АХШ сүрүн инфекциониһа «Спутник V» вакцина туһунан санаатын уларытта

Ааптар: 
23.03.2021
Бөлөххө киир:

АХШ аллергическай уонна инфекционнай ыарыыларга национальнай институтун дириэктэрэ, дойду сүрүн инфекциониһа Энтони Фаучи Арассыыйаҕа коронавирус утары оҥоһуллубут «Спутник V» вакцинаны хайҕаан, “куһаҕана суохтук туһалыыр кыахтаах” диэн билиммит. edersaas.ru

“Арассыыйа вакцинатын чинчийии отчуоттарын үөрэтэн көрдүм, көрдөрүүлэрэ куһаҕана суохтар”, — диэн кини араадьыйанан быһа биэриигэ иһитиннэрбит. Энтони Фаучи бу иннинэ ааспыт сыл атырдьах ыйыгар «Спутник V» регистрациятын туһунан улаханнык саарбахтыырын биллэрбитэ: “Арассыыйа чинчийээччилэрэ вакциналарын үчүгэйдик тургуталларыгар баҕарыам этэ. Бу эмп туһалыыр күүһүгэр уонна куттала суоҕугар күүскэ саарбахтыырга төрүөт баар”, — диэбитэ. Ол эрээри, кулун тутар саҕаланыыта бу санаатын уларыппыт.

Бүгүҥҥү күҥҥэ «Спутник V» вакцина 55 дойдуга туһанарга көҥүл ылбыта, аптарытыаттаах мэдиссиинэ сурунаала Lancet этэринэн харыстыыр көдьүүһэ 91,6% тэҥнэһэр.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска РИА “Новости”

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0