АГАТУга саҥа идэлэри билиһиннэрдилэр

Ааптар: 
18.06.2021
Бөлөххө киир:

Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка 2021-2022 үөрэх дьылыгар туттарсыынан пресс-туур буолла. Тэрээһиҥҥэ быйыл саҥа аһыллар идэлэри билиһиннэрдилэр, агро роботтардаах полигон макетын көрдөрдүлэр.

edersaas.ru

Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Технология уонна управление кэллиэһэ “асчыт уонна кондитер дьыалата” идэҕэ үөрэтэргэ лиссиэнсийэ ылан, быйылгыттан үөрэххэ ылан эрэр. Үлэһиттэр билиһиннэрбиттэринэн, араас технологияны уонна тэрили туһанан, олохтоох  бородууктаттан (сырье) аныгы бүлүүдэлэри астыы үөрэниэхтэрэ. Дьарыктары университет преподавателлэрэ эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ, дойду ааттаах-суоллаах уһуйааччылара ыытыахтара диэн иһитиннэрэллэр. Устудьуоннар Дьокуускай куорат бастыҥ эрэстэрээннэригэр быраактыкаланыахтара. Кэлэр 2021-2022 үөрэх дьылыгар 9-с кылаас кэнниттэн, аттестат орто баалынан ылаллар.

Тэрээһиҥҥэ кэлбит “Гостеприимство” ассоциацията, Арассыыйа ресторатордарын уонна ательердарын федерациятын Саха сиринээҕи бэрэстэбиитэлистибэтин баһылыга Татьяна Тымырова: “Бүгүн бэлиэ тэрээһиҥҥэ кэллибит. Биһиги эйгэбитигэр суолталаах, ТОП-50 испииһэгэр киирэр кондитер уонна повар дьыаларын идэлэрин аһыллыытын сүрэхтэниитэ. Үлэ биэрээччилэр сэргииллэр. Күн бүгүн каадыр тиийбэтин боппуруоһа бастакы нүөмэрдээх кыһалҕанан буолар. Туризм, эрэстэрээн эйгэтэ күүскэ сайдан эрэр кэмигэр, Арктикатааҕы агротехнологическай университет Техологияҕа уонна управлениеҕа кэллиэһэ ирдэнэр, ВорлдСкиллс уонна бары сатабылга эппиэттиир каадырдары таһаарыаҕа. Ассоциация маныаха университеты кытта бииргэ үлэлэһиэҕэ, үлэһиттэри бэлэмнээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыаҕа, үлэ миэстэлэрин таһаарыаҕа, быраактыкаҕа ылыаҕа, устудьуоннарга аналлаах араас тэрээһиннэри, маастар-кылаастары ыытыаҕа. Дойду бастыҥ шеф-асчыттарын ыҥыран маастар-кылаастары ыыттарабыт. Чопчу бу идэлэр биһиги эйгэбит үлэтин өҥөтүн, хаачыстыбатын тупсарарыгар, бу салааҕа ирдэнэр үлэ миэстэтин сабарыгар эрэнэбит. Саха сиригэр уопсастыбаннай аһылык эйгэтигэр бүгүҥҥүтэ 6 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиир. Күн бүгүн өссө 1,5 тыһыынча курдук үлэһиккэ наадыйабыт, биллэриилэргэ ыйыллар”, — диэн кэпсээтэ.

“Аврора” эрэстэрээн асчыта Иннокентий Лукин: “Арктикатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университеты кытта быйылгыттан үлэлэһэн эрэбит. Арассыыйаҕа бастыҥ эрэстэрээн аатын ыллыбыт. Биһиги холдиммытыгар “Аврора”, “Махтал”, “Трапеза” киирэллэр. Аныгы үйэҕэ эдэр, талааннаах исписэлиистэр наадалар. Аныгы асчыттар, кондитердар таһымнара олус үрдээн турар. Эдэрдэр бу хайысхаҕа үөрэнэллэрэ үчүгэй, тоҕо диэтэххэ, улахан кэскиллээх идэлэр. Талааннаах устудьуоннары быраактыкаҕа, үлэҕэ ылыахпытын сөп. Эдэрдэр бэйэлэрэ идиэйэлээхтэр. Ону көрөн, сороҕор уларыта тутан олоххо киллэрэр кыах баар”, — диэн санаатын үллэстэр.

Ону тэҥэ, былырыыҥҥыттан саҥа киирбит «электроэнергетика уонна электротехника», «теплоэнергетика уонна теплотехника», «информационнай технологиялар уонна программирование» курдук аныгы олоххо ирдэнэр, үрдүк хамнастаах идэлэргэ эмиэ үөрэххэ ылаллар. Тустаах салаа кэскиллээх. Үөрэхтэрин бүтэрбиттэр араас электростанцияларга, тэрилтэлэргэ, хампаанньаларга, лабаратыарыйаларга, о.д.а. үлэлиэхтэрин сөп диэн үлэһиттэр бэлиэтииллэр. Бу үрдүк үөрэх буолар. Биир кэлим эксээмэн ирдэнэр: нуучча тыла, математика, физика эбэтэр информатика уонна ИКТ, омук тыла.

Арктикатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университет 2021-2022 үөрэх дьылыгар абитуриеннартан докумуону бэс ыйын 15 күнүттэн саҕалаан тутар. Быйыл 1300 устудьуону ылар былааннаах, итинтэн 903 — бүддьүөт миэстэтэ, 377 – төлөбүрдээх миэстэ, 112 – тус сыаллаах миэстэ.  Докумуоҥҥутун 3 көрүҥүнэн ыытыаххытын сөп:

  1. Тус бэйэҕитинэн кэлэн
  2. “Поступление в вуз онлайн” суперсервис нөҥүө
  3. Университет agatu.ru саайтыгар киирэн “Абитуриент тус кэбиниэтин” арыйан
  4. abiturient@agatu.ru киин тутар хамыыһыйа электроннай буостатынан
  5. Арассыыйа почтатынан.

Сиһилии +7(968)154-49-82, +7(4112)507-976 нүөмэрдэринэн билсиэххитин сөп.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0