Аҕалыы уол Баһылаайаптар

Ааптар: 
15.12.2022
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын ортотун диэки оскуолаҕа үөрэҕим бүтэн дьиэлээри сылдьарым. Аҕам миигин ыла бэҕэһээ атынан кэлбитэ.

Бүгүн оскуолаҕа быраактыкабар үлэлээн бүтэн, дьиэлиир киһи буолан, санаам көтөҕүллэн эдьиийим Ааналаахха үөрэ — көтө кэлбитим.  Дьиэ таһыгар икки ат бааллан тураллара. Аҕам атын аттыгар Сымык миинэр миҥэтэ турара. Дьиэҕэ киирбитим бары аһыы олороллоро. Эдьиийим Аана миэхэ чэй кутан аһыырга ыҥырбыта. Дьиэлээх оҕонньор Сүөдэргэ икки Баҕадьа кырдьаҕастара кэлэн кэпсэтиилэрэ элбээбит этэ. Хам — түм көрсүһэр буолан кэпсэтиилэрэ элбэх буоллаҕа. Биир кэмҥэ кэпсээннэрэ дьиэни тутууга тохтоото. Ол кэмҥэ бөһүөлэккэ саҥа дьиэ туттуута, эргэ дьиэни кэҥэтии үгэннээн турара. Олох тупсан ыаллар уруккулуу биир дьиэҕэ симсэллэрэ тохтообута.  Бары туһунан дьиэлэнэр буолан барбыттара. Үгүстэр урукку кыра дьиэлэрин кэҥэттэр буолан барбыттара. Онон уус оҕонньоттор  ыҥырыыга сылдьан ити үлэҕэ күүстээх үлэни ыыталлара. Сүөдэр этэр: “Аны киһи барыта уус буолла. Бары бэйэ-бэйэттэн үөрэнсэн, аны саамай сүрүнэ уһанар тэрил дэлэйдэ”, — диэбитэ.

Сотору аппытыгар олорон Баҕадьалаабыппыт. Аҕам Сымыктыын ону — маны кэпсэтэ испиттэрэ. Ити Сүөдэр этиитэ сөптөөх урукку буолбатах туттар тэрил дэлэйдэ. Онон баҕалаах уһанан сайдарыгар барыта баар буолла дэспиттэрэ. Билигин бааллара буоллар соһуйуулара өссө улаатыа этэ. Аны билигин дьахталлар да уһанар буоллулар. Күн -түүн туттар тэрил арааһа айылла, үөскүү турар. Кырдьык ол ааспыт кэмнэргэ чахчы мындыр, сатабыллаах, талааннаах дьоннор ууһунан аатыраллар этэ.

Биир оннук киһинэн эдьиийим Аана Абрамова кэргэнэ Сүөдэр Сэмэнэбис Баһылаайап этэ. Кини төрдө Нам Модута. Уола Миитэрэй биһиги дойдуга маҥнайгы тыраахтары аҕалсыбыт киһинэн буолар. Кини ыраах Кэбээйи дойдутугар сэдэх идэлээх киһи буолан уонна сирин — уотун сөбүлээтэҕэ буолуо манна олохсуйардыы тэринэр. Инньэ гынан, дьонун саҥа сиргэ көһөрөн аҕалар, аҕата эмиэ кэлсиһэр. Манна кэлэн Сүөдэр эдьиийбин Аананы кэргэн ылар. Икки өттүттэн биирдии уол оҕолоох дьон холбоһоннор олохторо салҕанар. Мин түөрт сыл кинилэргэ олорон орто оскуолаҕа үөрэммитим.

