Агрооскуолалар быыстапкалара буолан ааста

Ааптар: 
24.08.2017
Бөлөххө киир:

Үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕын чэрчитинэн Дьокуускай куорат Ленин болуоссатыгар өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын быыстапка-куонкурустара буолан ааста. edersaas.ru

Куонкуруска оскуола таһынааҕы учаастактаах, агро хайысхалаах 26 оскуола кытынна. Сарсыныгар Экология, туризм уонна агротехнологическай үөрэхтээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин үөрэтэр-методическай сиригэр, Покровскайдыыр тракт 10 килэмиэтиригэр араас сэминээрдэр буоллулар. Манна улуус оскуолалара кэлэн сүбэ-ама ыллылар, уопуттарын атастастылар.

Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы оскуолата 2012 сылтан агро хайысхаламмыт. Тустаах оскуола кыһыҥҥы, сааскы тэпэлииссэлэригэр оҕурсу, помидор, сүбүөкүлэ, арбуз, кабачок олордоллор. Бааһыналарга хаппыыста араас суордун итиэннэ хортуоска ыһаллар. Хомуйбут үүнээйилэрин аҥаарын атыыга ыыталлар, аҥаарын оскуолаҕа хааллараллар.

Хаһааспытын Cаҥа дьылга диэри сиибит. Кэнсиэрбэлэммит оҕуруот аспыт, сибиэһэйдии тоҥоруллубут күөх тумабыт кыһыннары тиийэр. “Байаҕантай кэскилэ” диэн лааҕырдаахпыт. Онтубут икки этэрээттээх: “Юный овощевод”, “Юные натуралисты Томпо”. Оҕуруоччуттарбыт үүнээйинэн, натуралистар научнай-чинчийэр үлэнэн дьарыктаналлар. Сайын үс сезон устата 90 оҕону хабабыт. Натуралистар биир, оҕуруоччуттар үс сезон үлэлииллэр” – диэн агрооскуола үлэҕэ үөрэтиигэ маастардара, бэрт сэргэх эдэр дьон В.Р.Тарабукина, О.С.Кириллина, М.Ф.Кондратьева, А.А.Черноградская былдьаһа-тараһа кэпсииллэр.

Быыстапканы көрө сылдьан хараҕым араас дьэрэкээн өҥнөрдөөх, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах кыра холбуйаларга хатана түһэр. Оҕуруот, сир, араас үүнээйи быыһыгар ордук бэлиэтэнэн көстөр эбит. Кэпсэтэн билбитим, Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро агрооскуолатын технология уруогу таһынан 7-8 кылаас үөрэнээччилэрэ оҥорбут оҥоһуктара эбит. Үксүн бэлэххэ-туһахха туһаналлар, оҕолор даҕаны умсугуйан туран дьарыктаналлар эбит.

Ити курдук, тыа сирин оскуолалара кэлэн куорат олохтоохторун харахтарын сымнаттылар, удамыр сыанаҕа араас атыыны-кутууну тэрийдилэр. Тулагы оскуолатын дьиэ кыыллара кырачаан көрөөччүлэр куттарын туттулар.

Хамаанданан уопсай түмүк: 1 м. П.И.Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата (Дьокуускай куорат уокуруга), 2 м. М.Т.Егоров аатынан Үөһээ Бүлүү 2-с №-дээх орто оскуолата (Үөһээ Бүлүү улууһа), 3 м. Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолата (Үөһээ Бүлүү улууһа).

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0