«АГЕНТ МАМБО» — Hits production уонна Suoratt бастакы киинэлэрэ
Инстаграмы хайа тардыбыт @hitsprod уонна @suoratt вайнердара сотору кэминэн киинэ тыйаатырдарыгар «Агент мамбо» диэн комедийнай-криминальнай киинэни күн сиригэр көрдөрүөхтэрэ. Киинэ режиссерунан, сценариһынан Алексей АМБРОСЬЕВ, операторынан Иван СЕМЕНОВ, продюсерынан Степан ПОРЯДИН буолаллар. Уолаттар этэллэринэн, киинэ номнуо 2019 сылга кулун тутарга сүрэхтэниэҕэ.
Чэлгийээнэ БАХСЫРОВА, edersaas.ru
Степан ПОРЯДИН, продюсер:
— @hitsprod уолаттарын кытта киинэ уһулуохха баар эбит диэн наар дьээбэлэһээччибит. Бүтэһик кэмҥэ ити тиэмэҕэ кэпсэтии олуһун элбээн уубутугар-хаарбытыгар киирэн номнуо киинэбит туох туһунан буоларын толкуйдаан барбыппыт. Бастаан «Көҥүл боотурдар» салгыытын уһулуохха эҥин диэн санаалар үөскүү сылдьыбыттара. Элбэх идеяттан күүстээх мөккүөр кэнниттэн, “Агент Мамбо” сюжетын сөбүлээбиппит. Устар бөлөх дьоно бары бэйэ бэйэбитин биэс тарбах курдук билэр буоламмыт үлэлииргэ судургу. Сүрүн оруолу Кеша ХОБУЕВ толорор, интэриэһинэй буолуоҕа диэн эрэннэрэбит.
Кеша ХОБУЕВ, сүрүн оруолу толорооччу:
— Киинэҕэ бастакы уһуллуум буолар. Вайннартан киинэ эйгэтэ чыҥха атын эбит. Биир сыананы сороҕор күнү быһа да уһулааччыбыт, сылайыы да баар, бииргэ уһуллар арыый уопуттаах артыыстар күүс-көмө буолааччылар. Саҥа сүүһүс каадырбытын уһуламмыт оруолбун оонньуурбар улахан ыарахаттары көрсө иликпин, баҕар, вайннарга баар дьоруойум уобараһын салгыырбыттан буолуо.
Виталий ЩУКИН:
— Киинэҕэ биир сүрүн оруолу толоробун. Нууччалыы эттэххэ, напарникпынан, Галя ВИНОГРАД буолар, кинини кытта эрдэ “Хара бэкир” киинэҕэ оонньообут буоламмын чэпчэки. Оруоллары түҥэтиигэ миэхэ наһаа интэриэһинэй дьоруой түбэспитэ. Майгыта-сигилитэ ыарахан соҕус киһи: кыыһыран да ылар түгэннээх, сороҕор уйан да буолар. Киинэ сюжетын барытын арыйан биэрбэппин, премьераҕа барыгытын күүтэбит.
Галя ВИНОГРАД:
— Киинэни кытта бастакы билсиим Юра РОМАНОВ (режиссер көмөлөһөөччүтэ) төлөпүөммэр эрийбититтэн саҕаламмыта: “@hitsprod уонна @suoratt буоламмыт киинэ устаары сылдьабыт, кыыс оруолугар сөбүлэһиэҥ дуо?”,-диэбитэ. Мин кыра эрдэхпиттэн киинэҕэ оонньуур баҕа санаалаах этим, ол иһин тута сөбүлэспитим. Урут уруккуттан киинэ эйгэтин интэриэһиргиирим, “Агент Мамбо” олохпор үһүс киинэм, ол эрэн сүрүн дьоруой быһыытынан бастакы арыллыым буолан быдан улаханнык долгуйабын. Устар бөлөх улахан уопуттаах буолан ыйан-кэрдэн биэрэллэр. «Бомба» киинэ, онон, бэйэм да премьераны кэтэһэ сылдьабын.
Владимир ТИМОФЕЕВ:
— Киинэҕэ бастакы оруолум. Устар бөлөх дьонун кытта Саха-КВН-ҥа биир хамаандаҕа оонньообут буоламмыт араас түгэннэргэ хайдах туттарбытын-хаптарбытын билэбит, онон, үлэбит чэпчиир. Сөбүлүүр дьарыкпыт киинэ буолан тахсан иһэрэ үөрүүлээх, өссө даҕаны инникитин улахан бырайыактар баар буолуохтара. Мин оруолбар аҕа саастаах киһини оонньуубун, майгыта-сигилитэ бэйэбэр майгыннаабатар да, туох баар күүспүнэн-уохпунан дьоруойбун арыйа сатыам.
Маны таһынан, киинэҕэ элбэх комедиялар, вайннар дьоруойдара Дмитрий БАИШЕВ, Альберт НОГОВИЦЫН уонна да атыттар сүрүн оруоллары оонньууллар. “Агент Мамбо”, кырдьык даҕаны, бэйэтин тула бары сөбүлээн көрөр дьоммутун муспут эбит.
Чэлгийээнэ БАХСЫРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