“Агростартап» кыайыылааҕа Анастасия Ноева

Ааптар: 
27.05.2022
Бөлөххө киир:

Анастасия ааспыт бээтинсэҕэ Кириэс Халдьаайы устун  баран истэҕинэ уулуссаҕа көрсүбүт дьоно: “Настя, кыайыыгынан эҕэрдэлиибит!” – диэн соһуппуттар. Батсаап ситиминэн сурах түргэнник тарҕанар буоллаҕа.

Бүгүн Анастасия Яковлевна Ноева диэн 33 саастаах, 4 оҕолоох эдэр ийэ туһунан билиһиннэриэхпитин баҕарабыт. Кини “Дьоҕус уонна орто урбаан уонна биирдэм урбаанньыт көҕүлээһинин өйөөһүн” национальнай бырайыак састаабыгар киирэр пиэрмэрдэри уонна тыа сирин кэпэрээссийэтин сайыннарыыны өйүүр тэрээһиннэри олоххо киллэрии чэрчитинэн СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэрис­тибэтин “Агростартап” куонкуруһугар кыттан, 18 киһи ортотугар киирэн, граҥҥа тиксэр буолла. Быһата, “Агростартап” куонкуруһун кыайыылаахтарыттан (табылыыссаны көр) биирдэстэрэ.

Маннык куонкурус баарын туһунан истэн баран, Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыгар тэриллибит “Илгэ” ТХПК арыы сыаҕар (сал. Д.В.Заболоцкай) үлэлии сылдьан холонон көрөөрү, граҥҥа кыттаары бэйэтин идиэ­йэтин тобулан, торумнаан барбыт. Төрөөбүт дойдутугар үүнэр сир аһын эгэлгэтин үргүүрүн сөбүлүүр буолан, бу куонкуруска сир аһын соҕотуопкалааһынынан уонна эти, балыгы тутан,  полуфабрикаттары оҥорон, ону батарыынан дьарыктанарга быһаарыммыт. Маныаха тыа сирин уонна куорат да олохтоох­торо бэлэм астаммыт аһылыгы (полуфабрикаттары)  атыылаһан аһыыр буолбуттарын, чуолаан, бэйэ бородууксуйата ордук былдьаһыгынан барарын иһин талбыт. Холобура, улуустарын киинигэр Хаандыгаҕа бааһынай хаһаа­йыстыбалар суохтар, онон кини бэлэмнээбит араас барыанньаларын, джемнэрин, сироптарын, эт, балык астарын хамаҕатык атыылаһыахтара диэн санаалаах.

“Долгутуулаах этэ”

Бу куонкуруска бэйэтин идиэ­йэтин, биисинэс-былаанын хайдах  көмүскээбитин туһунан маннык кэпсээтэ:

– Биисинэс-былааны көмүс­күөхтээх кэмим өрүс хаайтарыытын кэмигэр түбэспитэ. Үгүс да кыттааччыларга оннук буолуо дии саныыбын. Алдан эбэни туоруохпун наада этэ. “Ирбис” буол­лаҕына, нэдиэлэҕэ иккитэ эрэ сылдьыбыта.  Онон онлайн кыттарга быһаарыммытым. Граҥҥа тиксэр куонкуруска 100-тэн тахса кыттааччы баар буоллаҕа дии. Онон хас биирдиибитигэр 5-тии мүнүүтэ бэриллибитэ. Мин кыттаары сырыттахпына уоппут баран, ыксыы сылдьыбытым. Уопсайынан, наһаа долгутуулаах этэ. Кэргэним Григорий бултуурун, балыктыырын сөбүлүүр буолан, олус өйөөтө. Биисинэс-былааҥҥытын  сахалыы эбэтэр нууччалыы да көмүскүөххүтүн син диэбиттэрэ. Онон төрөөбүт тылбынан кэпсээ­битим. Кыайбыттар дуогабарбытын кэлэр ый 10 чыыһылатыгар диэри түһэрсиэхтээхпит. Ирдэбил быһыытынан, ИП буолуохтаахпыт. Ол кэннэ илии баттаһан эҥин баран, көрүллүбүт үппүтүн ыытыахтаахтар. Усулуобуйа быһыытынан, бэ­­йэҕиттэн үптээх буолуохтааххын. Кыттарбар харчым 10 бырыһыана баара. Ол эбэтэр счеппар 350 тыһыынча солкуобай сытар этэ. Мин 3 мөлүйүөн солкуобайы көрдөөбүтүм. Холобурдаатахха, күөх луугу  киилэтин 150 солк. туттахпына, уопсай ороскуотум – 191 солк., отону иккилии мөһөөк туттахпына, уопсай орос­куота биир киилэ барыанньаҕа 350 солк.  буолар. Тутан, үлэлээн, ас­­таан-таҥастаан истэххэ биллиэ буоллаҕа, хайдаҕа.

