Агафья сүбэтэ: Төрдүгэр астаах култууралары олордуу

Ааптар: 
16.05.2019
Бөлөххө киир:

Биһиги балаһабыт эрэллээх аргыһа, Ньурба улууһун Антоновка бөһүөлэгин олохтооҕо, Агафья Тарасова бүгүн төрдүгэр астаах култууралары хайдах олордору сүбэлиир.

edersaas.ru

Кирээдэ буорун байытыы

Ыам ыйын ортотуттан саҕалаан сүбүөкүлэ, батуун луук, моркуоп, эрэдьиискэ, петрушка, укуруоп, чочунаах уонна салааттар олордуллаллар. Бу тымныыны тулуйумтуо, көрүүгэ даҕаны, буорга даҕаны хаппырыыһа суох үүнээйилэр.
Бааһына буора 20 сантиметр кэриҥэ ирдэҕинэ, күрдьэҕинэн түөрэн, салгылатан биэриллэр. Кыһын бааһынаҕа балбаах ууруллубут буоллаҕына үчүгэй, оттон ол кыаллыбатах түбэлтэтигэр, эргэ пиэрмэ таһыттан кунус аҕалан эбэр наада. Мас көөбүлэ уонна хаппыт сылгы сааҕа эмиэ эмиэ бэртээхэй эбииликтэр. Көөбүлү кыһын хаарга кутан кэбистэххэ, ыам ыйыгар хаар ууллан, салгын уонна күн уота сиэн, сымалата салгыҥҥа көтөр, онно хаппыт сылгы сааҕын булкуйан, тэпилииссэ буорун түгэҕэр эбэтэр таһырдьа хортуоппуй, хаппыыста о.д.а. сирдэригэр кутан, буору саҥардыллар. Өссө күлү эбиэххэ сөп. Көпсөркөй буор тууһурбат, салгыннаах буолан, үүнээйи тыынар уонна өлгөм аһы биэрэр.

Сиэмэни ыһыы

Бэйэтэ туһунан сатабыллаах. Ол курдук, бастатан туран, кирээдэ буорун кыратык хаһан баран, илиини уган көрүллэр. Буор илиигэ сыстар буолла да, сиэмэни ууну куппакка олордуллар, оттон буор кураанах түбэлтэтигэр, кыратык уу кутан, сиигирдэ түһүллэр.
Сиэмэни хаатыттан мээнэ таммалаппакка, ытыска сүөкээн ылан, ыксаабакка, тэйиччи-тэйиччи соҕус ыһыллар. Бытархай сиэмэни кураанах кумахха булкуйан ыһан баран, буорунан тарыйан, сэрэнэн уу кутуллар. Бөдөҥ сиэмэлэри иккилиинэн олордуллар, хайата ордук күүстээҕэ хаалыаҕа, мөлтөҕө тууруллуо. Даҕатан эттэххэ, сиэмэни ыһарга дьөлөҕөстөөх пластмасса иһит ордук, мас дьааһык барсыбат, тоҕо диэтэххэ, уутун иҥэринэн түргэнник түүнүгүрэр.
Эрдэ сиир салааты саас тэпилииссэ буора кыратык ирдэ да ыһыллар. Петрушканы саас, ыам ыйыгар, кирээдэ буора ирдэ да ыстахха, эрдэ ситэр. Укуруобу уонна батуун луугу сир улаханнык ирэн сылыйа илигинэ ыстахха, үчүгэйдик тахсаллар. Батуун луугу кыстатарга былаанныыр буоллахха, элбэх сыллааҕы ыһыллар, кирээдэтин икки эрээтинэн ыытыллар. Кирээдэни икки эрээтинэн ыытан, моркуобу уонна сүбүөкүлэни сэргэстэһиннэрэ олортоххо, бэрт төрөлкөй буола үүнэллэр. Олордорго моркуоп «Королева осени» суорда үчүгэй. Аһа бөдөҥ буолар, силиһэ дириҥник үүнэр, ону таһынан, харайарга даҕаны табыгастаах. Күһүҥҥү тымныыга өссө силигилиир, отун быһан, үрдүгэр саба быраҕыахха сөп. Наһаа сырдыкка, сылааска эрэдьиискэ үүнэр күүһэ сэбирдэҕэр барар, оттон күлүк сиргэ олордулуннаҕына, минньигэс амтаннанар. Эриэккэни бэс ыйын ортотун ааһыыта олортоххо, үөн сиэбэт. Чочунааҕы өлүүскэлэринэн арааран, кыра ууга туруоран силис таттарыллар итиэннэ кирээдэҕэ биэс сантиметр дириҥнээх, сэттэ-аҕыс сантиметр арыттаах олордуллар. Тымныыттан куттаммат, сабар наадата суох. Биэрэһи уонна баклажаны олохтоох сирдэригэр көһөрөргө буору наһаа дириҥник хаһыллыбат, арассааданан үүммүттэрин саҕа дириҥҥэ олордуллар, оччотугар кинилэр ыалдьыбаттар, кэмигэр ситэн-сайдан, модьураан түргэнник сибэккилээн, астарын биэрэллэр. Бораганы (оҕурсуу ото дэнэр үүнээйини) кирээдэ быыһыгар олордон, сэбирдэхтэрэ мастыйа илигинэ хомуйан, оҕурсу ситэ илик кэмигэр салаакка кутан амтаны тупсарыллар. Сайын сэппэрээк курдук буола үүнэр, сибэккилээн, оҕуруот сирин бэркэ киэргэтэр. Хортуоппуйу күл суурадаһыныгар эбэтэр марганцовкалаах ууга уган ыла-ыла олортоххо, ыарыыга ылларбат.

Солбуһуннаран олордуу

Үүнээйи буортан араас иҥэмтиэлээх эттиги иҥэринэн үүнэр буолан, хас да сыл устата биир кирээдэҕэ олордуллар култуура үүнэрэ, аһын биэрэрэ аҕыйаан, кэхтэн иһэр. Ол иһин оҕуруот аһын ханнык баҕарар көрүҥүн наар биир сиргэ олордуллубат. Холобур, биир уһун кирээдэҕэ былырыын үс көрүҥү (моркуобу, эрэдьииһи уонна луугу) олордубут буоллахха, быйыл моркуоп оннугар эрэдьииһи, эрэдьиис миэстэтигэр луугу, оттон луук үүммүт сиригэр сүбүөкүлэни олордуллар. Дьэдьэни, клубниканы үс сыл устата биир кирээдэҕэ үүннэрбит кэнниттэн, төрдүс сылыгар атын сиргэ көһөрөн олордуллар, инньэ гымматахха, аһы биэрэри тохтотоллор. Үүнээйилэри миэстэлэрин уларытан олордор ньыма эргитэн ыһыы (севооборот) дэнэр. Табылыыссаны көрүҥ:


Иллээх дьукаахтар

Бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэр көрүҥнэри кэккэлэһиннэри олортоххо, үүнүү үрдүүр. Оттон төрүт “сөбүлэспэт” үүнээйилэр дьукаахтастахтарына, үүнүү кэхтэр. Үрүҥ сүрэхтээх хаппыыста аттыгар салааты, луугу, сельдерейы, укуруобу, эрэдьииһи, хортуоппуйу олордуохха сөп. Хаппыыста быыһыгар турар укуруоп “ыалын” амтанын тупсарар, үөнү-көйүүрү, ол иһигэр тилээни үүрэр. Оттон хортуоппуй помидору, оҕурсуну, сүбүөкүлэни, сельдерейи кытары ыаллаһарын “сөбүлээбэт”.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0