Аны санаатахха, Сүөдэр дьиҥнээх саха киһитэ этэ. Уҥуоҕунан улахан төрөл эттээҕэ — сииннээҕэ. Убаан эрэр ньалҕаархай маҥан баттахтааҕа. Өссө саһарыах курдук толбонурара кини элбэх саастааҕын туоһулуура. Үгүстэри кырытыннарар мыччыстаҕас тириилээх сирэй киниэхэ суоҕа. Биир тэҥ ньуурдаах төгүрүк сирэйдээҕэ. Баҕар табааҕы туруулаһан туран тардыбатыттан эбитэ буолуо.
Аны, уҥуоҕунан көнөтө, биир тэҥник ыксаабакка хаамара. Чахчы да хааман мөлбөҥнүүр этэ. Онон эбит дойдутугар Мөлбө диэн хос ааттааҕа. Онтон иккис дойдутугар, биһиэхэ Тирэһэ диэн биирдэ эмэ ааттыылларын өйдөөн хаалбыппын. Тирэһэ диэн өһөс диэн суолталаах эбит. Тирээлэһэн тэйэр буоллаҕа. Оннук да этэ үлэтин саҕалаата да, бүтэрэн тэйэрэ. Кини барары — кэлэри сөбүлээбэтэ. Дьиэтиттэн ырааппата. Үгүс элбэх саҥата суоҕа. Ол да буоллар кини саҥата дуоспуруннаах, төһө да кэмчи буоллар элбэҕи этэр, толкуйдатар ис хоһооннооҕо. Биирдэ үлэһит буолан дойдубар бара сылдьыбыппар кини ол дойдум туһунан аҕыйах ыйытыы кэнниттэн Томпо дойдута хайдах буолуохтааҕын бэйэтэ саныырынан быһаарбыта барыта сөп буолбутуттан сүрдээҕин сөхпүтүм. Аны санаатахха, саха сылдьыбатах сирин — дойдутун кэпсээнинэн быһаарар дьоҕурдаах буолан бу киэҥ сири толору баһылаатаҕа.

Ааналаах Сүөдэр дьиэлэрэ Мукучу бөһүөлэгин илин кытыытыгар, сэдээн эрэр мастаах ойуур иһигэр турара. Дьиэ иннинэн сахалыы балаҕан салҕааһыннааҕа. Икки оһохтооҕо. Сүөдэр оһохторун бэйэтэ оҥороро. Онтун тупсаран оҥорорун улахаҥҥа уурбата. Биир кыһын күүстээх тымныылар түспүттэригэр тимир оһох киллэрэн туруоран турбатын кирпииччэ оһоҕун турбатыгар холбообута. Ону барытын Сүөдэр мындырдаан оҥорбут оһоҕор килиэп, буулачка кэриэрбэккэ буһан тахсара. Эдьиийим килиэбэ, буулачката куруук минньигэс буолара. Сүөдэр аһыы олорон уруккуну, дойдутун ахтан ылааччы. Кини этэрэ: ”Күһүн баччаларга дойдубар бурдук хомуллан бүтэр кэмэ. Саҥардыы хомуллубут сэлиэһинэй туорааҕын суорунаҕа мэлийэн тахсыбыт  бурдуктан оҥоһуллубут лэппиэскэни сиирбит, наһаа да минньигэс буолара. Аныгы бурдук ол оннук буолбат, тиийбэт. Өссө хара бурдук баара, ол сыттыын да астыга».
  Балаҕан сабараанньатын үрдүк гына оҥорбута. Онно оҕолор көмөлөһөр этибит. Балаҕанын түннүгэр муус уурара. Ити барыта дьиэ сылаас буоллун диэн оҥорор буоллаҕа. Бөһүөлэккэ бастакы сиипэрдэр кэлбиттэрэ. Ыалларга өлүүлээн атыылыыллара. Сүөдэр саха балаҕанын онон кырыыһалыырыгар биир тоһоҕото суох сиэрдийэ мастарынан баттатан тыал көтүппэт гына оҥорбута. Онтон биһиэхэ кэмиттэн кэмигэр куруук тыалырара. Дөрүн — дөрүн күүстээх тыал, буурҕа түһэрэ сонун буолбат этэ.  Балаҕан көтүрүллүбүтэ. Кыра дьиэбит биир эҥээринэн кэҥэппиттэрэ. Ол кырыыһатыгар ити бүтүн сиипэрдэр туһаныллыбыттара. Сүөдэр бастаан кэлэригэр ыаллар үгүстэрэ кырыыһата суох дьиэҕэ олороллоро үһү. Күүстээх ардахха онтулара тэстэрэ. Үөс сиртэн кэлбит уонна мындыр буолан соломонон кырыыһалардыы кини төрөл отунан кырыыһалыыр этим диэн кэпсиирин истэрим. Угут дьылларга от өлгөмнүк үүнээччи. “Кулун кутуруга” миэтэрэттэн лаппа уһуннаах буолара. Оту оймоон иһэр киһи төбөтө эрэ көстөрө, ол оннук хойуутук үүнэрэ. Сэниэлээх тыалга байҕал долгунунуу түллэҥнии хамсыыра, көрүөххэ кэрэтэ, умсугутуулааҕа.