Дьоҕус сыах туттарыаҕа

Анастасия Яковлевна бу биэрбит үптэрин туһанан уһаайбатыгар дьоҕус сыах туттарар баҕалаах. Ону бэдэрээтчиттэр тутуох­тара. Сыаҕы тутууга 1,5 мөл солк. былаанныыр. Онтон дьиэтэ-­уота тутулуннаҕына, куораттан анал тэрилин атыылаһыахтаах. Билигин интэриниэтинэн көрөн, сыанатын сыныйан  үөрэтэр. Быһа барыллаан 1 мөл. 800 тыһ. курдук суумаҕа тэрили ылар санаалаах. Онон ити икки сүрүн наадыйыытыгар 3 мөл. курдук тахсан кэлэр.

Хаайтарыы кэмэ буолбатаҕа буоллар, Дьокуускайга тиийэн, элбэх дьону кытта билсэн, сүбэ-­ама ылыам хааллаҕа диир. Бэл, граҥҥа тиксэр туһуттан куонкуруска кытта ыарахан сыаналаах көтөр билиэттээх дьон – хотулар кэлбиттэрин сөҕөр.  Кыайбыттар ааттара биллибитин кэннэ анал бөлөҕү батсаапка арыйбыттар. Онон салгыы тугу гыныахтаахтарын онно ыйан-кэрдэн биэриэх­тээхтэр эбит.  “Саҥа саҕалыыр ИП-ларга  көмөлөһөр тэрилтэ курдук өйдөөбүтүм, олор сүбэ­лиэхтээхтэр”, – диир кини.

Төһө да тыа сиригэр олордор, интэриниэт көмөтүнэн атын эрэгийиэннэргэ отонунан дьарыктанааччылар туһунан ааҕа сатаабыт. Ол курдук, отонноро, үүнээйилэрэ ыһылла сытар Краснодар диэки икки табаарыстыылар ИП ары­йан баран, икки сылынан барыска тахсыбыттарын сэргээбит.

– Иллэҥ кэммэр оҕолорбун кытта дьарыктанабын. Ону-маны оҥорорго үөрэтэбин. Дьиэ кэргэнинэн бохуоттуурбутун сөбүлүүбүт. Сайын, күһүн тыаҕа оҕолору төлөпүөнтэн араараары, аралдьыта, оонньуу-сынньана таарыйа сир астаан кэлээччибит, – диэн салгыы кэпсээтэ сыры-сыллата оҕолордоох эдэр ийэ.

АГАТУ-га туттарсыаҕа

Анастасия Яковлевна  үлэлиир “Илгэ” кэпэрэтиибин арыы сыаҕын туһунан эмиэ кэпсээтэ. Ол курдук, бу үрүҥ ас араа­һын оҥорор тэрилтэҕэ Кириэс Халдьаайыттан икки улахан бааһынай хаһаайыстыба үүтү туттарар, кэтэх ыаллар эмиэ хаалсыбаттар. Ону тэҥэ ыаллыы Арыы Толоон, Ударник учаастактартан эмиэ аҕалан туттараллар. Хаһаайыстыбалар үүттүгэннээх сайылыктарга тахсан, сайын ынах үүтэ эбиллиэҕэ, туттарыы да элбиэҕэ. Кэпэрэтиип биэс үлэһиттээх, онно эбии үс хачыгаардаах.

