Кини дьэрэкээн бэйэлээх сибэккилэрин, өлгөм үүнээйилээх оҕуруотун ортотугар түспүт хаартыскаларын көрбүт киһи, бу агроном эбэтэр ботаника, айылҕа үөрэҕин учуутала дии саныа этэ.
Онтубут, Афанасий Семенов – спортсмен ааттааҕа. Ньурбаҕа Маар орто оскуолатыгар физкултуура учууталынан үлэлиир.
“Ыра санаалыын аргыстаһан”
Афанасий Васильевич бэйэтин туһунан маннык кэпсиир:
—Оҕо эрдэхпиттэн үүнээйи олордорбун, бүөбэйдиирбин уонна успуордунан дьарыктанарбын сөбүлүүбүн. Оскуола кэнниттэн Белоруссияҕа Горки куоракка тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар агроном идэтигэр туттарсан киирбитим. Бастакы куурус кэнниттэн төттөрү кэлбитим уонна СГУ кэтэхтэн үөрэнэн (ПиМНО) алын кылаас учууталын идэтин ылбытым.
Эдэр исписэлиис оҕолору сүүрүүгэ эрчийэр. Оскуолаҕа физкултуура учууталынан үлэлиир. Ол быыһыгар, спортивнай оскуолаҕа биэс сыл дириэктэрдиир. Онон кини оҕо сааһыттан ыра оҥостубут агроном буолар баҕа санаата сөбүлүүр дьарыгар кубулуйар, оттон успуорт олоҕун аргыһа буолар.
А.В.Семенов – СӨ үөрэҕириитин, физкултуура уонна успуорт туйгуннара, уһулуччу үрдүк категориялаах учуутал, “Новое поколение” Бүтүн Арассыыйатааҕы физкултуура бастыҥ учууталларын уонна тириэньэрдэрин өйүүр аһымал пуонда стипендиата, “Сыл бастыҥ учуутала-2004” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс суперфиналиһа, “Сыл бастыҥ баһаатайа” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс 2 дипломана, Түмүк нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Сибэккибитин олордуоҕуҥ
Афанасий олунньуттан саҕалаан сибэкки арассаадаларын, луукайкаларын (үүнээйи төрдүгэр баар бөлчүөҕүн) Саха сирин үгүс улуустарыгар атыылыыр, билиитин-көрүүтүн атастаһар. Питомниктары, интэриниэт-маҕаһыыннары кытары сибээстэһэр. Үүннэрэр матырыйаалын Москваттан талан, бүөбэйдээн аҕалар. Бүгүн кини сибэккини олордууга хайдах бэлэмнэнэр туһунан тэттик сүбэлэри биэрдэ.
Петуниялар
—Сибэккилэри сиэмэнэн ыспаппын. Үүннэрэр сибэккибин луукайканан, ризоманан (кыра бөлчүөхтэринэн), эбэтэр умнастан (черенок) силис тартарабын. Олортон биирдэстэрэ – вегетативнай петуния. Бүгүҥҥү кэпсэтиибитин бу сибэккигэ аныыбыт.
Бу сибэкки сиэмэ биэрэр эрээри, ону ыстахха, хаачыстыбата мөлтөөн-ахсаан барар. Онон “ийэ” (былырыын олордуллубут) сибэккиттэн умнас быһан силис таттарабын. Кылаабынайа, “ийэтэ” доруобай буолуохтаах. Саҥа үүннэрэр сибэккиҥ итинтэн быһаччы тутулуктанар.
Быһар умнаспыт үрдүгэ 5 см итэҕэһэ суох буолуохтаах. Силис түргэнник тардарыгар “корневин” диэн анал уоҕурдууга төрдүн уган ылабыт, оттон сэбирдэхтэрин төбөтүгэр эрэ хаалларабыт. Уонна кыра ыстакааҥҥа эбэтэр анал кассеталарга көпсөркөй буордаах, перлиттээх субстракка (анал буор) угабыт.
Мин сибэккилэрбэр “klasmann” диэн туорпаны (липпэни) туттабын. Маны кыһын Екатеринбуртан, Новосибирскайтан үлэһэбин. Сыаналаах эрээри, бу туорпаҕа үүнээйи “хамсыы-хамсыы” үүнэр. Умнаһы олордорго 876-с нүөмэрдээх, оттон арассаадаҕа 085-тээх туорпалары ордоробун.
“Кыраадыска — болҕомтону”
—Умнас силис тардарыгар +20 — +24 кыраадыс сылаас буолуон наада. Ону сэргэ, үүнээйи хайаан да үчүгэй сииктээх буолуохтаах.
Сиигин көтүтүмээри, бүтэй быласымаас дьааһыкка угабыт эбэтэр салапаан мөһөөччүк кэтэрдэбит. Күҥҥэ 2-3 төгүл уунан ыстарабыт, оччото аһан салгылатабыт. Маны барытын сөпкө тутустахпытына, биир нэдиэлэнэн умнаспыт силис тардар, үүнэн барар.
Үүнээйи силис тарта да, дьон үксэ салапаан мөһөөччүктэрин эбэтэр дьааһыктарын хаппаҕын аһан кэбиһэллэр уонна саппаттар. Ити сыыһа. Умнаһы хайаан да 2 күн дьиэ эбэтэр тэпилииссэ усулуобуйатыгар, хаппахтары, салапааннары кыра-кыратык аһан, үөрэтиэхтээххин. Ол кэнниттэн кыраадыһы намтатан, үүнээйибитин ситэри үүннэрэбит. 10 см буолбутун кэнниттэн хоннохтуубут. Оччоҕуна умнастар тахсаллара түргэтиир, сэбирдэҕэ хойдор. Икки нэдиэлэ буолбутун кэнниттэн, эбии аһатабыт. Саамай сөбүлүүр уоҕурдуум — “монофосфат калия”. Бу уоҕурдуу састаабыгар фосфор баар буолан, силиһэ күүһүрэр. Оттон үүнээйи силиһэ сайдыбыт, бөҕө буоллаҕына, өлгөм аһы биэрэр, үчүгэйдик сибэккилиир.
“Үүнээйи үөнүн эмтиибит”
— Арассаадалар дьиэҕэ турар кэмнэригэр, таһырдьа даҕаны үүнээйигэ сыстан үөскүүр ооҕуйдуҥу көрүҥнээх кыра үөн – клещ (паутинный) үөскүүр. Бу үөнү үөскэппэт туһуттан “фитоверм” суурадаһынынан чэбдигирдэн, ыраастаан ыстарар үчүгэй.
Көһөрүү албаһа
—Мин сибэккилэрим умнастарын 30-туу граммнаах былаастык кассеталарга (иһиттэргэ) силис таттарабын.
Онтон сайын миэстэлэрин булларыахпар диэри иһиттэрин үстэ уларытабын. Аан бастаан 100-200 мл ыстакааҥҥа, онтон 500 мл, кэлин 1 л —1,5 л сибэкки иһиттэригэр (кашполарга) көһөрөбүн. Маннык ньыманан олортоххо, бу кэпсиир петуниябыт өлгөмнүк, хойуутук үүнэр, быһыыта-таһаата тупсар, шар курдук төгүрүктүҥү көрүҥү ылар.
Оттон үүнээйини тута улахан иһиккэ көһөрдөххө, силиһэ ону толоро сатаан, күүһүн-уоҕун барыыр. Устунан кэхтэр. Онон хас биирдии оҕуруотчут бу ньыманы тутуһара ордук. Саҕалааһыммыт итинник. Аныгыскы көрсүөххэ диэри!
Сардаана Баснаева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: Афанасий Семенов тиксэриилэрэ.