Оччолорго нэһилиэнньэни миэбэлинэн быткомбинат хааччыйара. Ол ситэтэ суоҕа. Сүөдэр ордук хомуоттары мындырдаан оҥороро. Онтун хас оҥордоҕун аайы тупсаран иһэрэ. Кэлин оннооҕор похуот орон тимирин туттар буолбута. Кырааскалыыра, лаахтыыра. Онтун Сангаартан, куораттан ылларара. Кыһынын дьиэ иһигэр уһанара. Ол да буоллар ол онтон дьиэ иһэ ыһыллан бурҕаллан турбата. Наһаа ыраас, бэрээдэктээх, чөм туттунуулааҕа. Дьон кэлэн сакаас биэрэллэрэ. Оччолорго матырыйаал кэмчи этэ. Онон төһө кыалларынан дьон наадыйыытын барытын оҥоро сатыыра.
  Доруобуйата соччо үчүгэйэ суоҕа. Онон уутун хана утуйара. Быара ыалдьара. Ампулалаах глюкозаны кэмнээн иһэрэ. Күһүн муус ыларбытыгар дэлби тоҥнохпутуна, кини маннык сүбэлиирэ: «Эккитин, атаххыт, илиигит былчыҥын дэлби күүркэтиҥ, ол кэннэ эмискэ босхо ыытыҥ, оччоҕо тоҥмуккут ааһыаҕа», — диирэ. Өрөбүл күннэргэ сиэннэрэ Ваня, Федя кэлэ сылдьааччылар. Сороҕор хонооччулар даҕаны.

Уола Миитэрэй бөһүөлэкпит арҕаа өттүгэр олороро. Кини биһиги нэһилиэккэ бастакы тырахтарыыспыт буолар. Урукку олох сиэринэн Сүөдэр элбэх оҕолоох эбит. Ол онтон биир эрэ уола сааһын ситэн үлэһит буолар. Атыттара бу олохтон отой кыраларыгар барбыттар. Уола Миитэрэй тырахтарыыс идэтин баһылыыр. Саҥардыы үлэлээн эрэр эдэр киһини тыраахтардары Кэбээйигэ үс буолан илдьэллэригэр, үрдүкү салалта сорудахтыыр. Миитэрэйдээх хаһан да сылдьыбатах сирдэригэр ол оннук айаҥҥа туруналлар. Тыраахтардары этэҥҥэ аҕалаллар. Манна олохтоох дьонтон тута үлэлээн барар дьон суох буолан кини уонна биир дойдулааҕа Гуляев Сэмэн  хаалан үлэлииллэр. Онтон үһүс киһилэрэ Эртюков Уйбаан, Таатта, дойдулуур. Миитэрэй устунан олохсуйардыы сананар. Кини быһаарынна да ол онтун толорор төрүт кытаанах санаалаах. Онон дьонун бу саҥа сиргэ көһөрөн аҕалар. Аҕата эмиэ кэлсиһэр. Сүөдэр биир уоллаах дьахтары сөбүлүү көрөн, ыал буолаллар. Ол мин эдьиийим Аана. Ааната асчыт бэрдэ. Сүөдэр аҕыйах саҥалаах буоллаҕына Аана кэпсээн — ипсээн толору киһи этэ. Оонньуута — күлүүтэ, көрүдьүөһэ элбэх буолара. Сүөдэр да олохтоохтору кытта билсиһэн үлэтэ — хамнаһа элбээн барар. Аны сатаабата суох буолан кини ону — маны күннээҕи нааданы, олоххо — дьаһахха туһалааҕы оҥороро элбээн барар. Сүөдэр уһанар кэмигэр Аана оҕуруонан дьарыктанар. Ол курдук таба тыһа унтуу билэтин оҕуруотун араастаан өҥүн дьүөрэлээн тигэрэ. Оччолорго муода буолан сототугар туруору эмиэ киэргэтэ тигэллэрэ. Онон иккиэн сөбүлүүр дьарыктаах этилэр. Сүөдэр хомуотун иэччэҕин араас тутаахтарын, онтон Аана оҕуруо арааһын ыраах сиртэн сакаастаһар этилэр.

