Кисиэнньэ аан бастаан кэлээт, бу дойдуну наһаа соһуйа көрбүтэ. Киэҥ өрүс тардыытыгар тэнийэн олорор улахан дэриэбинэ тыа быыһыгар бүкпүт кыра бөһүөлэккэ үөскээбит кыыска бэрт сонуннук көстүбүтэ. Дьоно-сэргэтэ элбэҕэ, дьиэтэ-уота дэлэйэ. Өрүһү кыйа барар саамай улахан уулуссата, омуннаатахха, үс көскө чугаһыыр уһуннааҕа.
Өлүөнэ кытылларын сытыы харах ылбат ырааҕа, хочолорун сүүс санаа сиппэт киллэмэ сөхтөрбүттэрэ. Доллоһуйа устар дьоһун долгуна ураты умсугутуулаах абылаҥнааҕа, киһи сүрэҕин-быарын таарыйар тартарыылаах таайбараҥнааҕа. Күн уотугар мөһүүрэлии мөхсөн халыһытар толбоно кутун тутара, хас күн ахсын ыҥырар-угуйар курдуга. Кыыс биэрэк устун аргыый хааман дьаарбайар идэлэммитэ.
Эҕирийэргэ, эчи, салгына ырааһын, сөрүүн тыала курдары үрэр күүстээҕин! Ардыгар харыс да хамсаабакка, ис-иһиттэн уоскуйан-нуурайан ууну одуулаан туран хаалара. Ол аайы эбэ хотун эдэркээн барахсаны саҥаттан саҥа тыынынан, кэрэттэн кэрэ көстүүтүнэн аптаан-абылаан иһэрэ. «Уҥуор туох баарын көрүөххүн баҕараҕын дуу эбэтэр манна хаалыаххын саныыгын дуу?» диэн ыйытардыы, көмүс сүүрүктэр атаҕын тумсун даҕайыахча даҕайбакка үтүөлэһэ оонньууллара… Ыраах баар тыа, күөх дьураа буолан, былыттардыын быысаһара… Дьоһуннук мөлбөһүйэ устар кэтит өрүһү туораан, нөҥүө өттүгэр тиксиэн баҕарара. Хас көрдөҕүн ахсын тупсан-туругуран иһэр эбэтин эрэһэ долгуннара дьоллоох уҥуор тахсарга ыҥыраллара… Ону баара, кини сирдээҕи дьоло бэрт чугас, бэтэрээ эҥээргэ хаама сылдьыбытын түһээн да баттаппата…
Нөҥүө сылыгар саас улахан уу кэлэн, өрүс хаатыттан тахсан, кытыыга турар дьиэлэр ууга барбыттара. Ол иһигэр кыргыттар кыстаабыт уопсай дьиэлэрэ эмиэ.
Күһүнүн көһүүннүк мөлбөйө устубут мөдөөн өрүспүт ыраас уута эмискэ өрө кыынньа будулуйан, муустаах хараҥа долгунунан кыыһырбыттыы сабыта ыһыахтаммыта. Баттатан сыппыт халыҥ мууһуттан босхолоно охсоору үллэ-үллэ түспүтэ, киэҥ байҕалга көҥүл босхо бараары көтө-көтө мөхпүтэ. Хайа саҕа муустар тыастаах аҕайдык хабырыйса-хабырыйса анньыалаһан ааспыттара, бүтүн күүстээх долгуннар өрүсүһэ-өрүсүһэ үлүмнэһэн сүппүттэрэ. Биир кэм курулуур-харылыыр тыас дэриэбинэ иһин модун куугунунан толорбута. Ынах маҥырааһына, ыт үрүүтэ, мотуор тыаһа, дьон көһүүтэ барыта холбоһон, уһун кыһыҥҥа утуйа сыппыт сир-дойду тиллэн кэлэн күөрчэхтэнэ түспүтэ. Көһөөччүлэр сүр түргэнинэн, үөрүйэх бэйэлээхтик сүөһүлэрин-астарын сэтиилэнэн, үрдүк сирдэргэ сыҕарыйан биэрбиттэрэ. Аҕыйах кыра сибиинньэ ууга барбыт үһү диэн буолбута.
Өрүс эстиитэ диэн кутталлаах да буоллар, туһугар, улахан алыптаах сүдү күүс буоларын Кисиэнньэ сөҕө-махтайа билбитэ.
Аҕыйах хоноот, алыс аймаммакка, тыа киһитин сиэринэн сэмэйдик, малларын-салларын бөхсүнэн, чөлүгэр түһэрэр түбүгэр баттаппыттара. Эбэбит барахсан быйыл холкутук ааста, дьиэни-уоту аһара алдьаппата дэһиспиттэрэ.
Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, оннук көһүүлээх-таймалаах дьалхааннаах халаан ааспытын кэннэ кэргэн тахсар буолбута. Ити уруккутун кыратык кэпсээтэххэ…
* * *
Оттон билигин, үсүһүн төрөөрү, куоракка балыыһаҕа киирэн сытар. Саҥа сонун сиргэ онон-манан дьаарбайар, атын палаата дьахталларын кытта сэһэргэһэн аралдьыйа сатыы сылдьар. Бу иннинэ убайын аахха, куорат ыалыгар балайда уһуннук олорон, балыыһаҕа миэстэ тахсарын кэтэспитэ. Дьоно мэһэйдэппиттэрэ аҕай быһыылааҕа. Саҥаһа Сардаана урут чэйдии-чэйдии эҥини сэлэһэр, илэмэ-салама түһэр бэйэтэ букатын «тыымматаҕа». Үлэтиттэн кэллэҕинэ, сылайбыт аатыран хоһуттан быкпат этэ. Быктаҕына даҕаны киҥ хаата буолан эһиэлэнэн, өрүтэ силбиэтэнэн оҕотун мөҥөн тахсара. Майгыта-сигилитэ тосту алдьаммыта, уларыйбыта хаҕыс сыһыаныгар биллэрэ.
Убайын кытта, Өлүөсэлиин, дэҥ эрэ кэриэтэ кэпсэппиттэрэ. Үлэтигэр кэлии-барыы, командировка үксээбитэ сүрэ. Дьиэтигэр көстүбэтэ. Арай уоллара Толик эдьиийигэр эриллибитэ. Сайыҥҥы лааҕырга омук тылыгар эбии дьарыктанар үһү. Киэһэ кэлэн, үөрэ-көтө күннээҕи сонунун тэбиирэ…
— Паапа миэхэ крутой спиннинг ылбыта-а, — илиитин быластаан төһө-хачча улаханын көрдөрөөччү буолбута.
— Кырдьык, уһун, бэрт тэрил эбит, балыгы кыайыыһыгын, — Кисиэнньэ убайын бэлэҕин сэргээбитэ.
Сайын кинилэргэ, «деревняҕа», тиийдэҕинэ, «рыбалкаҕа пробуйдаары» сылдьарын этэ охсубута. Аҕата биэрбит атынын-арааһын биир-биир салыбыратан аҕалан көрдөрөн испитэ. Бэлэхтэрин эгэлгэтинэн хоһу толорон кэбиспитэ. Өссө бэлисипиэккэ ымсыыра сылдьарын быктаран ылбыта.
Компьютерынан сэриилэһиитэ ити киэһэлэргэ биллэрдик аччаабыта. Эдьиийин аттыгар сэргэстэһэ олорон, Бээчэлээх Славканы туоһулаһара.
— Дядя Фёдор массыынанан кэллэҕинэ, мин обязательно деревняҕа барсабын, — диэн нууччалыы-сахалыы балкыйан санаатын этэн тэйэрэ. «А вдруг лагерьтан» кэлэ илик буоллаҕына, «обязательно дождись» гыныахтаахтарын хат-хат санатара.
— Ии, оҕом котокуну хайдах умнуохпутуй. Бары тутуспутунан бииргэ барыахпыт, — Кисиэнньэ сотору-сотору уоскутара.
«Мин племянниктарбын кытта постоянна олоруохпун баҕарабын» диэн кэбиһэн, эдьиийин аһара соһуппута. Уйадыппыта. Аны аккаастаан кэбиһээрэй диэбиттии кылап-халап көрбүтэ. Ыалдьыттыы эрэ буолбакка, букатын барсаары саантыы сылдьара биллэн хаалта.
Киһи кута-сүрэ тохтообот буолбут курас уораҕайдарыттан Толигы куоттара охсуон Кисиэнньэ олус баҕарбыта. Мэктиэтигэр сүрэҕэ быһыта тыытан, кымаахтаан ылбыта. Уолун ыга кууһан олорон төбөтүттэн үрүт-үөһэ сыллаабыта. Ким да истибэтэр ханнык диэбиттии аргыый сыҥсыйан ытаспыттара…
* * *
Бэйэтэ ааҕарынан оҕолоноро ыраах этэ да, балыыһалар бэрт эрдэттэн мөҥөн-этэн, ыксатан-ыгылытан ыыппыттара. Дьэ, киин сиргэ тэһийбэккэ эрэйи көрдө. Уолаттара, кэргэнэ хайдах дьаһанан олороллорун толкуйдаан тахсар. Сиэн быраатын илдьэ барардыы тэринэ-бэринэ сылдьар. «Тыаҕа таҕыстаҕына аралдьыйыа, тириитэ тэнийиэ» диэнтэн санаата бөҕөхсүйэр. Эбэлэрэ Даайа эрэйдээх түбүгэ эбиллибитин бүтэйдии сэрэйэр. Бэйэтэ аргыыйдык туттан-хаптан, хаһаайыстыбатын дьаһайсыа эбитин ымсыыра саныыр.
Сыта сатаан сылайан, тахсан, көрүдүөрү өрө-таҥнары мээрэйдиир. Сиһэ ыалдьан сүгүн-саҕын хаамтарбат, онон соччо уһаабакка-кэҥээбэккэ төннөн киирэр. «Ыйааһыныҥ нуорманы таһынан барбыт, олус эбиллибит», — диэн быраастар сэмэлээбиттэрэ. Кисиэнньэ баары хайыай, бэйэлээх бэйэтин киэнин илдьэ сылдьарыгар тиийэр. Төрүт да мотохоно курдук толору эттээх бэйэтэ уолаттарын төрөтүөҕүттэн эбии төлөһүйбүтэ. Төкүнүйбүтэ.
Леди Муус «Ахтылҕан» («Бичик», 2018) кинигэтиттэн быһа тардан.
Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.