АГАТУ устудьуоннара РФ бырабыыталыстыбатын истипиэндьийэтин ыллылар

Бөлөххө киир:

Арктикатааҕы агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын устудьуоннара быйылгы үөрэх дьылыгар номнуо ситиһиилэннилэр. Кинилэр РФ бырабыыталыстыбатын истипиэндьийээттэринэн буоллулар.

Бу истипиэндьийэ үрдүк үөрэх кыһа иһинэн баар орто үөрэх устудьуоннарыгар ананар. АГАТУ Өктөмнөөҕү филиалын устудьуоннара Герасим Афанасьев уонна Данил Шестаков «Тыа хаһаайыстыбатын механизацията» диэн идэҕэ үһүс кууруска үөрэнэллэр.

Кинилэр истипиэндьийэ бэриллэр ирдэбиллэригэр барытыгар толору эппиэттииллэр. Ол курдук, уолаттар иккиэн туйгун үөрэхтээхтэр, уопсастыбынньыктар, араас таһымнаах күрэхтэһиилэр призердара буолаллар.

Бу истипиэндьийэ иһин бүтүн дойдуттан элбэх устудьуон илин-кэлин түһүстэ. Онон Арассыыйа бастыҥнарын кэккэлэригэр АГАТУ устудьуоннара киирбиттэрэ улахан суолталаах.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0