Миитэрэй тыраахтарын аҕаларыгар  суол диэн суоҕа. Бу дойду Нам сириттэн отой атына. Эҥсиэли хочото киэҥэ — куоҥа, онтон манна оннук диэн суоҕа. Арай байҕал курдук улахан күөллэрэ элбэҕинэн сөхтөрбүтэ. Онтон кыра күөллэрэ, көрдүгэттэрэ, үрүйэлэрэ, дьүөдьэлэрэ элбэҕин киһи ааҕа да барбат. Аҕата этэринии бу дойду сирэ намыһаҕын, ирбэт тоҥ мууһа чугаһын этэригэр толору сөбүлэһэрэ. Онон тыраахтардарын аҕалалларыгар элбэх эрэйи көрсүбүттэрэ. Барыта саҥаттан суол солооһуна этэ. Олохтоох салалта сири үчүгэйдик билэр оҕонньору сирдьитинэн анаабыта. Холкуос дьоно оҥорбут муосталара алдьанан хаалара. Оччоҕо тимир көлөҕө көмөлөһө оҕус да аҕалан тартарар түгэннээхтэрэ. Олохтоохтор көрө сылдьан оҥорор күрбэлэрин бөҕөргөтөр этилэр. Итинник дьаһанан ити кэмнэргэ нэһилиэктэр икки ардыларыгар суоллар оҥоһуллубуттара. Ол суоллар үксүгэр эргиир буоллаллара. Буолумуна сирэ үрдүгүн батыһар буоллахтара. Аттаах, сатыы дьон быһалыы ыллык суолунан чугастааҕы сайылыкка тиийэн чэй иһэ кэтэһэллэллэрэ. Үйэлэлэр тухары чуумпутук турбут сиргэ ыраах ньирилиир тыас иһиллэрэ. Чуор оҕолор ол ону эрдэ истэн кэпсии сүүрэллэрэ. Били ньирилиир тыастара биир сиртэн сыҕарыйбат буоллаҕына аны утары бараллара. Оҕолор батыһаллара. Тиийбиттэрэ тыраахтардара ханан да тумнуллубат үрүйэ синньиир сиригэр ортотугар дылы түһэн турар эбит. Тырахтарыыс Миитэрэй сирдьитинээн уонна хас да эдэр дьоннуун чугастааҕы тиит мастары кэрдэ сылдьаллар эбит. Тиийбит дьон саба түһэн көмөлөһөн бардылар. Суон маһы бадарааҥҥа батары уган төһүүлээтилэр. Тыраахтар иҥнэс гынан өндөс гыммытыгар көлөһө анныгар мастары симтилэр. Төһүү мастарын ылбыттарыгар тыраахтардара маарыҥҥытынааҕар эрэ кыратык өндөйбүт. Өрөҕөтө бадарааннаах ууга олорор эбит. Суон чөҥөчөх силиһэ тахсыбыта көһүннэ. Тыраахтардарын хаттаан төһүүлээн көтөхтүлэр. Бу сырыыга көмөлөһөөччүлэрэ тутталлара — хапталлара түргэтээбит. Туох да этиттэриитэ суох сөптөөх мастары ыгыта симэттээн кэбистилэр. Итинник ньыманан тыраахтардарын иккис өттүн эмиэ көтөхтүлэр. Өрөҕөтүн аннынааҕы чөҥөчөх лаппа көстөр буолбут. Хас да буолан бэркэ сыралаһан ол мэһэй буолбут уонунан сылларга ууга сытан кииллийбит чөҥөчөҕү уонна  хас да араас моһуоннаах мастары хостоотулар. Дьэ, ити сыралаах үлэ кэнниттэн тириппит — хоруппут Миитэрэй көлөһүн буолбут кирдээх сирэйин тапталлаах кэргэнэ хас да хонуктааҕыта биэрбит былаата тимир тордуохха баалла сылдьарын ылан сотунна. Тэбээн ылаат, саба түһэр кумаардартан, күлүмэнтэн сапсынаат сүүһүн саба маанан кэбистэ.  Таптыыр Муочатын былаатын маннык мааннаҕына күүһүгэр эрчим, сэниэтигэр сындааһын, санаатыгар сонун сүүрээн, тобуллаҕас өйө — санаата уһуктарын билэрэ …

