Ахсынньыга төһө тымныйыай?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ахсынньы саамай хараҥа, тымныы, сыл бүтэһик ыйа. Билгэ Хаан Айыы ыйа – Бүтэй кэм.

Норуот синоптига Тускул 2021 сыл бүтэһик ыйын “ахсынньы Билгэ Хаан ыйын, бэс ыйын батыһар” диэн бэлиэтиир.

“Быйыл ахсынньы ыйга төһө тымныйыай?” диэн Тускултан ыйыттыбыт. Дьэ, онон саамай тымныытынан куттуур ыйбыт билгэтин билсиэххэ.

«Киин улуустарга ахсынньы, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, балай да сымнаҕас буолара сабаҕаланар. Ый  бастакы уон күнүгэр сөбүгэр соҕус хаардаах буолуо. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, ый саҥатыгар сымнаһыар күн-дьыл: күнүс -24С-34С кыраадыс тымныы, түүнүн -30С-35С. Кыраһа хаар элбэх. II дэкээдэ сөҥүүтэ суох буолсу: күнүс -30-40С кыраадыс, түүнүн  -41С -48С  кыраадыс тымныы. III дэкээдэ хаара кэмчи соҕус. Күнүс-37С-43С кыраадыс, түүн -41С -47С кыраадыс тымныы», — диэн бэлиэтиир Тускул.

Сиһилии Тускул ахсынньы ыйы улуустарынан билгэлээбитин «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0