АГАТУ уонна «Орто дойду» зоопарка бииргэ үлэлиэхтэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

АГАТУ уонна «Орто дойду» зоопарка бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.

Сөбүлэһии иитинэн, университет устудьуоннарын кытары бииргэ научнай бырайыактары олоххо киллэриэхтэрэ диэн АГАТУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Мунньахха бииргэ үлэлиир былааны дьүүллэстилэр, аныгы олоххо бэтэринээр идэтин суолтатын кэпсэттилэр.

«Хаачыстыбалаах үөрэҕи ыларга устудьуоннарга практическай чаас дьоһун суолталаах буолуоҕа. Сөбүлэһии иитинэн тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүн кэллиэксийэтин оҥорорго эбэһээтэлистибэ ылылынна. Ол курдук бу күннэргэ, зоопаркаҕа саха сүөһүтэ бэрилиннэ,  ону элбэтии уонна киэҥник тарҕатыы боппуруоһунан устудьуоннар дьарыктаныахтара», — диэн ректор эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Константин Кривошапкин эттэ.

Көрсүһүү түмүгэр, икки өттүттэн киирбит этиилэри өйөөтүлэр уонна салгыы бииргэ үлэлииргэ дуогабардастылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0