Намҥа тылбаасчыт Аита Шапошникова кинигэтин сүрэхтээтэ

07.09.2018
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 6 күнүгэр Намнааҕы киин библиотекаҕа тылбаасчыт Аита Шапошникова “Мой илин кэбисэр” (“Илин кэбиһэрим”) кинигэтин сүрэхтээтэ. Бу кини талыллыбыт айымньыларын бастакы кинигэтэ.

Көрсүһүүгэ Саха сирин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева, суруйааччы, прозаик Елена Слепцова – Куорсуннаах, Дьокуускай куоракка Нам бэтэрээннэрин сэбиэтин салайар Мария Габышева, ону сэргэ Аита Ефимовна биир дойдулаахтара, аймахтара, бииргэ үөрэммит доҕотторо-атастара, Нам улууһун литературнай түмсүүтэ, оскуола оҕолоро кэлэн санаа атастастылар, эҕэрдэ тылларын анаатылар. Көрсүһүү кэмигэр Аита Ефимовнаҕа Нам улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэни туттардылар, «Отуу уота» Намнааҕы литературнай түмсүү бочуоттаах чилиэнэ ааты иҥэрдилэр. Кинигэ сүрэхтэниитин Н.М.Рыкунов аатынан Намнааҕы киин библиотека ааҕааччылары кытары үлэ отделын салайааччыта Кристина Попова ыытта. “Намнааҕы киин библиотекаҕа маннык кинигэ сүрэхтэниитэ, саҥа тахсыбыт кинигэлэри билиһиннэрии, ону ырытыһыы урут-уруккуттан ыытыллара. Бу – үтүө үгэһи билиҥҥи көлүөнэ илдьэ сылдьарыттан астынабын”, — диэн бэлиэтиир киин библиотеканы уһун сылларга салайан олорбут Мария Габышева.

Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева этэринэн, саха литературатыгар бу маннык хас да ааптар тылбааһа түмүллүбүт биир тылбаасчыт оҥорбут хомуурунньук-кинигэтэ суох. “Күн бүгүн тылбаасчыт бэйэтэ тылбаастаабыт ааптардарын барытын түмэн биир кинигэ оҥорон таһаарбыта диэн суох. Бу – бастакы кинигэ. Аита Ефимовна айар үлэтин биир уратыта – кини туох баар айымньылары барытын хасыһан туран, ымпыгар-чымпыгар тиийэ үлэлиир. Тылбаастыыр кэмигэр ол үлэтин иһигэр киирэн хаалар. Бу кинигэҕэ саха литературата төрүттэниэҕиттэн ыла, Өскөкүлээх Өлөксөйтөн, Алампаттан саҕалаан Софрон Данилов, Далан, Харысхал, о.д.а., ону сэргэ эдэр суруйааччылар бары киирбиттэр. Саха литературатын историятын бөдөҥ түһүмэхтэрин хаппыт. Мин санаабар, ити чопчу былааннаммыт буолбакка, сылтан сыл санаата кэлэринэн үлэлээн испитэ, кэлин бу кинигэ буолан таҕыста. Онон Аита Ефимовна саха литературатыгар сүдү кылааты киллэрбитин бэлиэтиибин. Бу үлэтэ атын норуокка маннык литературалаахпыт диэн көрдөрөр, утары уунар кинигэ буолбутуттан сүрдээҕин үөрдүм”, — диэн этэр кини.

Аита Ефимовна 1974 с. М.Горькай аатынан Литературнай институкка тылбаас отделениетыгар үөрэнэ киирбитэ. Саха сириттэн тылбаас бөлөҕүн оччолорго Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Семен Данилов тэрийэн ыытара. Ити сыл Нам оскуолатыттан институкка үһүө буолан үөрэнэ киирбиттэр. “Бииргэ үөрэнэр дьүөгэбинээн Мария Тереховалыын (Алексеевалыын) институкка бииргэ туттарсыбыппыт. Биһигини кытары тэҥҥэ Таллан Бүрэ уола Илья Сивцев эмиэ туттарсыбыта”, — диэн бэлиэтиир Аита Ефимовна.