“Агростартап” кыайыылаа­ҕа, арааһа, тыа хаһаайыстыбата идэлээх буолуо дии санаа­бытым даҕаны, ювелир буолан соһутта. Ол эрээри, ювелир идэтигэр быраактыкаланан эрэ хаалбыт. Кэргэн тахсан, оҕолонон-­урууланан, салгыы үлэлээбэтэх. Хата, быйыл сайын АГАТУ-га технолог идэтигэр туттарсар, кэтэхтэн үөрэнэр баҕалаах.

Онон Кириэс Халдьаайы кыыһа ылыммыт былаанын олоххо этэҥҥэ киллэриэ диэн эрэнэбит.

  «Агростартап» гранын ылыыга куонкурус кыайыылаахтара

№ п/п Сайаапка нүөмэрэ Улуус аата Сайаапкалаах киһи аата-суола Грант суумата СӨ 2019 с. 23.05 күнүнээҕи 113 №-дээх уураах 1 №-дээх  сыһыарыытыгар олоҕуран киритиэрийдэринэн баал уопсай ахсаана Сайаапкалаах билиитин сыанабыла. Хамыыһыйа чилиэннэрин орто баала Уопсай баала
1 82 Нерюнгри оройуона,

Серебряный Бор бөһ.

Гринкевич Надежда Владимировна 2 829 600,00 44 8,1 52,1
2 3 Дьааҥы улууһа, Бөтөҥкөс сэл Чириков Владимир Петрович 2 952 000,00 45 7,1 52,1
3 7 Чурапчы улууһа,  Чурапчы сэл. Красильников Валерий Иннокентьевич 3 000 000,00 42 6,9 48,9
4 93 Нам улууһа,

Кириэс Кытыл сэл.

Авксентьева Надежда Евграфовна 4 122 000,00 42 6,0 48,0
5 5 Хаҥалас улууһа, Хоточчу сэл. Варламов Радомир Валентинович 4 410 000,00 40 7,7 47,7
6 73 Мэҥэ Хаҥалас улууһа,  Петровка сэл. Дмитриева Альбина Александровна  4 995 000,00 40 7,2 47,2
7 12 Үөһээ Бүлүү улууһа,  Кырыкый сэл. Григорьев Николай Николаевич  4 725 000,00 40 6,8 46,8
8 1 Чурапчы улууһа,  Чурапчы сэл. Барашков Игорь Николаевич 1 968 000,00 40 6,4 46,4
9 9 Үөһээ Халыма улууһа,  Уһун Күөл сэл. Слепцова Наталья Семеновна 4 950 000,00 37 9,3 46,3
10 19 Дьааҥы улууһа,  Суордаах сэл. Горохов Дмитрий Дмитриевич  4 046 730,00 39 6,0 45,0
11 24 Эбээн Бытантай улууһа, Баатаҕай-Алыыта Рожин Алексей Егорович  2 691 040,00 35 9,2 44,2
12 26 Горнай улууһа, Бэс Күөл сэл. Федоров Валерий Иванович  3 000 000,00 36 7,8 43,8
13 10 Хаҥалас улууһа,  Улахан-Аан сэл. Пудов Тимур Афанасьевич 2 532 320,00 36 6,4 42,4
14 37 Ньурба улууһа, Ньурба к. Кондратьева Антонина Прокопьевна  4 880 000,00 34 7,4 41,4
15 43 Чурапчы улууһа,  Толоон сэл. Егорова Виктория Павловна  1 798 070,00 34 7,3 41,3
16 126 Нам улууһа, Нам сэл. Попова Клара Дмитриевна 2 627 570,00 34 7,3 41,3
17 15 Томпо улууһа, Кириэс Халдьаайы сэл. Ноева Анастасия Яковлевна 3 000 000,00 34 7,2 41,2
18 84 Уус-Алдан улууһа,

Бороҕон сэл.

Попов Иван Михайлович 4 185 570,00 34 6,6 41,2

Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат

Хаартысканы: А.Ноева ыытта

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0