Билиҥҥи олох балысханнык сайдар кэмигэр тиэкиһинэн (суругунан) хамаанда биэрэргэ бириэмэни бараабакка, аны куолаһынан көмөлөһөр ассистеннарга көһөр олох ирдэбилэ буолла. 2021 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн Ил Дархан «Айта» диэн цифровой көмөлөһөөччүтэ олоххо киирдэ.
Бу цифровой көмөлөһөөччү сүрүн сыала –ситэриилээх былаас уорганнарыгар гражданнар этиилэрин, сайабылыанньаларын бириэмэтигэр тиэрдэргэ көмө буолар. Ол сыалтан цифровой көмөлөһөөччүгэ 8(4112)510-000 нүөмэрдээх телефоҥҥа эрийэн, анал инструкциянан сирдэтэн:
Бастаан бэйэҕин билиһиннэрэҕин, телефонуҥ нүөмэрин туһанарга бэйэҥ сөбүлэҥҥин биэрэҕин уонна туох этиилээххин, сайабылыанньалааххын тылгынан этэҕин.
Оччоҕо цифровой көмөлөһөөччү гражданин этиитин «OneClick Yakutia» диэн платформаҕа ыытар, ол кэннэ сайабылыанньата эппиэтинэстээх былаас органыгар тиийэр.
Эппиэт кэллэҕинэ «AITA» сайабылыанньалаах гражданинҥа телефоннаан эрийэн, информацияны төттөрү тириэрдэр.
Бу цифровой көмөлөһөөччү үчүгэйэ диэн төгүрүк суукка устата үлэлиирэ буолар, онон гражданнар табыгастаах кэмнэригэр эрийэн, наадаларын ыйытыахтарын сөп. Онон бу сервис көрүҥэ гражданнар бэйэлэрин тус этиилэрин, кыһалҕаларын боростойдук тиэрдэллэригэр кыах биэрэр. Өскө урут сайабылыанньаны биэрэргэ веб-форманы толорор эбит буоллахха, билигин ону цифровой көмөлөһөөччү бэйэтэ толорор.
Республика үрдүнэн барыта 3000 кэриҥэ сайабылыанньа киирдэ. Хас биирдии киирбит сайабылыанньа көрүллэн, эппиэтэ бэрилиннэ уонна быһаарар кыахтаах бэйэни салайыныы олохтоох органнарыгар эбэтэр дуоһунастаах сирэйгэ сайабылыанньа сүнньүнэн быһаарарыгар ыытылынна.
Сайабылыанньаны быһаарыы бириэмэтэ ортотунан – 36 чаас. Гражданнары интэриэһиргиир боппуруостарынан олох-дьаһах хаһаайыстыбатын, доруобуйа харыстабылын, хаарбах дьиэттэн көһүү боппуруостара буолаллар. Маны таһынан, олорор дьиэ-уот, гаазтааһын, суол өрөмүөнэ, социальнай көмө, короновируснай ыарыыттан вакциналааһынбоппуруостара буоллулар.
Ити курдук, цифровой көмөлөһөөччү хардарыта сыһыаннаһыыга бэйэтин олус туһалаах инструмент буоларын уонна гражданнар наадалаах боппуруостара түргэнник, чуолкайдык, туһалаахтык быһаарыллара түргэтэппитэ бэлиэтэннэ.
Цифровой көмөлөһөөччү нейроннай ситимигэр гражданнар саҥаларын чуолкайдык истээһин уонна кинилэр сайабылыанньаларын автоматическайдык наардааһыҥҥа үөрэтии наар ыытыллар.
Кэлэр өттүгэр цифровой көмөлөһөөччү сайдарыгар сахалыы-нууччалыы тыллар холбоспут этиилэрин сөпкө быһаарар технология тупсарыгар, ону сайыннарыыга болҕомто ууруллуоҕа, гражданнар этиилэригэр автоматическай эппиэттэр баар буолаллара былааннанар.
Республика Ил Дарханын сорудахтарын былааннааһын уонна ол мероприятиеларын толорууга искусственнай өй (интеллект) туттуллуоҕа. Бу маннык саҥаран көмөлөһөр ассистеннар салгыы экономика уонна социальнай өҥө хайысхаларыгар баар буолуохтара.