза оскуолаҕа эмиэ үчүгэйдик үөрэммитэ. Дьокуускайдааҕы Оҕо мусукаалынай оскуолатыгар Аизаны Г.Миклашевская уонна Г.Рубан үөрэппиттэрэ. 1959 сыллаахха Дьокуускайга Саха сирин ыччаттарын уонна устудьуоннарын I бэстибээллэрэ ыытыллыбыта. Манна, пианистар куонкурустарыгар Аиза Решетникова иккис миэстэҕэ тахсыбыта.

Талааннаах кыысчааны Москваттан кэлэ сылдьар дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ таба көрөн, Киин мусукаалынай оскуола 7-с кылааһыгар ыҥырбыта. Кини манна, аатырбыт Полина Розинскаялыын бииргэ үөрэммит О.А.Голубова кылааһыгар ылыллыбыта. Онон, Аиза 1964 сыллаахха П.И.Чайковскай аатынан Москватааҕы консерватория иһинэн Киин мусукаалынай оскуоланы, 1971 сыллаахха консерватория фортепианоҕа факультетын (доцент В.И. Носов) үөрэнэн бүтэрбитэ, онтон 1974 сыллаахха ассистентура-стажировканы (профессор Г.Б. Аксельрод) ситиһиилээхтик ааспыта.  Аиза Петровна таптыыр учууталларын бука барыларын махтана ахтар.

Москваҕа үөрэнэр сылларыгар саамай өйөөбүт, көмөлөспүт киһитинэн, бастатан туран, тапталлаах аҕата Петр Михайлович буолбута. Кыысчаан Дьокуускайтан сурук кэлэрин кэтэһэр да этэ…

“Эн – Москваҕа үөрэнэр дьоллоох киһигин! Киһиэхэ барытыгар ити тиксибэт. Онон, улуу куорат култууратыттан төһө кыалларынан барытын иҥэриниэхтээххин! Европаҕа Сырдатааччылар үйэлэрэ баара. Эн бэйэҥ норуотуҥ сырдатааччыта буолуохтааххын!”, — диэбитэ биир суругар Петр Михайлович. Аиза Петровна аҕатын Кэс тылын толорбута.

Сырдатааччы

Үөрэҕин бүтэрэн, тапталлаах Дьокуускайыгар кэлээт, Аиза Решетникова сольнай кэнсиэртэрин тута олус көхтөөхтүк,  киэҥник саҕалаабыта. Аудитория наадыйарын сэрэйэр буолан, Аиза Петровна хас биирдии кэнсиэрин, бэйэтин баҕа өттүнэн,  сүрэҕин этиитинэн, хайаан даҕаны олус интэриэһинэйдик, чаҕылхайдык киирии тыллыыра. Муусука, мусукааннар тустарынан дьон утаппыттыы истэр буолбута. Аиза Петровна кэпсиирэ үчүгэйэ, ис сүрэҕиттэн дьоҥҥо бэйэтин билиитин тиэрдиэн баҕарара, информацията элбэҕэ, интэриэһинэйэ, онуоха эбии куолаһа ис киирбэҕэ, бэйэтэ эмоциональнайа сөхтөрөрө, сөхтөрүө да турдаҕа. Үөрэ-көтө, мичээрдии сылдьар, дьоҥҥо аһаҕас, үтүө сыһыаннаах мусукаан дьон биһирэбилин ылыан ылбыта. Талааннаах пианистка уонна муусука туһунан онтон итэҕэһэ суох талааннаах кэпсээччи – бу сэдэхтик көстөр дьүөрэлэһии.

1971-1989 сылларга Аиза Решетникова 200-тэн тахса араадьыйанан  уонна 150-тан тахсата тэлэбиидэнньэнэн биэриилэри оҥорбута.  Өрөспүүбүлүкэ мусукаалынай, култуурунай олоҕун тоҕоостоох, сытыы боппуруостарыгар  хаһыаттарга, сурунаалларга үгүс ыстатыйалара бэчээттэммиттэрэ.  Кинини ССРС Композитордарын сойууһугар чилиэнинэн ылбыттара.

