Ахсынньы саҥатыгар «Күөн күрэс» ыччат түһүлгэтэ тэриллиэҕэ
Ахсынньы 2-3 күннэригэр Дьокуускайга “Модун” успуорт киинигэр өрөспүүбүлүкэ спортивнай нэһилиэктэрин ыччат хамаандаларын икки ардыларыгар сахалыы төрүт оонньууларга «Күөн күрэс» диэн ыччат түһүлгэтэ (этнобэстибээл) ыытыллыаҕа.
Күрэхтэһиигэ 2-с Малдьаҕар (Хаҥалас), Бордоҥ (Сунтаар), Чинэкэ (Бүлүү), Майа (Мэҥэ Хаҥалас), Хоро (Үөһээ Бүлүү), Мастаах (Кэбээйи), Одуну (Горнай), Бэдьимэ (Мэҥэ Хаҥалас), Мырыла (Чурапчы), Баатаҕай (Уус Алдан) Сылаҥ (Чурапчы), Сүлдьүкээр (Мииринэй) хамаандалара кыттарга бэлэмнэнэ сылдьаллар.
«Кырынаастыыр», «Ойбонтон уулааһын», «Мүһэ былдьаһыы», «Кириэс тэбии», «Көтөх ынаҕы туруоруу», «Былыргылыы хабылык, хаамыска», «Тутум эргиир», «Төрүт оҕунан ытыы» уонна «Сүгэһэрдээх сүүрүү» эстафета көрүҥнэрэ ыытыллыахтара.
Кыайыылаах хамаанда 300 тыһыынча солкуобайынан, иккис миэстэ 200 тыһыынча солкуобайынан, үһүс миэстэ 100 тыһыынча солкуобайынан уонна төрдүс-бэһис миэстэ буолбуттар 25-тии тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланыахтара. Ону таһынан көрүҥнэринэн муҥутуур кыайыылаахтарга анал бириистэр олохтонуохтара.