Биһиги ырааҕынан эдьиийбит Агата аатырар-сураҕырар кыраһаабысса этэ. Биллиилээх поэт бэргэнник этэн кэбиспитинии, күн үҥкүүлүүр уһун кыламаннаах арылхай харахтара, икки кииһи хардары туппут курдук хаастара, көпсөркөй хойуу суһуоҕа, бэйэтэ намыыннык тутта-хапта сылдьара, бэл хаамара аргыыйдык сыыйан саҥарардыын барыта ис киирбэҕэ, дьон-сэргэ болҕомтотун тутатына тардара. Айылҕа барахсан тас кэрэни хадаҕалыы сатаабыт этэ. Арай бу кэрэ дьүһүнүгэр дьүөрэлии кини майгылаах бастыҥа буоллун, үрүҥ чөмчүүк эриэ-дэхси тиистэрин кэчигирэтэн мичээрдээн, көрдөөх тэбэнэт кыымнарынан тула өттүн сырдата сырыттын! Ол эрээри эдьиийбит улахамсыга, тоҥуйа бэрт этэ, мин кинини кытта алтыһарым тухары хаһан да саҥа таһааран күлэрин истибэтэҕим, арай көрүдьүөскэ барбах ымах эрэ гынара.
Агатаны куоракка ийэбэр кутурук маһа буолан киирсибит сайыммар аан бастаан көрбүтүм. Сайылыктан кэлбит оҕоҕо кини куорат киинигэр үс хостоох кыбартыырата букатын ат сүүрэр таас уораҕайа буолан көстүбүтэ. Кини, оччолорго эдэрчи огдообо, онно икки уолунуун олороро. Кэргэнэ, элбэх сыл аҕа, сэбиэскэй-партийнай үлэһит, аҕыйах сыллааҕыта ыарытыйан өлбүт этэ. Биһиги бастаан сылдьарбытыгар нус бааччы олорор ыал этилэр. Павлик уонна Эдик, оччолорго оскуоланы бүтэрэн эрэр уолаттар, сайын Ботаническай садка үлэлии сылдьаллара. Куорат оҕолоро – муодунайдык таҥнан уонна баттахтарын бүрүчүөскэлэтэн, нууччалыы ыраастык саҥаран – биһигиттэн чыҥха атын, үрдүкү кэрдиискэ турар курдуктара, биһиэхэ, тыа оторой-моторой оҕолоругар, холобурга сылдьаллара. Оччотооҕу сиэринэн, төрөөбүт тылларын билбэттэрэ, билэ да сатаабаттара. Дьиэлэрэ мааны бөҕө этэ, хараҕым тута күндү ыскаапка тобус-толору кырыы-кырыыларынан турар араас дьэрэкээн көмүс солотуулаах, халыҥ тастаах, биһиги дэриэбинэбит бибилэтиэкэтигэр бэрт дэҥҥэ көстөр кинигэлэргэ хатана охсубута: хаарыаны-ы, аахпыт киһи баар ини! Мин бэркэ умсугуйан ааҕар, уһуннук уочараттаан тиксэр Александр Дюмам уон икки тома толору турара сөхтөрбүтэ. Күһүөрү унньуктаах уһун ардахтарга уот баран хааллаҕына, оһох уота тачыгырыырын иһиллии-иһиллии, биһиги дьиэ кэргэнинэн кинигэ ааҕар үгэстээх этибит. Оччоттон баччаҕа диэри итинник дууһаны сылаанньытар уонна көдьүүстээх сынньалаҥы билбэппин…
Агата уолаттарын туһугар тугу даҕаны харыстаабата, ол эрээри атаахтатан тараҥнаппат этэ, ирдэбиллээхтик, өссө кытаанах соҕустук диэххэ дуу, тутара.