Улуу композитордар Бах, Бетховен, Моцарт, Гайдн, Шуман, Чайковскай, Рахманинов.., о.д.а. айымньыларынан дирижер Галина Кривошапколыын кэнсиэрдэрэ “История фортепианного концерта” циклга киирбиттэрэ. “Якутская фортепианная музыка” циклга Саха сирин композитордарын Григорян, Комраков, Кац, Н. Берестов, З. Степанов,  В. Бочаров, о.д.а. фортепианоҕа аналлаах айымньылара толоруллубуттара. Оттон “Оонньуур уонна кэпсиир Аиза Решетникова” диэн икки отделениелаах алта монографическай кэнсиэрдэрэ Бах, Гайдн, Моцарт,  Бетховен, Чайковскай, Рахманинов айар үлэлэригэр анаммыттара. Аиза Решетникова чуолаан бу үлэтинэн Ирина Архипова Фондатын бириэмийэтин лауреатын үрдүк аатын ылбыта, кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Аиза Петровна сольнай кэнсиэртиир циклларыгар,  араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн  биэриилэригэр классическай муусуканы сыаналыыр уонна таптыыр бүтүн көлүөнэлэр үүнэн тахсыбыттара диэтэххэ омун буолуо суоҕа.

Концертмейстер быһыытынан Аиза Петровна араас сылларга ССРС норуодунай артыыһа Анегина Ильина-Дмитриева, РСФСР норуодунай артыыстара Матвей Лобанов, Анастасия Лыткина, о.д.а. сольнай бырагыраамаларын бэлэмнээбитэ. Айылҕаттан айдарыылаах Иван Степановы, Нина Чигиреваны кытта бииргэ айымньылаахтык үлэлэһэн кэллэ.  Аиза Решетникова коуч быһыытынан, РФ норуодунай артыыһа үрдүк ааты сүкпүт Альбина Борисова, СӨ үтүөлээх артыыһа, Италияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттара буолбут Анна Дьячковская айар дьылҕаларыгар сабыдыала муҥура суох. Кинилэр айар үлэлэрин туһунан Аиза Петровна төһөнү баҕарар, хайа баҕарар аудиторияҕа – ыраах улуустарга, тыа сирин кулуубугар да, Кремль Дыбарыаһыгар да мустубут дьоҥҥо олус умсугутуулаахтык кэпсиэн сөп.

Бу Дьоро киэһэтигэр махталлаах уһуйуллааччылара Аиза Петровна талааныгар сүгүрүйээччилэргэ кэрэ ырыаларын-тойуктарын  бэлэхтээтилэр. Кинилэр ортолоругар талааннаах опера  солиһа Григорий Петров, Руслан Габышев салайааччылаах “Кыл Саха” ансаамбыл, Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан Хореографическай колледж выпускниктара, тойуксут Варвара Обоюкова, уо.д.а. эмиэ бааллар.

Олоҥхо уонна нимнакан

Аиза Решетникова учуонай быһыытынан киэҥ өрүттээх научнай-чинчийэр үлэни ыытарын билэбит. Аҥардас, олоҥхоҕо үлэлэрин ылан көрдөххө — үйэ чиэппэрин устата кини 87 архыыбынай уонна бэчээккэ тахсыбыт саха олоҥхотун тиэкистэрин структурнай ырытыыларын оҥордо. А.П.Решетникова “Саха олоҥхотун муусуката” концептуальнай үлэтин РНА СС “Сибиир уонна Уһук Илин норуоттарын фольклорун пааматынньыктара” 60 туомнаах академическай сиэрийэ рецензеннэрэ үрдүктүк сыаналаабыттара эмиэ үгүһү этэр.

