Мин кабачуок арасссадатын (кыччаабыт бастакы сэбирдэхтэрин тоноон баран) эрдэттэн бэлэмнээбит лууҥкабар хара буору эбэн уонна ууну дэлэччи кутан, үчүгэйдик иҥпитин кэннэ олордобун. Күн аайы буорун сахсатан биэрэ-биэрэ, уу кутабын. Улаатан ылсан бардаҕына, түөрт-биэс күн уу кутуутун тохтотобун. Ол аата уу куппакка мөлтөтөн, стресс биэрэбин.
Бэһис күнүгэр кыралаан уу кутан бардахпына, астаах сибэккилэр дьэ тахсаллар. Кураанах сибэкки бөҕөтө таҕыстаҕына, олору олох туурбаппын. Турдуннар, наада буолуохтара. Сарсыарда эрдэ, аҕыс чааска диэри, тиксиһиннэрэн бүтэбин. Мэлдьи туттар мүөтүм ньымата манна туһалыыр. Хойутуу алларааҥҥы сэбирдэхтэрэ наһаа хойдон улааттахтарына, алларааҥы икки эрэ сэбирдэҕин быһан быраҕабын.
Аһатар да кэмнээх
Оҕуруот аһын хайдах уонна тугунан эбии аһатар туһунан батсаабынан тарҕанар араас “ыйыыны-кэрдиини» барытын итэҕэйэр итиэннэ үүнээйини санаатах ахсын эбии аһатар көдьүүһэ кыратын ааһан, буортулаах. Ханнык баҕарар үүнээйини, оҕуруот аһын олохтоох сиригэр көһөрбүт кэнниттэн биирдэ аһатыллар. Онтон ордук аһаттахха, иҥэмтиэлээх эттигэ барыта уктаах сэбирдэҕэр эрэ барар, аһы биэриитэ тохтуур.
Кабачуокка, патиссоҥҥа астаах сибэккилэр тахсалларын наадатыгар түөрт-биэс күн устата уу куппакка, ол оннугар тээпкэнэн буорун таптайан биэрэн баран, кыралаан уу куттахха, аһы үчүгэйдик биэрэллэр. Бу ньыма дэлэй ууга наадыйар тыыкыбаҕа барсыбат. Биэрэс, помидор элбэх аһылыгы ирдээбэттэр. Иккис аһатыыны от ыйын 20 күнүн эргин, чопчулаан эттэххэ, бастакы хомууру ылан баран, иккис түһүмэххэ киирэр саҕана оҥоруллар.
Мүөт туһата элбэх
Наар астаах биитэр төрүт кураанах сибэккилэр тахсар эбэтэр тахсан иһэн сытыйан хаалар буоллаҕына, мин маннык албаһы туттабын.
Бастакыта: өскөтүн оҕурсууга биитэр кабачуокка кураанах сибэккилэр эрэ тахсар буоллахтарына, түөрт хас күн устата ууну кутары тохтотобун, оччоҕуна, саҥа, астаах сибэккилэр, үүнэллэр. Иккиһинэн, биир остолобуой ньуоска мүөтү биир лиитэрэ ууга суурайан баран, үүнээйигэ, сибэккитин эрэ буолбакка, сэбирдэхтэрин бүтүннүү кэрийэ сылдьан ыстарабын. Мүөт дыргыйар сытыгар тигээйилэр, ыҥырыалар кэлэннэр, үрүмэччилэр үмүөрүһэннэр, дьэ, оҕуруотум аһын барытын куоппаһырдаллар! Быһата, улахан үлэни оҥороллор.Өйдөөҥ: мүөт суурадаһынынан ыстара сырыттахха, үүнээйи түргэнник ситэр, улаатар.
Чэй барахсан!
Сахалар олус чэйимсэхпит. Кыһыны быһа испит чэйбит быыбаркатын мунньан, хатаран, ханнык баҕарар үүнээйи (кыһыҥҥы сибэкки, арассаада, оҕуруот) буоругар эптэххэ, буор төрүт тупса түһэр, көрү-көпсөркөй буолар. Онон, чэй быыбарката туох да химията суох бэртээхэй уоҕурдуу!
Илиибит иһигэр баар уоҕурдуулар
Сибиэһэй үүтүнэн, эмис этинэн иитэн-аһатан олорор хороҕор муостаахпыт барахсан оҕуруокка туһата кэмэ суох. Ол курдук, сибиэһэй ынах сааҕын күрдьэҕинэн баһан сүүрбэ лиитэрэлээх уулаах баахха кутан, уонча хонукка туруоруллар. Биир лиитэрэ суурадаһыны биир биэдэрэ ууга суурайан үүнээйилэргэ кутуллар. Уунан убатыллыбыт ынах иигэ оҕурсууга ордук үчүгэй. Уон хонукка биирдэ туттуллар.
Күл үүнээйигэ барытыгар барсар. Кураанахтыы буорга таммалатыллар эбэтэр суурадаһын оҥорон кутуллар. Ыстакаан аҥаара күлү биэдэрэлээх ууга суурайан баран, уон күҥҥэ биирдэ кутуллар.