Кулун тутар 30 күнүгэр Дьокуускай куоракка Емельян Ярославскай аатынан мусуой дьиэтигэр “Ахтар-саныыр Бөрөлөөҕүм» диэн көрсүһүү тэрилиннэ.
Бөрөлөөх сириттэн силис тардыммыт биир дойдулаахтарбыт, Бөрөлөөххө кэлэн үлэлии сылдьыбыт дьоммут ахтыһан-санаһар, үөрүүлээх түгэҥҥэ муһуннубут. Бөрөлөөх нэһилиэгэ уос-номоҕо буолар, бэйэтэ туһунан баай историялаах дойду. Уруккуну сэгэтэн көрдөххө, төрөөбүт дойдубут историята түҥ былыргыттан силистэнэр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэбит таһыгар тиийэ сураҕырар сэлии кылабыыһата уонна былыргы киһи олорбут өтөҕө Бөрөлөөх сиригэр булуллубута буолар. Аны бөһүөлэкпит, икки оройуон Аллайыаха уонна Усуйаана дьоно, холкуостара холбоһон олохсуйбуттарын историята өссө дириҥ.
Ханнык баҕарар дойду дьонунан сураҕырар буоллаҕа. Бөрөлөөх сириттэн кынат анньынан тахсыбыт дьоммут Евдокия Николаевна Горохова хас да сыл Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин салайан олорбута. Суруналыыс Семен Николаевич Горохов, учуонай Семен Николаевич Горохов курдук сүдү дьоммутунан киэн туттабыт.
Ол курдук, нэһилиэкпит олоҕун-дьаһаҕын, дьонун-сэргэтин туһунан кэпсиир истиэндэлэри, экспонаттары кэрийэ сылдьан ахтан-санаан истиҥ сэһэргэһии буолла. Олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Александра Сергеевна Стручкова ыалдьыттарга махтал суруктары, “Ытык сиргэ — Бөрөлөөххө” диэн сана тахсыбыт хоһоон хомуурунньугун туттартаата.
Көрсүһүүгэ 1987-1990 сыллардаахха Сельсэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Владимир Дмитриевич Аммосов кэпсээн, ырыа кэһиилээх сүрэҕи долгутар ахтыы оҥорон үөртэ.
Бу күн төрөөбүт бөһүөлэкпит 65 сылыгар аналлаах итии-истиҥ тыллар этилиннилэр.
Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр ыам ыйыгар Бөрөлөөххө ыытыллыахтара. Түгэнинэн туһанан, улууспут мусуойун үлэһиттэригэр Алена Дмитриевна Лебедеваҕа уонна Любовь Христофоровна Лебедеваҕа Бөрөлөөх нэһилиэгин туһунан кэпсиир үлэлэрин иһин махталбытын тиэрдэбит.
Людмила Колесова
Хаартыскалары:ааптар тиксэрдэ