Агафья Тарасова сүбэтэ: Арассааданы таһырдьа таһаарыах иннинэ

Ааптар: 
08.05.2018
Бөлөххө киир:

Ньурба Антоновкатын олохтооҕо, дэгиттэр оҕуруотчут Агафья Тарасова бүгүн арассааданы тэпилииссэҕэ таһаарыах иннинэ көрүүгэ-истиигэ сыһыаннаах үөрүйэҕин үллэстэр.

edersaas.ru.

Арассаадалары сөрүүҥҥэ үөрэтии

Олус сылаас дьиэҕэ үүммүт үүнээйилэр, арассаадалар сүрдээх уйаҕас буолаллар. Ити иһин, таһырдьа таһаардахха ыалдьан, үүнүүлэрэ бытаарбатын туһугар эрдэттэн эрчийиллэр. Бастаан форточканы арыйан, арассааданы сөрүүн салгыҥҥа үөрэтиллэр. Уу кутуутун аҕыйатыллар эрээри, олус куурдуллубат. Ордук помидор, баклажан уонна биэрэс буордара хаттаҕына, бутуоннара түһэр кутталлаах. Биири өйдүүр наада: помидор арассаадата тахсыбыта икки-үс нэдиэлэтигэр бытааннык үүнэр, онтон сыыйа түргэтиир, аны сылааска уһаан хаалар. Олус улааппатын диэн, дьиэҕэ турар кэмигэр салгын оонньуур сиригэр туруоруллар.

Ыам ыйын 10 күнүн кэнниттэн, халлаан үчүгэйдик сылыйар буоллаҕына, таһырдьа таһаарыахха сөп. Бастаан тэрээһэҕэ биитэр тыал үрбэт сиригэр туруоруллар. Үүнээйи күн уотугар оҕустарбатын наадатыгар, күлүккэ тутуллар. Бастакы күннэргэ күнүс эрэ таһаарыллар, сыыйа бириэмэтин уһатан, халлаан лаппа сылыйыыта сарсыарда 9 чаастан киэһэ 4 чааска диэри туруоруллар. Күн уотугар эмиэ сыыйа үөрэтиллэр. Оттон дьиэ сөбүгэр сөрүүн уонна салгыннаах буоллаҕына, таһаарымыахха да син эрээри, өстүөкүлэ нөҥүө тыгар күн уотун сыралыттан харыстыахха наада.

Үчүгэй оҥоһуулаах тэпилииссэҕэ арассаадалары арыый эрдэ да таһаарыахха сөп. Холобур, мин дьэдьэннэрбин, клубникаларбын Пиэрибэй Маайга таһаарбытым. Тэпилииссэм буорун сахсатан баран, алларааттан тымныы үргүйбэтин диэн, хортуон тэлгэппитим уонна үүнээйилэрбин пенопласт үрдүгэр туруорабын. Киэһэ 9 чаас саҕана бүрүйэн хонноробун.

Өйдөөҥ: Салгыҥҥа үөрэммит, сөрүүнү-итиини тулуйар, чэгиэн арассаада олус уһуна суох, умнаһа бөҕө, төрдө сөбүгэр суон, хараҥатыҥы күөх дьүһүннээх буолар. Хаппыыста арассаадатын сэбирдэхтэрэ буосканан сотуллубут курдук буолар, ити кини көмүскэнэр араҥата.

Оҕурсуу сиэмэтин муохха тылыннарыы

Баччаларга оҕурсуу, тыыкыба, кабачок арассаадаланаллар. Олору мин муохха тылыннарабын. Баҕар, биир эмит саҥа саҕалааччы баара буолуо, ол иһин сиэмэни муохха хайдах тылыннарары хатылыыбын. Муоҕу иһиккэ тэлгээн баран, сылаас уунан ыстаран, сиэмэлэри ууруллар уонна муоҕунан чараас соҕустук сабыллар. Сылаас сиргэ ууруллар. Сиэмэ үстүөрт хонугунан силиһин биэрэр, ону тута буолбакка, үүнэ түспүтүн, кыаҕын ылбытын кэннэ, буорга силиһин муоҕуттан араарбакка олордуллар.

Өйдөөҥ: Бу кылгас күнү сөбүлүүр үүнээйилэр. Ол иһин арассаадаларын күн аҥара күҥҥэ, күн аҥара күлүккэ тутуллар.

