АГАТУ устудьуоннара Германияҕа быраактыкаланаллар

Ааптар: 
20.07.2021
Бөлөххө киир:

Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай аграрнай университеты кытары сөбүлэҥ быһыытынан, АГАТУ устудьуоннара Баварияҕа быраактыкаларын бараллар.

edersaas.ru

Онуоха кинилэр ыалга олорллор уонна ыйга 550 евро хамнас ылаллар. Быраактыканы барыыга ньиэмэс тылын билии, массыынаны ыытар быраап, кыраныысса таһыгар тахсар пааспар итиэннэ икки түһүмэхтээх куонкуруһу ааһар ирдэнэр. Быйыл ветеринарнай медицина факультетын устудьуоннра Туйаара Романова уонна Георгий Москвитин быраактыкалана сылдьаллар. Туйаара Госсенбёрга фермер дьиэ кэргэнигэр олорор, оттон Георгий Бахернеҕа баар сылгы хаһаайыстыбатыгар үлэлиир. Кинилэр онно ыам ыйыттан сэтинньигэ диэри сылдьыахтара.

Быраактыкабын куораттан 7 км тэйиччи сытар Госсенбёрг диэн сэлиэнньэҕэ барабын, олорор ыалым бэйэтэ сүөһү ииттэр хаһаайыстыбалаах. Шефинья Белоруссияттан төрүттээх буолан, нууччалыы кэпсэтэбит. Пиэрмэтигэр 100 ынах сүөһүлээх. Сарсыардааҥҥы ыам сарсыарда 5 ч. 30 м, киэһээҥҥи ыам күнүс 4 чаастан буолар. Мин хотону (шталь дэнэр) ыраастыыбын, ыаһыҥҥа көмөлөһөбүн, ньирэй аһылыгын бэлэмниибин, ынах ыаммыт былаһааккатын, туттуллубут иһити-хомуоһу сууйабын. Быраактыкабын сөбүлүүбүн, ол эрээри дойдубун, дьоммун ахтабын, алта ый диэн олус уһун эбит. Бастаан этим-сииним көһүйэн хаалар этэ, билигин үөрэнним. Нэдиэлэҕэ биирдэ өрүүбүн, онно ыалбын кытары куоракка киирсэ сылдьыбытым, – диир Туйаара.

Үлэлиир да, олорор да усулуобуйа үчүгэй, – диир Георгий Москвитин. – Сылгылары көрөбүн, сарсыарда аайы мэччийэр сирдэригэр илдьэбин, онтон көньүүһүнэни ыраастыыбын, киэһэ сылгылары аҕалан отунан аһатабын. Быраактыкам үчүгэй эрээри, бастаан сарсыарда эрдэ, 6 чааска, турарбын ыарырҕаппытым. Билигин элбэххэ үөрэнним, вакансия баар буоллаҕына, манна үлэлиэххэ да сөп эбит, онуоха ньиэмэстии үчүгэйдик билиэххэ уонна үөрэҕи бүтэриэхххэ наада. Бахерне тыа сирэ дэнэр эрээри, толору хааччыллыылаах, тупсаҕай оҥоһуулаах буолан, куораттан итэҕэһэ суох.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ»хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0