Миитэрэй үгэһинэн эрдэ уһугунна. Кини туран таһырдьа таҕыста. Киирбитэ кэргэнэ, Муочуската, киниэхэ анаан остуолугар ас тарда сылдьар эбит. Улахан остуол биир уһугар олорон отур — ботур кэпсэтэ -кэпсэтэ аһаатылар. Кэпсээннээх Муочуската чаҕаархай куолаһын аччатан бу кылгас кэмҥэ элбэҕи кэпсээтэ. Ол быыһыгар оһоххо турар сылаас чаанньыгыттан чааскыга уу кута туран эргийбитигэр кэрэ сэбэрэтэ өссө тупсан көһүннэ. Тугу эрэ дьээбэлээҕи этээри гынан баран туттуммутун Миитэрэй тута сэрэйдэ. Оҕолорбутун уһугуннарыам диэн туттунар буоллаҕа. Дьиҥэр кини ооньуу — күлүү, кэпсээн — ипсээн толору киһитэ. Кэпсэтэ олорон чараас оһуордаах кырыанан бүрүллүбүт түннүгүнэн таһырдьаны көрө сатаабыта өссө да хараҥа эбит. Миитэрэй сып — сап аһаат киирэр аан таһыгар тиийэн таҥныбытынан барда. Сорох бэҕэһээ инчэппит таҥастарын сэгэрэ оһох кытыытыгар куурда уурбутун биир — биир биэртэлээбитин үөрүйэхтии  эбии таҥынна. Таҥнан бүтээт, хараҕын үгэһинэн симириктээн ылла. Чугас турар кэргэнигэр мичээрдии — мичээрдии, истиҥ иһирэх тыллары этээт, улахан ааны сэрэнэн сабан тахсан барда.

Сорох ыаллар оһохторун буруота халлааҥҥа хороччу тахсар. Бүгүн да тымныы. Хараастара кини олорор дьиэтитэн чугас үөскэ турар. Быһалыы омоох суолунан сотору хааман тиийдэ. Харааска киирбитэ киһи тыынара бурҕайар тымныы эбит. Оһох оттооччу оттубута ырааппыт да өссө сылытарыгар балачча кэм наада буолсу. Бу тымныы кэмҥэ оннук айылаах сылыйбат бу улахан хараас. Манна элбэх араас тиэхиникэ турар. Сорох үлэһиттэр тимир көлөлөрүн  түүн хойутаан киллэрэллэр. Онон мунньуллан испит сылаас аан аһылынна да таһырдьа куотар, тымныы иһирдьэ киирэр. Онон куруук сөрүүн, тымныы буолар. Бу маннык усулуобуйаҕа бары үлэлии сылдьаллар. Үлэ чааһа саҕаланыыта тыраахтардар собуоттанан бардахтарына киһи сатаан тыыммат сыта — сымара, ыыс — быдаан буолар. Онон тыраахтаргын түргэнник собуоттаан таһырдьа тахсыаххын наада. Үнүрүүн биир алдьаммыт тыраахтары маһынан астаран киллэрэ сырыттахтарына алдьархай буолбутун истибитэ. Эдэр аармыйаттан саҥардыы кэлбит, биир бастакы суоппар Иванов Май быраата, киппэ көрүҥнээх уол маннык туох да көстүбэт үлүгэригэр тыраахтарга баттаппыта. Ыар сыттаах салгынтан угаардаан төбөлөрө ыалдьара. Оннооҕор өлүү да түбэлтэтэ тахсара… Миитэрэй маннык ыарахан усулуобуйаҕа күөгэйэр күнүгэр сылдьан үлэлээбитэ. Аны санаатаҕына баччаҕа тиийиэҕэр хата этэҥҥэ ити моһоллору туораабыт. Бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ маннык ыарахаттартан эттэригэр — сииннэригэр улахан охсууну ылбыттарын харааста саныыр.