Аиза Петровна Решетникова төрүттээбит, тэрийбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын Муусукатын уонна фольклорун мусуойун (1991) туһунан тохтоло суох төһөнү баҕарар кэпсии олоруохха сөп. Оннук баай-талым матырыйаал буолар бу.  Саха сирин төрүт олохтоох омуктарын – сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүкээгирдэр, чукчалар, долганнар итиэннэ нуучча старожилларын үгэс буолбут култуураларын, фольклордарын туһунан наука түмпүт билиилэрин тарҕатыы, тэнитии – бу мусуой миссията. Онон, мусуой үлэтин сүрүн хайысхатынан хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар общиналарын кытта бииргэ үлэлээһин буолар. Ол курдук, кинилэр ХХ үйэҕэ сүтэ сыспыт үгэс буолбут сүрүн халандаарынай бырааһынньыктарын (“Бакалдын”, “Күнү көрсүү”, “Шахадьибэ”, о.д.а.) сөргүтэллэр, хотугу омуктар фольклордарын суруйаллар, үйэтитэллэр, экспонаттары бэлэмнииллэр. Үгэс буолбут култуураны билэр, өйдүүр дьону сыралаах үлэ түмүгэр буланнар, эбээннэр, эбэҥкилэр,  дьүкээгирдэр, Русскай-устьелар, о.д.а. фольклордара суруллар. Билигин мусуой сүрүн фондатыгар икки тыһыынча кэриҥэ ахсааннаах ууруу-харайыы баар, оттон научнай-көмөлтө матырыйаал – 11 тыһыынчаҕа чугаһыыр.

Аныгы олох хаамыытынан, мусуой киинэни оҥоруу араас жаанырдарын баһылыыр. Холобур – анимационнай. Ол курдук, Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотунан (саха норуодунай артыыһа Г.Г.Колесов эталоннай толоруута сүрүн буолбута) бастакы мультипликационнай киинэ, 7 омук тылынан дикторскай тиэкистээх, уһуллубута. Маны таһынан, хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар эпостарынан куукуланан бастакы мультипликационнай киинэлэр оҥоһуллубуттара. Учуонай, мусукаан 30 нимнакан электроннай таһаарыыларыгар күүскэ үлэлэстэ. Бу – Аиза Петровна ыытар, кини салалтатынан олоххо киллэриллэр сүҥкэннээхэй, киэҥ өрүттээх үлэ сорҕото эрэ буолар.

Бүгүн биһиги, мусукаан, учуонай айар биэчэрин аата этэ турарыныы — “Ыра санаа туолуохтун!”, — диибит.

                                                                     

Аиза Решетникова төрүөҕүттэн интеллигенция, үрдүк култууралаах эйгэҕэ үөскээбит, иитиллибит, бастыҥ оскуолаларга, бастыҥтан-бастыҥ учууталларга үөрэммит, оҕо эрдэҕиттэн муусукаҕа сыстыбыт, Москва курдук бастыҥ куоракка олорбут – барыта бастыҥ эйгэҕэ улааппыт, сайдыбыт киһи, холобурун ылан эттэххэ, Европа да дойдуларыгар  чулуу, бастыҥ буолар кыахтааҕа. Ол эрээри кини дойдутугар, ыраах хотугу Сахатын сиригэр талаһан, манна ыал буолан, оҕо төрөтөн, үлэлээн-хамсаан кэллэ. Дойдутун дьиҥнээх патриота кини. Аҕатын айымньылаах суолун дьоһуннаах салҕааччы. “Умница, красавица!” диэччилэр кини курдук дьону.

Кини боростуой норуокка дьиҥнээх муусуканы тиэрдиигэ олоҕун анаан кэллэ. Араас суолунан. Оҕо эрдэҕиттэн үгүс сыл тухары Москваҕа үөрэммит буолан, туох кистэлэй, сахалыы ардыгар олуттаҕас соҕустук саҥаран ыла-ыла, онтуттан бэйэтэ сүр эйэҕэстик мичээрдээн кэлэ-кэлэ, дьоҥҥо муусука туһунан тохтоло суох, олус ылыннарыылаахтык  кэпсиир-ипсиир… Оттон дьон-сэргэ, Аиза Петровна туох эрэ олус үчүгэйи, кэрэни, үйэлээҕи ис-сүрэҕиттэн тиэрдэ сатыырын өйдүүр, ылынар уонна махтанар.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru  

Ааптар түһэриилэрэ уонна кэккэ хаартыска  

СӨ Норуоттарын муусукатын уонна фольклорун

мусуойун фондатыттан туһанылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0