Манна даҕатан эттэххэ, Аита Шапошникова уонна Мария Алексеева Библияны сахалыы тылбаастаан тураллар. Бу үлэлэрин иһин Россия суруйааччыларын сойууһа уонна “АЛРОСА” хампаанньа иккиэн төрүттээбит “Улахан литературнай бириэмийэлэрин” тутуон туппуттара. Ону сэргэ Аита Ефимовна бу кинигэтигэр киирбит Өскөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлүн” тылбааһа кинигэ буолан тахсан, космос куйаарыгар кытары тиийэ сылдьыбыта. Бу кинигэни илдьэ сылдьыбыт космонавт Олег Кононенко 2015 с. Саха сиригэр кэлэ сылдьан, Аита Ефимовнаны кытары билсибитэ.

Мантан сиэттэрэн көрсүһүү кэмигэр уус-уран тылбаас тиэмэтэ арыллан кэлэр. Санатан эттэххэ, Сэбиэскэй Сойуус саҕана национальнай литературалар нууччалыы, нуучча литературата араас омук тылынан тылбаастанар үтүө үгэһэ баара. Уус-уран тылбаас судаарыстыба таһымыгар үрдүктүк тутуллан сыаналанара, тылбааска үлэлэһэргэ сакаас биэрэллэрэ. Онон үгүс суруйааччы тылбааска хайаатар да үлэлэһэрэ. “Билигин оннук систиэмэ суох. Айар киһи бэйэтин баҕатынан тылбааска ылсар. Тылбаасчыт үлэтэ диэн олус уустук үлэ. Ааптар суруйар киһи айар куукунатыгар киирэн, кини киэбин кэтэн үлэлиэн наада. Ону таһынан, бу үлэ туох да төлөбүрэ суох. Ол иһин судаарыстыба өттүттэн тылбаас бырагыраамата баар буолуохтаах диэн мэлдьи туруорсабыт. Бу үлэлии сылдьар тылбаасчыттарбытыгар инники литературабыт туһугар махтаныах тустаахпыт”, — диэн этэр Наталья Ивановна.

Оттон кинигэ аан тылын суруйбут Елена Слепцова – Куорсуннаах тылбаасчыт суруйааччы кынаттанан ыраахха көтөрүгэр аан аһан биэрэрин бэлиэтиир. “Тылбаас диэн суруйааччыга хантан эрэ сырдык киирбитин, аан аһыллыбытын курдук саҥа сүүрээн буолар. Тылбаасчыттар биһиэхэ, суруйааччыларга, өҥөлөрө, ылар оруоллара сүрдээх улахан. Аита Ефимовна “Далбар Хотуҥҥа” үлэлии сылдьан, икки поэмабын бэчээттээн турардаах. Ити 90-с сыллардаахха этэ. Бу мантан кынаттанан суруйан киирэн барбытым”, — диэн этэр кини.
Аита Ефимовна айар үлэтигэр аҕата, биллиилээх худуоһунньук Ефим Шапошников оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн литература эйгэтигэр улаатыннарбыта, ол эйгэҕэ сыһыарбыта төһүү буолбута чахчы. Бу туһунан ааптар: “Аҕабыт литератураны ойуулуур киһи этэ буоллаҕа. Табаарыстара барыта суруйааччылар этилэр. Кинилэр айымньыларын элбэхтэ ойуулаабыта. Ол курдук, Иван Гоголев, Моисей Ефимов, Николай Якутскай, Семен, Софрон Даниловтар, о.д.а. олох барыларын кэриэтэ, оҕоҕо аналлаах айымньылаах буоллахтарына, аҕабыт уруһуйдаан иһэрэ”, — диэн бэлиэтиир. Кэлин “Хотугу сулус”, “Полярная звезда”, “Далбар Хотун” сурунаалларга үлэлии сылдьан литература айар алыбар ылларбыта.

Түмүктээн эттэххэ, Аита Шапошникова “Илин кэбиһэригэр”, Наталья Ивановна этэн аһарбытын курдук, саха литературатын историята тиһилиннэ. Ол курдук, Өскөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Платон Ойуунускай, Николай Неустроев, Семен, Софрон Даниловтар, Николай Габышев, Далан, Наталья Харлампьева, Харысхал, Дмитрий Наумов, Куорсуннаах, Борис Павлов уонна эдэр ааптардар киирдилэр. “Бу кинигэбин талыллыбыт тылбаастар диэн ааттыыбын. Элбэх айымньыны тылбаастаабыппыттан, манна талыллыбыттара түмүлүннүлэр. Бэйэм прозаҕа чугас буоламмын, үксүн прозаиктары талан киллэрдим. Бу кинигэм иннибэр илин кэбиһэр курдук иилинэ сылдьар, күөн туттар үлэм”, — диэн бэлиэтиир ааптар Аита Ефимовна.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0