Ахсынньы 11 күнэ – Саха сиригэр кутурҕан күнэ

Ааптар: 
11.12.2017
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээх бөһүөлэгиттэн 16 км тэйиччи сиргэ «Халыма» федеральнай суолугар икки массыына харсыһанулахан суол быһылаана буолбута.


Тааттаҕа айаннаан испит УАЗ массыына утары айаннаан иһэр КаМАЗ таһаҕас массыынатыгар тиийэн түспүт. Массыыналар иккиэн тута умайбыттар. Уоту умулларыы кэнниттэн, УАЗ массыынаҕа тоҕус киһи өлүгүн булбуттар. Экстреннэй сулууспа иһитиннэриитинэн, олор ортолоругар 2 саастаах оҕо баар… Үс киһи араас эчэйиини ылан, Мэҥэ Хаҥалас оройуоннааҕы балыыһатыгар ыарахан туруктаах сыталлар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов ахсынньы 11 күнүн Саха сиригэр кутурҕан күнүнэн биллэрбитэ. Онон бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Российскай Федерация, Саха сирин былаахтара түһэриллэн, телерадиокомпанияларга, култуура эйгэтигэр дьону саататар, аралдьытар дьаһаллар тохтоон тураллар.

Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров дьаһалынан улууска үс күннээх кутурҕан күнэ биллэриллибитэ.

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Дьокуускайга “Таатта түмсүү” тэрийиитинэн Ленин болуоссатыгар, Бырабыыталыстыба № 2 дьиэтин иннигэр, суол саахалыгар суорума суолламмыт дьон сырдык кэриэстэригэр анаан Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай, норуот депутаттара, куорат олохтоохторо, ыалдьыттара, Тааттаттан төрүттээхтэр тыыннаах сибэкки, чүмэчи уурдулар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Сарыал Винокуров, Наталья Охотина, Венера Жерготова, Намыына Павлова, Айаал Шергин, Надежда Кулаковская, Сюзанна Севастьянова, Федор Хаптагаев, Егор Большаков дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр, бииргэ төрөөбүттэригэр, доҕотторугар, биир дойдулаахтарыгар дириҥ кутурҕанын биллэрэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков: “Хас биирдии саха киһитин, өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун уйулҕатын хамсатар ыарахан оһол таҕыста. Тустаах дьоннору хайдахтаах даҕаны элэ-была тылы этэн, кыайан уоскуппат ыар кутурҕана буолла. Маннык ыарахан түгэннэргэ биһиги дьон быһыытынан, норуот быһыытынан төһө кыалларынан түмсүүлээх буолуохтаахпыт. Иэдээҥҥэ түбэспиттэргэ хас биирдии бэйэбит уйаҕас санаабытынан, туох кыалларынан барытынан көмөлөһөн, чугас буолан бэйэбитин омук быһыытынан күүһүрдэр кыахтаахпыт”, — диэн эттэ.

Александр Николаевич суол быһылааныгар суорума суолламмыттар чугас дьонноругар өрөспүүбүлүкэ өттүттэн көмө оҥоһуллуоҕун, онно туһааннаах хамыыһыйа үлэтин саҕалаабытын туһунан иһитиннэрдэ.

Эмсэҕэлээбиттэргэ, өлбүттээхтэргэ психологическай көмө оҥоһуллар. Дьыаланы силиэстийэлээһин өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын хонтуруолугар сылдьар.

Ил Түмэн пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0