Бүгүн, алтынньы 1 күнүгэр, Аан дойдутааҕы аҕам саастаах дьон күнэ бэлиэтэнэр.
Үгэс быһыытынан Аҕам саастаах дьон күнүн алтынньы 1 күнүгэр бэлиэтээһини 1990 сыллаахха Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрин генеральнай ассамблеята ылыммыта. Бастаан утаа бырааһынньык быһыытынан Европа дойдуларыгар, Эмиэрикэҕэ бэлиэтииллэрэ. 90-с сыллар бүтүүлэриттэн аан дойду таһымыгар билиммиттэрэ.
Бу бэлиэ күн ытык кырдьаҕастарга, аҕам саастаах дьоҥҥо ураты болҕомто ууруллар. Саха сиригэр 10 күннээх Дэкээдэ ыытыллар. Бары саататар тэрээһиннэри тэҥэ, быйыл социальнай харалта, биэнсийэ пуондатын исписэлиистэрэ кырдьаҕастар бырааптарын көмүскүүр, кыһалҕаларын быһаарар боппуруостары быһаарыыга үлэлэһэр тэрээһиннэри хото тэрийдилэр,
Ол курдук, «төгүрүк остуоллары», «аһаҕас ааннары» тэҥэ дэкээдэ устата араас быһаарар-сүбэлиир кииннэр, быыстапкалар үлэлиэхтэрэ. Алтынньы 5 күнүгэр «Улуу Кыайыы 50 сыла» Спорт дыбарыаһыгар сарсыарда 10 чаастан киэһэ 17 чааска диэри кэккэ былаһааккаларынан арааран, икки этээһинэн араас маастар-кылаастар, сэминээрдэр, лиэксийэлэр ыытыллыахтара, туһалаах өҥөлөр оҥоһуллуохтара. Былаһааккаларга доруобуйаҕа туһалаах табаар атыыта, сөпкө аһааһыҥҥа лиэксийэ уонна маастар-кылаас, норуот маастардарын быыстапката буолуоҕа. Уйулҕа исписэлиистэрэ киһи санаатын көтөҕөр эрчиллиилэри ыытыахтара. Биллэн турар, 1 №-дээх былаһааккаҕа (киин спортивнай саала, 1-кы этээс) ыытыллар «Исписэлиистэн ыйыталаһан бил!» диэн аҕам саастаах дьон күннэтэ көрсөр уустук боппуруостарын быһаарыыга социальнай харалта управлениетын үлэһиттэрин сүбэлэрэ үгүс киһи болҕомтотун тардыаҕа. Ол курдук, манна биэнсийэлээх дьон туох чэпчэтиинэн туһаналларын, инбэлииттэргэ уонна кырдьаҕастарга аналлаах чааһынай пансионаттарын үлэлэрин билиһиннэриэхтэрэ, көмпүүтэри баһылааһыҥҥа үгүс сүбэни биэриэхтэрэ.
3 №-дээх «Доруобуйа» былаһааккаҕа (2 этээс) киһи сааһырыытыгар сыһыаннаах кэлим көрүү (комплексная гериатрическая оценка) ыытыллыаҕа. Кырдьаҕастары көрөр-истэр гериатр-быраастар сүбэ-ама биэриэхтэрэ.
Маны таһынан, атын былаһааккаларга норуот маастардара сиэлинэн тигиигэ, уруһуйга, атын да көрүҥнэргэ маастар-кылаастары оҥоруохтара, доруобуйаҕа туһалаах спортивнай эрчииллилэри ыытыахтара. Үҥкүүгэ талааннаах дьону үҥкүүлэтиэхтэрэ, аныгы муоданы 55+ саастаах дьон анаан көрдөрүөхтэрэ. Маны таһынан, баҕалаахтарга буор босхо баттахтарын кырыйыахтара.
Аҕам саастаах дьон күннэригэр анаммыт «55+ саастан уһун үйэлэниигэ хардыы» диэн социальнай хайысхалаах киэҥ далааһыннаах тэрээһин быйыл иккис төгүлүн ыытыллар. Онон бу сонун бырааһынньыкка актыыбынай кыттыыны ылыҥ, үөрэ-көтө сынньанан барыҥ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.