Төрдүгэр астаахтар
Ыам ыйын ортотуттан са
ҕалаан сүбүөкүлэ, батуун луук, моркуоп, эрэдьиискэ, петрушка, укуруоп, чочунаах уонна салааттар олордуллаллар. Бу бары тымныыны тулуйумтуо, көрүүгэ даҕаны, буорга даҕаны хаппырыыһа суох үүнээйилэр. Хаар ууллан, бааһына буора сараҕыйда да, сирэ түргэнник ирдин диэн, лутрасилынан, спандболунан бүрүйүллэр. Буор 20 см кэриҥэ ирдэҕинэ, күрдьэҕинэн түөрэн, салгылатан биэриллэр. Түгэҕэр кураанах күлү таммалатыллар, ол кэнниттэн икки-үс хонугунан сиэмэни ыһыллар. Наһаа сырдыкка, сылааска эрэдьиискэ үүнэр күүһэ сэбирдэҕэр барар, оттон күлүк сиргэ олордулннаҕына, минньигэс амтаннанар. Батуун луугу кыстатар буоллахха, элбэх сыллааҕы ыһыллар, кирээдэтин икки эрээтинэн ыытыллар. Чочунааҕы өлүүскэлэринэн арааран, кыра ууга туруоран силис таттарыллар итиэннэ кирээдэҕэ 5 см дириҥнээх, 7-8 см арыттаах олордуллар. Тымныыттан куттаммат, ол иһин сабар наадата суох.

Кур сэбирдэхтэри, от сыыһын уматыҥ

Сир куурда да, тиэргэҥҥэ баар сэппэрээктэр, мастар кур сэбирдэхтэрин, сыыс оту харбаан, уматыҥ. Ити сэбирдэхтэри кытта тэллэй, бурдуктуҥу сиик курдук ыарыылар уонна тилээ үөскэҕэ хаалбыт буолуохтарын сөп, ол иһин барытын уматар ордук. Ол кэнниттэн фитоспориннаах суударадаһынынан ыстаран эмтээҥ. Маннык дьаһаллары кэмигэр оҥордоххо, күөх үүнээйи да, мас да ыарыыга ылларбаттар.

Лабыкта туһата
Тыаҕа, ордук бэс чагдаҕа, үүнэр лабыктаны дэлби мэлийэн, сибэкки буоругар булкуйдахха, үүнээйи туох да атын эбии аһалыкка, уоҕурдууга наадыйбат. Оҕуруот аһын буоругар эбиэххэ эмиэ сөп.

Сибэккини бэйэтин иһитигэр
Мин атыылаһан ылбыт сибэккибин уонна сэппэрээкпин бэйэлэрин хоруопкаларыгар олордобун. Түөрт өттүттэн быһан, бүк тутабын уонна эрэһиинэнэн туттаран кэбиһэбин. Суруга-бичигэ көстө сылдьар буолан, атыттары кытары буккуллубат. Кыра уктаахтары үрдүнэн баайан, пластик бытыылканан бүрүйдэххэ, сылааска түргэнник тыллар. Таһырдьа таһаарыахха диэри ити курдук турар.

Уон икки сүмэлээх сүбэ:
1. Буору убаҕас марганцовкалаах итии уунан эмтиир ордук.

2. Бэйэ ылбыт сиэмэтин иккис сылыгар олортоххо, үүнүүтэ өлгөм буолар.

3. Сиэмэни аһара эрдэлээн биитэр хойутаан ыһыллыбат, туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх.
4. Бөдөҥ соҕус сиэмэлэри муохха тылыннарар ордук.

5. Үүнээйини күннээх эрээри, сөрүүн соҕус хоско үүннэрдэххэ, чэгиэн буолар. 6. Оҕурсууга сылаас ууну, умнаһын таарыйбакка, тула кутуллар.

7. Дьэдьэни, клубниканы уонна оҕурсууну нэдиэлэҕэ биирдэ көөнньөрүллүбүт килиэп уутунан аһатыҥ.
8. Баклажан уонна помидор сибэккилэрин туурумаҥ, биэрэс сибэккитин бастакы икки бутуонун ылыҥ.

9. Луугу, чесногу ыам ыйыгар, сахсырҕа түһэ илигинэ, олордуҥ.

10. Хаппыыста быыһыгар намыһах бархатцыны олордуҥ, үөнтэн харыстыаҕа.

11. Кыстаабыт дьэдьэҥҥит, клубникаҕыт тула күллэ кутан, буорун көбүтүҥ.

  1. Помидорга уонна атын да сибэккилэнэр үүнээйилэргэ ууну үрдүлэригэр кутумаҥ, кыайан куоппаһырдыллыбакка, аҕыйах аһы кутуохтара.

    Бэчээккэ бэлэмнээтэ Раиса Сибирякова, “Саха сирэ”, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0