Алта уонус сыллар бүтэһиктэрин эргин биһиэхэ кураан эргийбитэ. Биһиги оскуола оҕолоро өрөбүлбүтүгэр хас да буолан сатыы Баҕадьаҕа барбыппыт. Кураан күһүн буолан хаамарга үчүгэйэ. Күөллэр икки ардыларынааҕы халыҥ кырыы тыалар синньигэс суоллара кэҥээбиттэр этэ. Бадарааҥҥа суолуттан көрдөххө биһиги күн аайы көрөр ДТ-75 буолбатах, атын  били нууччаларга эрэ баар сүүстээх тыраахтар лэппэрдээбит суола. Модун тыраахтар оту — маһы тоҕо солоон суол икки өттүгэр үтэйэ анньыбыт. Суолбут кэҥээн хаалбыт. Дьиэбэр тиийэн билбитим бу модун тимир көлөнү Миитэрэй муоһалаан сылдьыбыт эбит. Сопхуос салалтата бу тыраахтары Кыһыл Сыыртан «гаастартан» ылан баран  Миитэрэйгэ эрэнэн туттарбыттар. Кини ити эрэллэрин толору толорбута. Бу тыраахтарынан уон сыл устата баһаам элбэх үлэни оҥорбута.

Урукку тиэхиникэлэр бастаан оҥоһуллан тахсалларыгар кылаабынайа сыҕарыйара — хаамара, сүүрэрэ эрэ наада курдук этэ.  Онон бүтүннүү тимир бэйэтин кэбиинэтэ быыһа ачаҕаһа аһара элбэҕэ. Тымныы тыйыс айылҕалаах Саха Сиригэр тиэхиникэ  сайдыыта саҥардыы кэлэн барбыта. Онон сөптөөх тиэхиникэ айылларыгар өссө да бириэмэ наада этэ. Олох биир сиргэ турбат. Бэлэмэ суох тиэхиникэни үлэлэтиэххэ хайаан да наадата. Ол оннук бастакы тыраахтардартан саҕалаан олоҕун барытын тиэхиникэҕэ аннаабыт биир киһинэн, Кэбээйи Мукучутугар  Васильев Дмитрий Федорович буолар.

Дмитрий Федорович тоҕус уонун ааста. Ытык кырдьаҕас билигин да холкутук массыынаҕа олорсор. Ыраах да айаҥҥа барсар.  Тоҕус уонугар Находкаҕа барсан кэлбитэ. Ол онтон мин улаханнык соһуйбутум, сөхпүтүм. Аныгы массыына сымнаҕас олбохтоох сылаас кэбиинэтигэр олорон элбэҕи саныыр буолуохтаах диэн сэрэйэ саныыбын. Урукку тыраахтар кабинатыгар төҥкөйдөххө аллара хайаҕастарынан сир көстөрө, хаар — сиик кыыдамныыра, тыал үрэрэ, быыл бурҕайара. Сылытар оһох диэн суоҕа. Аны тыаһа, бу дэлби барыахтыы  улахана, аттыгар олорор киһилиин хаһыытаһан кэпсэтэриҥ. Арай, кэлин оннук курдук тыас орто уола салайан көтүтэр бөртүлүөтүгэр олорустаҕына буолааччы. Аҕатын уола таарыччы хоту сири көрдөрө, иккитэ-үстэ бултата илдьэ сылдьыбыт түгэннэрдээх. Оҕонньор, хамандыыр уолун аттыгар кириэһилэҕэ олорон, умуллан турар бөртүлүөт салайар ырычаактарын туттаҕына, таптыыр тимир көлөтүгэр, уолугар таптала куруук баара биллэн ааһара. Көтөр аал тус хоту көтөн истэҕинэ, хаһан эрэ хаар кыырпахтара атаҕын анныгар будулуйаллара суоҕа, ол оннугар таас өстүөкүлэ нөҥүө атаҕын анныгар, ыраах, кыччаан сир хартыыната көстөрө. Оҕонньор долгуйан хамсаабакка олороро.

Олох тупсар. Сайдыы балысхан.

Бу олорон ааспыт олоҕо барыта тимир көлөнү кытта сибээстээх. Холкуоска, сопхуоска кэлэр саҥаттан саҥа тиэхиникэни барытын баһылаабыта. Киниэхэ эрэнэллэрэ. Ол ону барытын чиэстээхтик толордо.Тус олоҕор барыта эриэ дэхси буолбатаҕа. Ыарахан кэмнэр да бааллара. Чугас дьону сүтэрии, дьиэ — уот эмсэҕэлээһинэ. Ол ону кытаанах, инникигэ эрэллээх буолан аһарыммыта. Дьиҥнээх дьон киһитэ буоллаҕа.

Дьэ, оннук киһи Дмитрий Федорович Васильев, Кэбээйи улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

Алаас Уола

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0