Ахсынньы — Билгэ Хаан ыйа

Бөлөххө киир:

Сыл бүтэһик ыйа ахсынньы саҕаланна. Ахсынньы 21 күнэ саамай кылгаһынан биллэр.  Айылҕа бүтүннүү утуйар.  Бүтэй кэм диэн буолар.

Битэ-билгэтэ

Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас, сайын турар. Ахсынньыга тымныыны сэргэ, хаардаах, тыаллаах-куустаах буоллаҕына, сайынын  үүнүүлээх буолар.

Ахсыннньы 1 күнэ — бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.

Ахсынньы 9  күнэ — Лэгэнтэйэп күнэ. Дьыл чиэппэрэ. Кыһыны туоруур аһы-үөлү, оту-маһы суоттанарга биир кэрдиис бэлиэ кэм.

Ахсынньы 12  күнүгэр буурҕа түстэҕинэ, ахсынньы 19-гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр.

Ахсынньы 19 күнэ — кыһыҥҥы Ньукуолун. Бу күн тымныы буоллаҕына, сайынын өлгөм үүнүүнү күүтүллэр.

Ахсыннбы 25  күнэ — Испирдиэнэп күнэ. Бу күнтэн саҕалаан күүстээх тымныылар түһэллэр.

Ахсынньы 26 күнүттэн күн кутуйах хаамыытынан уһаан барар.

Ахсынньы 29 күнүгэр кыраһа түстэҕинэ, халлаан сылыйар. Күүскэ тымныйдаҕына, кэлэр сыл Кириһиэнньэтигэр (тохсунньу 19 күнүгэр) диэри тымныы күннэр бүрүүкүүллэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0