Аграрийдарга социальнай көмө баар буолуохтааҕын Путин ыйда

Бөлөххө киир:

Владимир Путин былырыын Анал этиитигэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын атын дойдуттан атыыласпакка эрэ бэйэбит хааччыллан олоруохтаахпыт туһунан эппитэ. Быйыл ити этиитигэр эбэн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьон социальнай туруктарын тупсарыы туһунан эттэ.

"Бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар дьон социальнай усулуобуйаларын (дьиэ-уот тутуутун этэр) тупсарыахтаахпыт"
"Бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар дьон социальнай усулуобуйаларын (дьиэ-уот тутуутун этэр) тупсарыахтаахпыт"

«Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарыы быйыл эмиэ үрдүк көрдөрүүлээх. Итиннэ биһиги бу эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммутугар махтаныах тустаахпыт», — диэн бэлиэтээтэ Владимир Владимирович. Уонна аҥаардас табаары эрэ оҥорон таһаарыынан муҥурдаммакка,

эттэ.

Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан Егор Борисов ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэҥҥэ иһитиннэрбит Анал этиитигэр эһиилгиттэн тыа хаһаайыстыбатын сокуона үлэлиэхтээҕин этэн туран, нэһилиэктэргэ дьиэни-уоту тутууга, агрокластердары сайыннарыы барыахтааҕар болҕомто уурбута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0