Биирдэ маннык түбэлтэ буолла: киэһэ чэйдии олордохпутуна, аччыгый уол хантан эрэ табаарыстарыныын дьаарбайан кэлбитигэр, ийэтэ Эдиги куукунаҕа ыҥыран ылла. Уола улгумнук кэлэн, Агатаҕа нөрүйэн, уһуннук утары тыынна—ити аата, ийэ уола табахтаабытын-табахтаабатаҕын бэрэбиэркэлиир быһыыта эбит. Бу ыалдьыттар, ол иһигэр уолум саастыыта кыыс, олороллор диэн хайалара даҕаны кымаардаан көрбөтүлэр. Оттон мин испэр убайдааҕым буоллар маннык кыбыстыыга киллэриэ суоҕа этэ дии санаабыппын өйдүүбүн…
Онтон эһиилигэр хомсомуол путевкатынан, «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» чэрчитинэн түөрт сыл ыанньыксыттаабыт, биригэдьиирдээбит эдьиийбинээн үөрэх туттарсан устудьуон буоллубут. Бастаан утаа дьоммут соруйууларынан дьэдьэн барыанньатын, дьиэ хойуу сүөгэйин биитэр уолаттарга эбэм тайах дороххой тыһыттан сатабыллаахтык имитэн, бэркэ кыһанан-мүһэнэн тикпит тыс бачыыҥкаларын тиэрдэ бу ыалга хам-түм охсулларбыт. Уолаттар кэҕис гынан дорооболоспута буолан баран, түгэх хоско түһэллэрэ, эмиэ да сөп – ол биһигинниин, нууччалыы олуттаҕастык саҥарар дэриэбинэ кыргыттарыныын, тугу сэлэһиэхтэрэй? Оттон ийэлэрэ дьэрэкээн ойуулаах уһун солко халаата суугунаан, сыаналаах духуутунан дыргыйан куукунаҕа ыҥырааччы. Үүтэ суох барбатах чэйи кутаттаан баран, сигэриэтэтин уматтан, уһун синньигэс тарбахтарын быыһыгар кыбытан, буруотун бордууһуна диэки үрэ-үрэ, сөп буола-буола Золушка хурустаал түүппүлэтигэр майгынныыр күл иһитигэр күлүн тэбии-тэбии, астына табахтыыр. Онтон итэҕэһэ суох манньыйан олорон биһиги тыалыы судургу тылбытыттан-өспүтүттэн иҥнэр, өҥү-дьүһүнү сатаан дьүөрэлээн таҥныбаппытын сиилиир, култуурата суохпутун, ымах гына-гына, бэлиэтиир. Мин кини аата суох тарбаҕар бөдөҥ ньолбуһах янтарь таастаах кыһыл көмүс биһилэҕэ күн уотугар араастаан оонньуурун саҥата суох одуулуубун. Ити эбэм ойоҕос тостор уочаратыгар туран ылбыт биһилэҕэ этэ, тута Агатаҕа анаабыта…
Эдьиийим биһикки бу тымныы дьиэттэн түргэнник тэскилиир эрэ санаанан, сойбут чэйбитин сыыһа-халты ыйырбахтаат, таһырдьаны былдьаһарбыт, кэнники бу ыалга атахпыт төбөтүн даҕаны быктарбат буолбуппут.
х х х
Хас даҕаны сыл ааспыта. Улахан уол Ленинградка, аччыгый уол СГУ-га үөрэнэр сурахтара иһиллэрэ. Сотору Павлик аармыйаҕа барбыта. Онтон киһи үөйбэтэх өттүттэн сурах-садьык кэлбэт дуо: Агата улахан уола аармыйаттан кэлэн баран, үөрэҕин бырахпыт, ханна даҕаны үлэлээбэт, иһэр-аһыыр буолбут диэн. Агата эбээбэр, ийэбэр уолун үҥсэн уһун-синньигэс суруктары суруйара. Ол суруктартан билбиппит: Павлик маат-муут тылламмытын, табаҕын уоба сылдьарын, наар арыгы сыттаааҕын, хаарыан үөрэҕин бырахпытын, ол эрээри ханна да үлэлээбэтин. Онуоха эбии 17-лээх сып-сытыы кыыһы ойох ылбытын. Ол кыыһа бэлиэр ыарахан буолбутун уонна уол, итирэн кэлэ-кэлэ, ойоҕун кырбыырын, онуоха Агата саллан орооспотун, бэйэбин охсуо диэн куттанарын сиһилии, киһи уйадыйыах суруйара. Уолум ким даҕаны тылын истибэт диирэ. Биһиги дьоммут соһуйуу бөҕөнү соһуйаллара, ол эрээри бары дьахтар аймах, Агатаҕа хайдах даҕаны көмөлөһөр кыахтара суоҕа. Ийэм биирдэ куоракка киирэ сылдьан, Павлигы кытта анаан кэпсэтэ тиийэн баран, ааны кэтэҕинэн аһан тахсыбыта. Кэнники олох көрдөрбүтүнэн, ити барыта эрэй-муҥ саҕаланыыта эрэ эбит этэ…
Людмила Баишева-Федорова
“Үрүҥ түүн имэҥэ” диэн кинигэтиттэн