Ньурба Антоновкатын олохтооҕо Агафья Тарасова тэллэйи туустуурга маннык сүбэлиир.
edersaas.ru
Хара тыа биир күндү бэлэҕин, тэллэйи, туустаан хаһаанарбар мин хас да төгүл оргутабын. Бастатан туран, тэллэйи хомуйан кэлээт, тута ыраастыыр наадатын хаһаайка барыта билэр. Мин тэллэйи кичэйэн сууйан баран, бытархайдарын бэйэлэринэн хаалларабын, бөдөҥнөрүн икки-түөрт гына кырбастыыбын. Сэлээппэтин уонна атахтарын устатынан аҥаардаан көрөн, ыраас буоллахтарына эмиэ аҥаардыыбын, дьиэктээҕи, үөннээҕи быраҕабын, сэлээппэтин эрэ хаалларабын. Бу кэнниттэн тута тууһуубун, сарсыҥҥыга эҥин хаалларбаппын, оттон бириэмэм суох түбэлтэтигэр, ыраастаат, морозильникка уган кэбиһэбин. Онуоха салапааҥҥа барытын бииргэ куппаппын, оннукка ириэрэр саҕана илдьирийэн хаалар, ол иһин туттарга табыгастаах буоллун диэн, бакыакка биирдии араҥанан ууран тоҥоробун.
Ыраастаммыт, сууйуллубут тэллэйи лаахтаах көстүрүүлэҕэ чаас аҥаарын устата оргутабын итиэннэ уутун сүөкээн баран, итии ууну кутан саҥаттан 15 мүнүүтэ тэптэрэбин. Туустуубун. Манна дьуоттаах (йодированнай) тууһу куппаппын, «каменная» эбэтэр «для консервирования» диэн суруктаах тууһу, эбэтэр баар буоллаҕына, Кэмпэндээйи бөдөҥ тууһун туттабын.
Иккис оргуйуута бүтэн эрдэҕинэ, түөрт остолобуой ньуоска 9%-наах уксууһу кутабын итиэннэ эрдэттэн сууйан бэлэмнээбит бааҥкаларга кутабын. Ол кутуом иннинэ бааҥка ахсыгар биирдии лавровай сэбирдэҕи, гвоздиканы уонна биэс устуука хара биэрэс тоорумаһын угабын. Хаппахтыыбын. Улахан көстүрүүлэ түгэҕэр түөрт хос маарыланы тэлгэтэн, били бааҥкаларбын онно ууран баран ортолоругар диэри уу кутан, чаас аҥаарын кэриҥэ оргутабын. Ити аата хаппахтаах, тэллэйдээх бааҥкаларбытын стерилизациялыыбын, оччотугар эрэ тэллэйим туох куттала суох буолар, үчүгэйдик харайыллар.
Салгын киирбэт гына ыга хаппахтыыбын уонна таҥнары тутан баран уурабын, халыҥ таҥаһынан (пледынан) бүрүйэбин. Сойбутун кэннэ сөрүүн, хараҥа сиргэ таһааран уурабын.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru