Ахтар-саныыр “Амма” сопхуоспут

Ааптар: 
30.03.2020
Бөлөххө киир:

1930 сыллаахха Саха АССР сир оҥоһуутугар наркомун уурааҕынан бурдук үүннэрэргэ аналлаах “Амма” сопхуос тэриллибитэ. Омскай уобалас Алабагина оройуонуттан “Катарпиллер”, “Форзон” тыраахтардары илдьэ этэрээт кэлбитэ. Олор истэригэр Ландман дириэктэринэн, Ковальт инженеринэн кэлэн этэрээти туттаран баран төннүбүттэрэ. “Наркомзем” Емельянов Иван Дмитриевиһы анаан, кини сопхуос бастакы дириэктэринэн ааҕыллар.

edersaas.ru

Бу этэрээти кытта Константин Яцков кэлэн олохсуйан, Клавдия Касоткина диэн кыыһы кэргэн ылан, механизатордар халыҥ династияларын төрүттээбитэ.

Иркутскай уобалас Анучино дэриэбинэтиттэн төрүттээх Яков Анугин кэлэн иһэн Альберт Пилипекинниин аргыстаһан кэлэллэр. Яков Анучин бурдук үүннэрээччи маастара буолан, Ленин уордьанынан наҕараадаламмыта. Альберт кыыһа Пилипекина Галина Альбертовна Арассыыйа үтүөлээх агронома буолбута.
Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээх хомсомуол Василий Соловьев 1 №-дээх биригээдэҕэ биригэдьиирдээн, Ленин уордьанын ылбыта.
Араас оройуоннартан, Сибиир куораттарыттан элбэх ыччат мустан, улахан үлэһит кэлэктиип үөскээбитэ.
Подымахина, Косаткина, Синельникова уо.д.а. кыргыттар, Яцковтар, Анучиннар, Соловьевтар, ЯрцевтарНикифоровтар, Черкашиннар, Бунтовскойдар, Петровтар, Огуречниковта таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Ааттарын умнубаттар
Аммалар сопхуоска үлэлээбит дириэктэрдэр ааттарын умнубаттар. Емельянов Иван Дмитриевич, Чистяков Леонид Александрович (уола Евгений ЛОРП начаалынньыгынан үлэлээбит) кэпсэлгэ сылдьаллар. Кини аатын Покровка оскуолатыгар иҥэрбиттэрэ.
Романов Афанасий Иванович райсэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, тылланан тахсан дириэктэрдээбитэ.
Александров Лаврентий Лаврентьевич сэрии кыттыылааҕа, Прохоровкаҕа буолбут тааҥка кыргыһыытын кыттыылааҕа. Сопхуос дириэктэринэн, райсэбиэт солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Кэргэнэ Александра Митрофановна өр сылларга Амма оройуонугар агрономунан, кэлин оройуоннааҕы сиэмэ иниспиэксийэтин начаалынньыгынан үлэлээбитэ.
Отделение управляющайдара улахан уопуттаах дьон этилэр. Кириллин Виктор Софронович, Ефремов Николай Афанасьевич (Өньүөскэ), Тимофеев Илья Макарович, Попов Михаил Николаевич (Болугурга), Аммосов Захар Семенович, Чемезов Павел Николаевич , Лугинов Вячеслав Федорович (Покровкаҕа), Артемьев Прокопий Романович, Алексеев Анатолий Афанасьевич (Чакырга), Петров Егор Данилович, Новиков Аркадий Семенович, Захаров Егор Егорович (Эмискэ). Саамай уһуннук, тахсыылаахтык дириэктэринэн Михайлов Владимир Васильевич үлэлээбитэ. Кини сопхуоһу 14 сыл салайбыта.
Михайлов Петр Александрович кэлин Амма оройуонун баһылыгынан, “Дьокуускай” сопхуос дириэктэринэн үлэлээбитэ.
Илларионов Алексей Алексеевич кэлин райсэбиэт бэрэссэдээтэлэ буолбута.
Артемьев Александр Еремеевич оройуон баһылыгынан, тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлээбитин билэбит.
Огуречникова Ольга Петровна кылаабынай буҕаалтырынан, уонтан тахса сыл ТХПК бэрэссэдээтэлинэн саамай ыарахан кэмҥэ үлэлээбитэ. Кини ТХПК-ны моҥкурууттан быыһаан, аахсыйалаах уопсастыба буолан үлэлиирин ситиспитэ.
Агрономнартан Попов Лев Владимировиһы билиҥҥэ диэри ахталлар.
Максимов Анатолий кэлин Өлүөхүмэҕэ управление начаалынньыгынан үлэлээбитэ.
Иванов Иннокентий Степанович , Гольдерова Фаина Платоновна Саха АССР үтүөлээх агронома, Пилипекина Галина Альбертовна – Арассыыйа үтүөлээх агронома ааты ылбыттара.
Федорова (Уарова) Мотрена Гавриловна “Хойуу” оҕуруот аһын үүннэрэр учаастагын тэринэн, өр кэмҥэ агроном-салайааччынан үлэлээбитэ.
Инженердэринэн Кузнецов Дмитрий Кириллович, Николаев Егор Михайлович уһуннук үлэлээбиттэрэ.
Үрдүк көрдөрүүлэр
“Амма” сопхуос дириэктэринэн Михайлов Владимир Васильевич Саха АССР үтүөлээх агрономун аатын ылбыта, “Бочуот Знага” уордьанынан наҕараадаламмыта. Кини салайар кэмигэр бурдук үрдүк үүнүүтүн ылбыттара:
1971 сыллаахха 3029 гааттан 7000 т гааттан 13,7 центнери
1974 сыллаахха 5500 гааттан 7400 т гааттан 14 центнери
1976 сылаахха 5200 гааттан 6900 т гааттан 13,2 центнери
Саамай үрдүк үүнүүнү 1984 сыллаахха — 3800 гааттан 6700 туоннаны, гааттан 18 центнери хомуйбуттара.
Ити сылларга ыанньыксыт Яковлев Петр Ионович Социалистическай Үлэ Дьоруойун үрдүк аатын ылбыта.
Бурдук үүннэрээччи биригэдьиирдэр Яков Анугин, Василий Соловьев Ленин уордьаныан наҕараадаламмыттара. Механизатор Иван Перфильев, сүөһү көрөөччү Семен Кузьмин Үлэ кыһыл Знамята уордьаннарынан, агроном Иннокентий Иванов, управляющай Илья Тимофеев, туок сэбиэдиссэйэ Афанасий Андреев, механизатор Афанасий Никифоров, саһыл иитээччи Елизавета Пономарева, субай сүөһүнү көрөөччү Иван Макаров, комбайнер Дьячковскай Егор Романович, профком бэрэссэдээтэлэ Константинов Егор Васильевич “Бочуот Знага” уордьанынан наҕараадаламмыттара.
Петр Петров, Евгений Ярцев “Үлэ албан аата” уордьаны ылар чиэскэ тиксибиттэрэ.
Агроном Пилипейкина Галина Альбертовна Арассыыйа үтүөлээх агронома ааты ылбыта.
Уонтан тахса киһиэхэ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһиттэрэ аат иҥэриллибитэ.
Сопхуос 90 сыл усталаах туоратыгар араастаан уларыйа-тэлэрийэ сылдьыбыта. Хотугу муора пароходствотын кэтэх хаһаайыстыбата кытта буолбута.
1957 сыллаахха “Победа”, “Карл Маркс”, “Ленин” холкуостар холбоһон, “Амма” сопхуос саҥаттан тэриллибитэ. Бу кэмтэн ыла туруктаах үүнүү ылыллар буолбута. 50-ча сыл тухары “Амма” сопхуос өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар 100-кэ тыһыынча туонна сиэмэнэн, фураһынан хааччыйан, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ.
Умнубат доҕотторум
Бииргэ алтыһан үлэлээбит доҕотторум, хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар. Кинилэр “Амма” сопхуос сайдыытыгар үтүөлэрэ умнуллубат. Ол курдук, райком сэкирэтээрдэрэ Захаров Ким Петрович, Попов Степан Спиридонович, Онуфриев Петр Семенович, Устинов Николай Петрович, Федоров Федор Давыдович, Корякин Иван Петрович, Семенов Геннадий Леонидович, Щадринов Виктор Васильевич, ытыктыыр аҕа табаарыстарым Григорьев Михаил Петрович, Артемьев Прокопий Романович.
Амма улууһун үтүө-мааны, үлэһит дьонун кытта бииргэ үлэлээбиппинэн киэн туттабын.

Иннокентий Иванов, Саха АССР үтүөлээх агронома, “Кыһыл Знамя”, “Бочуот Знага” уордьаннар кавалердара, Өлүөхүмэ оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, 1970-1978 сылларга “Амма “сопхуос кылаабынай агронома

Өлүөхүмэ, Саҥыйахтаах.
Хаартыска- интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0